Бастыҥ кыылы иитээччи уопута тарҕанар

Ааптар: 
18.12.2018
Бөлөххө киир:

Күндү түүлээҕи килиэккэҕэ иитии Саха сиригэр 1936 сылтан, Алтайтан 39 хара саһылы аҕалыахтан, саҕаламмыта. Хаһаайыстыбалары интэриэстиир туһуттан, бастакы суортаах саһыл, кырса тириитин туттардахха, 80 киилэ эти, 30 киилэ үүтү соҕотуопкалаабыкка тэҥнэнэрэ. Эбии дохуот ылар туһугар хас холкуос аайы кыылы иитэр пиэрмэлэр тэриллибиттэрэ. Кэлин, сопхуостар муҥутаан сайдан турар кэмнэригэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 20 тыһ. күндү түүлээх кыыл, ол иһигэр 15 тыһ. хара саһыл, 5 тыһ. күөх кырса иитиллэрэ, сыллата 50 тыһ. тирии туттарыллара. Эстибит сопхуостар кыылы иитэр пиэрмэлэрин базатыгар тэриллибит араас көрүҥ бас билиилээх хаһаайыстыбалартан ырыынак ыар тыынын тулуһан, күн бүгүн алта хаһаайыстыба килиэккэлээх кыылы иитиигэ дьарыктанар. Кинилэргэ холбоон, 5 тыһ. 834, ол иһигэр 1712 ийэ кыыл баар.

Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгин олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот Знага” уордьаннаах Иван Петрович Сивцев “Кылаан” бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн, биир ийэ кыылтан 3-4 оҕону ылан, ааспыт сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ырыынакка киирбит уустук кэмҥэ аҥардас хара саһылынан барар көдьүүһэ суоҕун өйдөөн, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан нуорканы иитиигэ ылсыбыта. Аҕатын дьыалатын билигин уола Иван Иванович Сивцев дьоһуннук салгыыр.

        
Соторутааҕыта Найахы олохтоохторо «Кыылы иитиигэ анаммыт олох» диэн кинигэни сүрэхтээтилэр. Бэйэтин кэмигэр чулуу көрдөрүүлэри ситиспит И.П.Сивцев килиэккэлээх кыылы, ол иһигэр нуорканы иитиигэ өр сыллаах уопутун сырдатар бу кинигэни суруналыыс Мария Сергеева хомуйан оҥорбут. Тыла-өһө тупсаҕай, баай ис хоһоонноох кинигэ килиэккэлээх кыылы иитээччилэргэ бастыҥ уопут кыһатынан буолара саарбахтаммат.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0