Бу сайын Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр «Лучший машинист тепловоза» диэн аан дойдутааҕы күрэхтэһии ыытыллара күүтүллэр. Бастыҥ машиниһы талар күөн күрэскэ Монголия, Азербайджан, Казахстан, Финляндия уонна да атын дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Былырыын күһүн ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһии кыайыылааҕынан биир дойдулаахпыт, «Саха сирин тимир суоллара» АХ Алданнааҕы станциятын машиниһа Руслан Черниговскай буолбута. Онон, аан дойдутааҕы күрэхтэһиини Саха сиригэр ыытарга быһаарбыттарын туһунан РФ тимир суолун үлэһиттэрин сойууһун бэрэсидьиэнэ Юрий Бусыгин Тырааныспар министиэристибэтигэр ыытыллыбыт мунньахха бэлиэтээн эттэ.
СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров иһитиннэрбитинэн, аан дойдутааҕы таһымнаах тэрээһин Аллараа Бэстээххэ от ыйын 15 күнүгэр «Саха сирин тимир суоллара» АХ производственнай былаһааккатыгар ыытыллыахтаах.
Күрэхтэһиигэ кыттааччылартан сайаапкалары от ыйын 1 күнүгэр диэри хомуйуохтара. Кыайыылаах 500 тыһ. солк. суумалаах бириэмийэнэн наҕараадаланыаҕа.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru