БАСТЫҤ КҮН (хоһооннор)

06.03.2019
Бөлөххө киир:

                                                                                                     Полина-Победа.

  БАСТЫҤ КҮН

 

Сааскы күммүт уһаата

Сахта сырдык санааны,

Кубулҕаттаах кулун тутар

Үүрдэ курус санааны.

Кубулҕата төрүт суох

Кулун тутар аҕыһа!

Кэллэ күүтэр сүрэххэ

Кэрэ букет тутуурдаах.

Дьахтар аймах бу күҥҥэ

Сибэккилии симэннэ,

Сиккиэр тыалбыт кытары

Таптал тылын сипсийдэ.

Кулун тутар аҕыһа

Сааскы күммүт бастыҥа,

Таптал, үөрүү, көрсүһүү

Өрөгөйдүүр бу күҥҥэ! 

            АРААҺА

Айылҕам кэрэтин таптааммын

Турбутум ол үрдүк мырааҥҥа,

Арааһа ол мыраан кэтэҕэр

Эдэрим куоппутун таайбытым.

Нуһараҥ чуумпуга бигэнэн

Тупсубут да этэ тулабыт,

Арааһа ахтылҕан ыалдьыттаан

Ньүөлүйэн ылбыта сурэҕим.

Икки лыах көөчүктүүр кэриэтэ

Тулабар дьиримнии көппүтэ,

Арааһа ол көҥүл лыахтары

Биир сүрэх ымсыыра көрбүтэ.

ХХХ

Кырыыһаттан салпакка

Таммах уу чаккырыыр,

Истиэнэҕэ ол чаһы

Күнү быһа чыллыргыыр.

Курус санаа дууһабар

Ыалдьыттыаҕын баҕарар,

Ыраах билэр муусукам

Кими эрэ санатар.

Санатыма дуу миэхэ

Эргиллибэт кэмнэрбин,

Бэйэм бэркэ билэбин

Кими дууһам суохтуурун.

ОТТОН МИН

Сорохтор таптал диэн суох дииллэр —

Барыта бу сиргэ ааһымтыа,

Оттон мин атынныын олорон

Билэбин эйигин таптыырбын.

Сорохтор хоһоону аахтахха

Кистээннэр дьааһыйан ылаллар,

Оттон мин дуоһуйа үөрэбин

Биир хоһоон тылларын булларбын.

Дойдубут сайына кылгаһын,

Кыһына уһунун сирэллэр,

Оттон мин таптыыбын кыһыны —

Салгына ырааһын, чэбдигин.

Букатын кэлбиттии саныыллар

Саараан да ылбат эрэттэр,

Оттон мин олохпут кылгаһын

Хоһооммор да сатаан эппэппин.

Үөгүлүүр да үптээх эрээри

Билбэттэр дьол туохха буоларын,

Оттон мин тапталы билбиппэр

Бэйэбин дьоллоохпун дэнэбин.

ХХХ

Соҕотох сүрэхпин сүүйээри

Бу күҥҥэ төрөөбүт эбиккин,

Ол кэмҥэ мин биэстээх сэрбэкэ

Балаҕан иһигэр сүүрдэҕим.

Эгэ дуу биэстээхпэр билиэм дуо

Кэнэҕэс эйигин көрсүөхпүн,

Бэл бүгүн 50-нуур саастарбар

Билбэппин — көрсүөм дуо эйигин.

Ол эрэн сүрэҕим эрэнэр

Көрсүһүү булгуччу тосхойуон,

Биир түгэн куустаран ылыаҕын

Оо, дууһам олус да кэтэһэр!..

БААЛААМА

/Т.Д. ананар/

Баҕардар буруйдаах буолуоҕум

Атыҥҥа сүрэхпин биэрбиппэр,

Эйиигин көрсүөҕүм иннинэ

Атыҥҥа куустаран олоорпор.

Таптыырым, күлэрим, үөрэрим

Киэһэтин көрсүһэ сүүрэрим.

Доҕорум мичээрэ көрсөрө,

Дууһабар сибэкки тыллара.

Улахан тапталы утарсан

Уйаннык ытаспыт эбиппит —

Арахсыы ыллыга суолбутун

Араартаан быспыта биһиэнин.

