Нам улууһугар инники күөҥҥэ сылдьар бааһынай хаһаайыстыбалартан биирдэстэринэн өссө 1990-с сс. тэриллэн үлэлиир, Аппааны нэһилиэгин олохтооҕо Захар Винокуров салайар “Дьөһөгөй” бааһынай хаһаайыстыбата буолар.
edersaas.ru
Бу хаһаайыстыбаттан киһи үөрэниэҕэ элбэх. Ол иһин, соторутааҕыта биһиги улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай зоотехнига Софья Тойтонованы кытары хаһаайыстыба кыстык баазатыгар бара сырыттыбыт.
Хаһаайыстыба алта үлэһиттээх. Үлэһиттэр уунан ититиллэр, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олороллор. Дьиэҕэ сыһыары тутуллубут баанньыктаахтар. Дьиэлэрэ-уоттара ыраас уонна сылаас, хотонноро эмиэ оннук, иһэ-таһа ыраас, сылаас, сиигэ суох. Улахан хотоҥҥо ынах сүөһүнү кытары сибиинньэлэр тураллар. Бары да туруктара үчүгэй.
— Ходуһабыт тиийбэт буолан, биригээдэ тэрийэн, оппут сороҕун атын улууска оттоон хааччынабыт, — диэн кэпсиир хаһаайыстыба баһылыга Захар Васильевич. – Ону тиэйэн аҕалтардахпытына, кыстыгы этэҥҥэ туоруохпут. Үүтү ыаһыҥҥа, эти оҥорууга ааспыт сыллаах былааммытын толорбуппут.
“Дьөһөгөй” хаһаайыстыба ынах сүөһүнү иитэрин таһынан, сибиинньэҕэ идэтийэр. Сибиинньэни иитэн-ууһатан тарҕатыыга улуус тирэх хаһаайыстыбата буолар. Быйыл сүүсчэкэ ийэ сибиинньэни кыстаппыт. Ынах төрөөһүнэ саҕалана илик буоллаҕына, биир сибиинньэ төрөөбүт. Күһүн төрөөбүт сибиинньэ оҕолорун хараас иһигэр оҥоһуллубут уйаларга кыстатан тураллар. Үгэс курдук, кыараҕас уйаҕа турар сибиинньэ оҕолоро кирдээх буолааччылар эрээри, бу барахсаттарга ханан да кир-хах сыстыбатах, ып-ыраастар. Дьэ ол кистэлэҥэ туохханый?
Захар Васильевич сибиинньэ оҕолорун уйатын муостатыгар мас көөбүлүн кутарыгар кытайдар айбыт “Multi — 25” диэн бахтыарыйаларын булкуйар эбит! Ол бахтыарыйалар инчэҕэй ноһуому сиэн, убаҕаһын куурдан, сытын-сымарын мэлитэн кэбиһэр буоланнар, сибиинньэ оҕолорун сытар тэлгэхтэрэ мэлдьи кураанах, сылаас, сыт-сы
мар төрүт суох.
Кытай БИОЛАТИК (Biolatic) диэн хампаанньата оҥорор бу бахтыарыйалара аан дойдуга сэттис сылын туттуллаллар, ол иһигэр Арассыыйаҕа эмиэ. Дьиэ сүөһүтүгэр хайа да өттүнэн буортута суохтара быһаарыллыбыт. Ирдэбилин толору тутустахха, биир киилэ бахтыарыйа икки-үс сыл устатыгар туһаныллар кыахтаах. Бакыат суулаах бахтыарыйалар кураанах, хараҥа уонна 5 – 25 кыраадыс сылаас сиргэ харайыллыахтаахтар. Муоста көнө, оҥхойдоро суох уонна онно салгын температурата 5 кыраадыстан намыһаҕа суох буолара ирдэнэр, тоҕо диэтэххэ, тымныы муостаҕа бахтыарыйалар мөлтүүллэр. Ирдэбил быһыытынан, онно бахтыарыйаны наһаа бытархайа суох мас көөбүлүгэр булкуйан кутуллар уонна үс-биэс хоно-хоно, көбүтэн биэриллэр. Икки-үс нэдиэлэнэн саҥа көөбүлү кутуллар.
— Дьон күһүн сибиинньэ оҕотун ылан кыстатыаҕын туруорар сирдэрэ суоҕуттан саллаллар, — диир Захар Васильевич. – Ынахтары кытары хотоҥҥо туруоруохпутун сыта-сымара уонна хойуута-убаҕаһа элбэҕэ бэрт дэһэллэр. Оттон бу бахтыарыйалары туһанан, хотоно да суох ыал сибиинньэ оҕотун харааска биитэр хочуолунайга ииттиэн сөп. Оччотугар улуус киинигэр элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэлэргэ олорор ыаллар күһүҥҥү боросуонагы кыстатаннар, саас-сайын сиир эттэрин төһө баҕарар хааччынар кыахтаахтар. Маннык бахтыарыйалар Дьокуускай куорат таһынаҕы Марха бөһүөлэгэр баар “Фураж” диэн маҕаһыыҥҥа атыыга баар буолаллар. Оттон мин бу тутта сылдьарбын Интэриниэтинэн сакаастаан ылбытым, начаас ыыппыттара. Чахчы көдьүүстээх эбит диэн сэҥээрдим, мантан саас ньирэй уйатыгар туттан көрөр санаалаахпын.
Дьэ ити курдук, күннээҕи олоххо илии үлэтин чэпчэтэр, үлэ усулуобуйатын тупсарар ньымалары боруобалаан көрөр итиэннэ ол чахчы көдьүүстээҕин биллэххэ, атын дьон эмиэ туһанарын туһугар, уопуту атастаһар наада.
Иннокентий Иванов, Нам, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru