Бастыҥ иитээччи Наталья Спиридонова: “Үрдүк эппиэтинэһи сүктүм”
“Бастыҥ иитээччи” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска быйыл 25 улуустан уонна куораттан уопсайа 26 иитээччи кытынна. Кыайыылааҕынан Нам сэлиэнньэтин “Сулусчаан” уһуйаан (Нам улууһа) муусукаҕа салайааччыта Наталья Спиридонова таҕыста. Лауреат үрдүк аатын уопсайа 11 иитээччи ылла. Тэрээһин кэнниттэн кыайыылаах аатын сүкпүт Наталья Климовна Спиридоновалыын сэһэргэстим.
— Наталья, бэйэҥ тускунан кэпсии түспэккин ээ.
— Хаҥалас улууһун Өктөмүттэн төрүттээхпин. Уһуйааны, оскуоланы онно бүтэрбитим. Кэргэним үөрэҕин кэнниттэн Намҥа анаммыта. Онон Намҥа көспүппүт. Ева диэн 5 саастаах кыыстаахпыт. Муусука салайааччытынан үлэлээбитим түөрт сыл буолла. Ол иннинэ оскуолаҕа учууталлаабытым. М.Н.Жирков аатынан муусука училищетын бүтэрбитим.
— Туох сыалтан уһуйааҥҥа көспүккүнүй?
— Оҕом илдьибитэ. Өссө оҕом төрүөн иннинэ кырачаан дьон сайдыытын интэриэһиргиир буолбутум. Аналлаах литэрэтиирэни ааҕарым, оскуола иннинээҕи саастаах оҕо сайдыытын туһунан билэ-көрө сатыырым үксээбитэ. Онон оҕобун батыһан үлэҕэ киирбитим. Уопсайынан, кыра эрдэхпиттэн балыстарбын көрөн, аралдьытан, оҕоҕо чугас улааппытым.
— Куонкурус туһунан тугу этиэҥ этэй?
— Маҥнай уһуйааммыт иһигэр “Сыл бастыҥ педагога”, ол кэнниттэн методическай холбоһук иһинэн куонкурус ыытыллыбыттара. Онтон улууска буолбут “Сыл бастыҥ иитээччитэ” куонкуруска бастаабытым. Куонкурус үлэҕэ үгүс үөрүйэҕи биэрэр. Элбэх иитээччини кытта билистибит, доҕордостубут, санаабытын, сүбэбитин үллэһиннибит. Аны даҕаны алтыһыахпыт турдаҕа.
Тэрээһиҥҥэ, мин санаабар, саамай долгутуулааҕа – финалга киирбиппитин-киирбэтэхпитин иһитиннэрии түгэнэ. Маастар-кылаас, аһаҕас дьарык кэнниттэн лауреаттары сарсыныгар эрэ биллэрэллэр. Ол мүнүүтэни күүтэр миэхэ саамай долгутуулаах этэ.
— Куонкуруска тугу уларытыахха, саҥаны киллэриэххэ наада эбит дии санаатыҥ?
— Быйылгы куонкурус быдан уларыйда, тубуста. Былырыыҥҥа диэри иитээччилэр эрдэттэн аһаҕас дьарыктарыгар бэлэмнэнэн кэлэллэрэ. Быйыл тиэмэбитин биир хонук иннинэ эрэ биэрдилэр, аһаҕас дьарыкка даҕаны, лиэксийэҕэ даҕаны. Сэрэбиэйинэн талан ыллыбыт итиэннэ түүн устата бэлэмнэнэн баран, сарсыныгар номнуо ыыттыбыт. Аны ток-шоуга кытынныбыт.
— Эн муусука салайааччыта буоллаҕыҥ. Аһаҕас дьарыктары ыытар төһө уустук эбитий?
— Бэйэм үлэм хайысхатынан ыыппытым итиэннэ интеграция киллэрбитим. Муусука бары эйгэни барытын кытта табыллар, онон олус уустуга суох этэ. Холобур, математика уонна муусука, тыл уонна муусука, эти-хааны эрчийии уонна муусука олус үчүгэйдик дьүөрэлэһэллэр. Дьарыгы ыытарбар Мэри Поппинс уобараһынан тахсыбытым. Ол ылбычча буолбатах. Кини — универсальнай иитээччи. Бэйэбин бары өттүгэр дэгиттэр иитээччи быһыытынан сайыннарарга дьулуһабын.
