“Сунтаар-Ас” салайааччытынан үлэлии сылдьар Владимир Егоровы 2012 с. улуус дьаһалтата “Кириэстээх” кэпэрэтиип салайааччынан анаан, хаһаайыстыбаны атаҕар туруорарга сорудахтаабыта.
Туох кистэлэ кэлиэй? Кириэстээх уонна Куокуну нэһилиэктэригэр отделениелардаах кэпэрэтиип чахчы ыарахан туруктааҕа. Үлэһиттэр хамнас диэни көрбөтөхтөрө сыл буолбут, база ыһыллыбыт-тоҕуллубут, эргэрбит, тиэхиньикэ элэйбит, баара-суоҕа 200 ыанар ынахтаах этэ.
Төлөбүрү үлэ түмүгүнэн
Владимир Семенович туох ханнык иннинэ үлэни-хамнаһы билсибитэ, кэлэктииби кытары көрсүбүтэ. Итиэннэ хаһаайыстыбаннай ньыманы киллэрэн, хамнас оҥорон таһаарбыт бородууксуйанан төлөнөр ситимин олохтообута. Урукку өттүгэр сылгыһыт орто хамнаһа 7 тыһ. — 8 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, саҥа усулуобуйанан убаһаны ылыы 70 %-ҥа тиэрдилиннэҕинэ, 25 тыһ. солк. ааҕыллар, оттон ынаҕын ахсыттан 2 тыһ. лиитирэ үүтү ыабыт ыанньыксыт 25 тыһ. солк. хамнастанар кыахтаммыта.
Ырааҕы өтө көрөр салайааччы иккиһинэн үлэ базатын, кыстык хотоннору уонна сайылыктары саҥардыыга ылсыбыта. Үлэлиир-олорор усулуобуйа төрдүттэн тупсарыллан, үлэ түмүгэр интэриэс үөскэтиллибитэ. Ол түмүгэр, хаһаайыстыба билигин 1872 ынах сүөһүлээх (658 ыанньыктаах, 222 эт боруода ынахтаах, 369 сылгылаах). Үлэһитин ахсаана 102, орто хамнас 26 тыһ. 36 солк. тиийдэ — сылгыһыттар 26 тыһ. 541 солк., сүөсүһүттэр 20 тыһ. 305 солк., ыанньыксыттар ортотунан 31 тыһ. 430 солк., бастыҥнар мантан элбэҕи ылаллар.
Үүнүүнү бааһынаттан
Сүөһү үүтэ – тылыгар. Үчүгэй хаачыстыбалаах ас-үөл баар эрэ буоллар, сүөһү барахсан этэҥҥэ кыстыыр, үчүгэйдик төрүүр-ууһуур, ыатар, оттон үүт үрүйэлии уһуннаҕына, үп-харчы даҕаны кэлэр. Ити иһин, кэпэрэтиип салалтата сүөһү аһылыгын бигэ базатын хааччыйар сыалтан механизированнай звенолары тэрийэргэ туруммута. 2013 с. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин өйөбүлүнэн лизиҥҥэ 3,6 мөл. солк. сууммалаах “МТЗ-82” тыраахтары, от охсор, мунньар, пресстиир тэриллэри уонна бэйэтин үбүнэн 6,4 мөл. солк. “МТЗ-82” тыраахтары, от охсору, пресстиири, “ЗИЛ-130” бортобуой массыынаны уонна “Синтай” тыраахтары атыыласпыта. 2013 с. эмиэ лизиҥҥэ уон биир араас оттуур тиэхиньикэни атыылаһан, механизированнай звеноларын өссө кыаҕырдыбыта, сиилэс угар баараҕай (1,6 тыһ. м3 сабардамнаах) тутууну саҥардыбыта. Онон, сайын ахсын тиэхиньикэнэн толору сэбилэммит түөрт биригээдэни туруоран, сүөһү холкутук кыстыыр отун, сиилэһин, сенаһын соҕотуопкалатар буолбута.
Окко-бурдукка идэтийбит звенолар бааллара үчүгэй эрээри, аһары ыһылыннахтарына, кыамталара мөлтүүрэ биллибитэ. Дьэ ол иһин, ааспыт сайын икки улахан звено тэриллэн үлэлээбитэ. Кириэстээх өттүгэр Владимир Тороп звенота биир тыһыынча туонна оту оттообута уонна сүөһү сиир култууратын соҕотуопкалаабыта, Григорий Гоголев звенота Улахан Табаҕа бааһынатыгар күөх маассаҕа үлэлээбитэ. Учуонайдар сүбэлэринэн үүтү ордук биэрэр култууралары ыһаннар, 900 т подсолнуҕу итиэннэ 1 тыһ. 500 т эбиэһи, рапсы хомуйан, сиилэстээбиттэрэ. Инньэ гынан, кыстыгы 2 тыһ. 500 т сиилэстээх, 1 тыһ. 980 т оттоох көрсөннөр, сүөһүлэрин-сылгыларын холкутук аһатан тураллар.