Ол кэмҥэ көрсүбүт эбиккин

Дьолгор дуу, соргор дуу эн миигин,

Мин мичээр оонньообот харахпын

Мунчааран одуулуу көрбүккүн.

Ол ааспыт тапталбын сайыһан

Ытыырбын харааста көрөҕүн,

Иэдэспэр ол түһэр сүүрээни

Сэрэнэн ытыскар ылаҕын.

Баалаама мин уулаах харахпын,

Баалаама мин эппиэт биэрбэппин,

Баалаама ол ааспыт тапталбын,

Баалаама бу курус тылларбын…

ТУОЛБАТ ЫРА

Аттыгар олорон

Аат хара кэпсэтэн,

«Эмиэ атыны санаата»—

Кыйаханар кэргэним.

«Өрүү туохпун саныамый?»—

Өһүргэнэн ылабын,

Уонна туран киниттэн

Дьалты туора хаамабын.

Онтон чуумпу сабардыыр,

Иһийэбит иккиэн да —

Иккиэн туспа санаалаах,

Иккиэн туолбат ыралаах.

    АҺЫНАБЫН

Эйигинэ суох син сатаан

Салгынынан тыынабын,

Эйигинэ суох ол аата

Олорорго үөрэниэм.

Эйигинэ суох син сатаан

Дьону кытта үөрэбин,

Эйигинэ суох ол аата

Дьоллонору тобулуом.

Тобулуоҕум, сатыаҕым

Оҥостуоҕум олохпун,

Арай сүрэх буолуммат-

Өйүөн отой баҕарбат.

Кини эйиигин, сэгэриэм,

Күндүркэтэр олуһун.

Арыт алыс суохтуурун

Аһынабын сурэхпин.     

ИЙЭ ТЫЛЫМ

Мин төрөөбүт төрүт тылым

Сахам тыла — төрүт тылым

Саабылата да суох саадаҕым,

Дьиэтэ да суох кириэппэһим.

Араас омук быыһыгар

Ымсыырдарым тылбынан:

Иккис тылы билэрбинэн,

Иккис кистэл тыллаахпынан.

«Саха тылгар таптыыбын диэн

Хайдах дэнэр?»- дэһэллэрэ,

Этэн көрөн күлсэллэрэ,

Бэйэм тэҥҥэ үөрсүһэрим.

Ити курдук эдэр сааспар

Элбэхтик да хатылааммын,

Таптал диэни ийэ тылбар

Иҥэриммит быһыылаахпын.

Ыспыраапка

Находкина Полина Пантелеймоновна – Полина-Победа.

Ыам ыйын 9 күнүгэр 1954 с. Уус Алдан улууһун Тандатыгар күн сирин көрбүтэ. Билигин Түүлээх нэһилиэгэр олорор. Кыайыы күнүгэр төрөөбүт буолан, “Победа” диэн псевдоним ылыммыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Айар кут” литературнай түмсүү, «Кырсаада» ансаамбыл (сал. Г.Басылайканова), нэһилиэгэр  «Кырдал» түмсүү чилиэнэ. Көхтөөх уопсастыбанньык. Дойдутугар 10 сыл устата  «Сарыал» түөлбэни таһаарыылаахтык салайбыта. Эдэр сааһыгар 17 сыл Омскай, Хабаровскай куораттарынан инкассаторынан, сэкэритээр-массыныысканан үлэлээбитэ.

Дойдутугар Уус Алдаҥҥа кэлэн, оҕо саадыгар асчыт,  сэбиэдиссэй.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут бастакы хоһоонноро оччотооҕу «Бэлэм буол» хаһыакка тахсыталаабыттара.

Билигин айар үлэтигэр “иккис тыын” киллэрэн, улуус  өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэр. Үйэлээх тиэмэҕэ — таптал, олох туһунан суруйар.

Кэрэ-бэлиэ үбүлүөйдээх сааһын көрсө 185 хоһоонун таҥан, “Олоххо көрүүлэрим” диэн 7 түһүмэхтэн турар кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн, «Офсет» издательствоҕа киллэрдэ.

Уоллаах-кыыс оҕолоро ыаллар, 7 сиэннээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0