Бастыҥ инженер «Лада-Гранта» массыынанан наҕараадаланна

Ааптар: 
04.11.2017
Бөлөххө киир:

Уһук Илиҥҥэ бастыҥ инженер куонкуруһугар «Идэтийбит инженер» хайысхаҕа «Якутскэнерго» исписэлииһэ Александр Иовлев кыайда. Кинини Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Сэбиэтин чилиэнэ Вячеслав Штыров анал бирииһэ — «Лада-Гранта» массыынанан наҕараадалаатылар. Иовлев «Внедрение автоматики защиты от однофазных замыканий на землю в сетях с изолированной нейтралью 6-35 кВ» бырайыагы толкуйдаабыт. 

Бэҕэһээ СӨ Үрдүкү инженернэй Сэбиэтин мунньаҕар «Мин — инженербин» Уһук Илиннээҕи куонкурус түмүгүн таһаардылар. «Эдэр инженер» хайысхаҕа ХИФУ медицинскэй институтун устудьуона Иван Попов кыайда.

Үөрүүлээх мунньахха Бырамыысаланнас миниистирэ Андрей Панов: «Бүгүҥҥү күҥҥэ инженердии толкуй олус сайынна. Инженердэр биһиги олохпутугар саҥаны киллэрэллэр«, — диэн бэлиэтээтэ. Ил Түмэн бэрэссэдлээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, СӨ Үрдүкү инженернэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Виталий Басыгысов,  «Я-ИНЖЕНЕР» уопсастыбыннай киин бэрэссэдээтэлэ Владимир Аммосов мустубут дьону Инженер-механик күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.

Санатан эттэххэ, 2012 сыллаахха Инженердэр бастакы съезтэригэр Сэбиэт тэриллибитэ.

Саха сирин инженердэрэ

«Мин — инженербин» (Я-ИНЖЕНЕР) куонкурус туһунан:

Куонкурус техническэй толкуйдаах оҕолору оскуола эрдэхтэн булууга, устудьуон-инженердэр уонна исписэлиистэр бырайыактарын өйөөһүҥҥэ ананар.

Куонкурус уруккутун курдук үс хайысханан ыытыллар: “Кэнэҕэски инженер” (8-10 кылаастарга), “Эдэр инженер” (үрдүк уонна орто үөрэх кыһалара), “Идэтийбит инженер” (35 диэри саастаах, тэрилтэлэргэ инженернэй үлэнэн дьарыктанар исписэлиистэр). Кыттааччылар тутуу индустрията, сир баайын хостооһун, геология, туһалаах сир баайын чинчийии уонна арыйыы, сибээс, иһитиннэрэр технологиялар, инфраструктура, уоту кэмчилээһин, медицинскэй технологиялар, аграрнай технологиялар, ас-үөл бородууктатын технологиялара тиэмэлэргэ кыттыахтара.

Уһук Илиҥҥи “Мин – инженербин” куонкурус үс түһүмэҕинэн барыаҕа. Бастаан кэтэхтэн сүүмэрдээһин ыытыллыаҕа. Үлэлэри ыам ыйын 15 күнүгэр диэри тутуохтара уонна үлэҕитин электроннай почтанан yaingenerkonkurs@mail.ru ыытыахтааххыт. Иккис түһүмэх – сүүмэрдээһин: “Кэнэҕэски инженер”хайысхаҕа бастакы түһүмэх кыайыылаахтарын ортолоругар 2017 сыл атырдьах ыйын 5 күнүттэн 25 күнүгэр диэри Дьокуускайга “Сосновый Бор” оҕо лааҕырыгар ыытыллар. Устудьуоннар уонна үлэлиир инженердэр 2017 сыл от ыйыгар “Синергия Севера” Уһук Илиҥҥи ыччат үөрэтэр форумугар түмсүөхтэрэ.

Үһүс түмүктүүр түһүмэх 2017 сыл сэтинньи 30 күнүгэр диэри буолуоҕа. Куонкурус балаһыанньатын кытта http://va-shtryrov.ru/cataktsenty/ya-inzhener билсиҥ.

Куонкурус тэрийэр кэмитиэтэ “Кэнэҕэски инженер” хайысхаҕа үһүс түһүмэх кыттыылаахтарыгар үрдүк уонна анал орто үөрэх кыһаларын кытта анал үөрэххэ дуогабардары түһэрсэргэ сүбэлиир. Оттон устудьуоннары Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка хампаанньаларга үлэҕэ киирэллэригэр көмөлөһөр.

Куонкуруһу көҕүлээччи, Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Вячеслав Штыров дойду научнай-инженернэй кыаҕын чөлүгэр түһэрэргэ эрэнэр. Маныаха уопсастыбаннаһы, ордук эдэрдэри, инженернэй дьыалаҕа уонна инженер статуһун үрдэтиигэ көҕүлүөххэ наада. “Ыччаты идэҕэ тардарга бу идэҕэ интэриэһи үөскэтиэххэ. Оҥорон таһаарыы, инженер идэтэ – бу эдэр дьоҥҥо интэриэһинэй уонна үчүгэй хамнастаах үлэни ылар кыаҕы биэрэр, оттон дойдуга – идэлэрин баһылаабыт каадырдары уонна оҥорон таһаарыыны үрдэтиини. Ол иһин биһиги “Мин – инженербин” куонкуруһу ыытабыт”, — диэн бэлиэтээтэ сенатор.

Санатан эттэххэ, куонкурус СӨ Бырабыыталыстыбатын, СӨ Ыччат уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар министиэристибэтин, СӨ Үрдүкү Инженернэй сэбиэтин, СӨ “Мин – инженербин” техническэй исписэлиистэри сүрүннүүр киин” уопсастыбаннай тэрилтэтин, “Точка ОПОРЫ” гражданскай уопсастыба сайдыытын фондатын өйөбүллэринэн ыытыллар. Тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин буолар.

Куонкурус 2016 сыллааҕы кыайыылааҕа Василий Шишигин интервьютун манна ааҕыҥ.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0