Хаачыстыба төрдө искусственнай сиэмэлээһин
Дохуоту ылыыга сүөһү хаачыстыбата, үүтү уонна эти биэрэр кыаҕа, ол эбэтэр боруодата сүрүн оруолу ылар. Кэпэрэтиип салалтата племенной үлэҕэ уонна искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ улахан болҕомтотун уурар. Ол курдук, техник-осеменатордары, племенной учуоту ыытар лабарааннары итиэннэ үлэни-хамнаһы сүрүннүүр зоотехниктары хамнастаан үлэлэтэр. Үс сыллааҕыта Алтайтан 200 истиэп кыһыл боруода ынахтарын аҕалбыта, ону таһынан бэйэтэ уруккуттан илдьэ сылдьар симменталларыттан бастыҥнарын талан, сүөһүлэрин сыллата тупсарар. Ол түмүгэр, үрдүк бордууксуйаны биэрэр ынахтары үөскэттэ.
Кылаабынай зоотехник Августина Трифонова отчуоттуурунан, барыллаан түмүк быһыытынан, ааспыт 2017 сыл устата хас биирдии племенной ынахтан 3 тыһ. 643 киилэ үүт ыанна! Ити аата биир фуражнай ынах 145 тыс. 720 солк. дохуоту, кэпэрэтиип 320 племенной ынаҕа 46 мөл. 630 тыһ. солк. харчыны киллэрбиттэр. Техник-осеменатордар: Егор Васильев, Татьяна Николаева, Розалия Кириллина 555 ынаҕы искуственнайдык сиэмэлээннэр, былааннарын толорбуттар. Онон, кэпэрэтиип үүммүт саҥа сылга төрөлкөй төрүөҕү ылар уонна өлгөм үүтү ыыр төрдүн тэрийбиттэр.
Үлэ үтүө үгэстэрэ салҕанар
Мин ааспыт сайын кылаабынай зоотехник Августина Трифонованы, племенной үлэ лабарааннара Вера Васильеваны, Валентина Жиркованы, Любовь Габышеваны кытары ыанньык сүөһүгэ зоотехническай сыанабылы оҥорсо сылдьан, үлэ чахчы саталлаахтык тэриллибитин бэлиэтии көрбүтүм. Бастатан туран, толору хааччыллыылаах титииктэр, олорор дьиэлэр тутуллан, суоллара оҥоһуллан, сайылыктар саҥаларыгар түспүт көрүҥнээхтэрэ. Иккиһинэн, идэлэрин дэгиттэр баһылаабыт, сорохторо сопхуос саҕаттан ыанньыксыттыыр дьон эдэрдэргэ холобур буолан итиэннэ дьиэ кэргэнинэн үлэлии-хамсыы сылдьаллара. Бордоҥ сайылыгар “Үлэ Албан аата” уордьан толору кавалера Владимир Михайлов кэргэнэ Елизавета Петровналыын 68 ынаҕы ыыллара, ынахтарын ахсыттан 2 тыһ. кирбиини өссө сайын саҕаланыыта куоһарбыттарын кэпсээбиттэрэ. Эдэр ыанньыксыттар Евдокия Никитина, Лидия Намылова, Валентина Максимова кинилэртэн хаалсыбат туһугар сыралаһаллара. Күкэһэй сайылыгар Галина Васильевна сиэннэрин ынах ыырыгар көмөлөһүннэрэрэ, оттон онус кылаас үөрэнээччилэрэ Юлиана Кондратьева, Кэскилээнэ Яковлева бэйэлэрэ ыанньыксыттыыллара. Бүөр Күөлгэ кэргэннии Анжела, Борис Петровтар ынах ыылларын сэргэ ньирэй көрөллөрө, Розалия Гоголева оҕолорун кытары ыанньыксыттыыра уонна үүт тутара, кэргэнэ Григорий мэхэньисээтэрдиирэ. Сүүрбэ тоҕус ынаҕы ыырын таһынан осеменатордыыр Егор Васильев “Сиэмэлээһин халандаарын” оҥорон, ыанньыксыттар ханнык ынахтара хаһан төрүүрүн чуолкай билэллэрэ. Даҕатан эттэххэ, Егор Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар кэтэхтэн үөрэнэр, онон кэпэрэтиип ыанньыксыт да, осеменатор да идэлэрин баһылаабыт селекционер-зоотехнигы үүннэрэн эрэр. Оттон билигин дьонноругар көмөлөһөр биитэр ыанньыксыты солбуйар оҕолортон кэлин хайалара эмит манна үлэлиэ турдаҕа.
Түмүктээн эттэххэ
Кэпэрэтиип үлэҕэ үрдүк көрдөрүүтүн төрүөтэ үчүгэй тэрээһин уонна үлэҕэ интэриэһи көбүтүү буолар. Ол курдук, сүөһүнү уонна бородууксуйаны учуоттааһын, племенной үлэ, аһылык базатын тэрийии утумнаахтык ыытыллар, үлэлиир-олорор усулуобуйа тупсарыллар, үлэ эрэсиимэ тутуһуллар. Оттон ыанньыксыттар таһаарыылаах үлэҕэ көҕүлүүр Владимир Африканович курдук майаактаахтар.
Борис ПОТАПОВ, Сунтаар. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан.
Хаартыскаҕа: Сайын подсолнух үүммүт бааһынатыгар.