— Сорох төрөппүт биир даҕаны оҕону көрөрө уустук. Эһиги, иитээччилэр букатын отуччалыы оҕону үөрэтэҕит, сайыннараҕыт.
— Мин бөлөххө иитээччи курдук сылдьыбаппын, муусукаҕа уһуйабын. Ол эрээри, хас биирдии бөлөҕү барытын хабан үлэлиибин. Муусукаҕа элбэх оҕо эрчиллэрэ өссө ордук. Тоҕо диэтэххэ, оҕо бэйэ-бэйэтин көрөн үөрэнэр, ылынар, үтүктэр. Соҕотох оҕо толлон туруон сөп. Оттон элбэх буоллахтарына, атыттар хайдах ыллыылларын, хамсаналларын көрөн түргэнник, судургутук үөрэнэллэр, көмөлөсүһэллэр.
— Наталья, туох хоббилааххыный?
— Иистэнэрбин сөбүлүүбүн. Кыыспар таҥас тигэрбин туохтааҕар да ордоробун. Сахалыы таҥаһыгар, суумкатыгар, бэргэһэтигэр тиийэ. Ону таһынан, дэйбиир оҥоробун, оҕуруонан тиһэбин, быысыбайдыыбын. Сылын аайы оҕуруот олордобун. Тэлгэһэбин сибэккинэн симиир үгэстээхпин.
— Аныгы оҕо туох уратылаах дии саныыгыный?
— Билиҥҥи оҕо быдан сайдыылаах. Биһиги оҕо сылдьан (оскуола иннинээҕи сааспытыгар) икки эрэ тылы билэрбит – нууччалыы уонна сахалыы. Атын омук тылларын оскуолаҕа киирэн эрэ баран үөрэппиппит. Билигин омук тылын оҕо саадыттан саҕалаан үөрэтэллэр. Тус бэйэм ону биһириибин. Булгуччу үөрэтиэхтээхтэр диэбэппин эрээри, атын омук тылыгар уһуйуллаллара ордук дии саныыбын. Кыыһым омук тылын үөрэтэрин сэмээр үөрэ көрөбүн. Биллэн турар, оҕо саҥа тылланарын саҕана киллэрэр сыыһа буолуо. Арыый улааппытын, борбуйун көтөхпүтүн кэннэ, биэһигэр-алтатыгар үөрэтэр саамай кэмэ дии саныыбын.
Билиҥҥи оҕо хамсанара аҕыйах, үгүстүк көмпүүтэр иннигэр, төлөпүөн тутан олорор. Сорох төрөппүттэр ону букатын хонтуруоллаабаттар. Туох барыта миэрэлээх буолуохтаах итиэннэ туһалаах эрэ өттүн ылыныахтаах. Оонньуу курдук буолбакка, туһалаах тэрил быһыытынан көрүөхтээхтэр. Оҕону сайыннарар араас элбэх бырагыраамалар бааллар. Онон уруок курдук туһаныахха наада.
— Уһуйааҥҥыт ханнык хайысханан үлэлиирий?
— “2030 үөрэх инициативата” бырагыраама чэрчитинэн элбэх үлэни киллэрэн эрэбит. Ол курдук, “Сулус” диэн инновационнай былаһаакка үлэлиир. Онтон биирдэстэринэн, хас бээтинсэ аайы оҕолор бэйэлэрин баҕаларынан дьарыктаналлар. Ол эбэтэр кулинариянан дьарыктанарын дуу, легоконструированиенан үлэлиирин дуу, ыллыырын, үҥкүүлүүрүн дуу оҕо бэйэтэ талар. Сүрэҕэ сөбүлүүр хайысхатынан эрчиллэр.
— Инникитин туох былааннааххыный, ыра санаалааххыный?
— Омук дойдуларын уһуйааннара хайдах үлэлии-хамсыы олороллорун көрөр ыра санаалаахпын. Хаһан эмэ туолар ини диэн эрэллээхпин. “СӨ бастыҥ иитээччитэ” аатын сүкпүппүттэн олус долгуйдум. Арассыыйаҕа баран кыттар улахан эппиэтинэһи сүктүм. Туох баар кыахпын ууруом. Хамаандабар эрэнэбин. Куонкуруска кыттарбар кэлэктиибим, улуустааҕы үөрэх управлениета, куонкуруска бастаабыттар сүбэ-ама биэрбиттэрэ, күүс-көмө буолбуттара. Билигин даҕаны тирэх буолуохтара диэн эрэнэбин, махтанабын.
Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.