Хоту уонна Арктика улуустарын электрическэй уотунан хааччыйар «Сахаэнерго» тэрилтэ быйылгы сылы кэккэ ситиһиилэрдээх түмүктээн эрэрин уонна Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ күн күүһүнэн үлэлиир саҥа электрическэй станциялары, Өлөөн улууһугар автономнай электрическэй станцияны тутан үлэҕэ киллэрбитин туһунан хампаанньа салайааччыта Алексей Ивлев иһитиннэрдэ.
Энергетиктар күннэрин көрсө «Сахаэнерго профессионаллара» диэн куонкуруһу ыытан, бастыҥ филиалынан Булуҥ уонна Алдан электрическэй ситимнэрэ ааттаннылар. Онтон «Бастыҥ инженер» – Артур Кубанов (Булун), Алексей Залесскай (Өлүөхүмэ), «Дизельнай электростанция бастыҥ маастара» – Иван Горохов (Дьааҥы), Олег Сабуров (Өлүөхүмэ), «Бастыҥ слесарь» – Андрей Андреев (Кэбээйи), Аким Лебедев (Чокурдаах), “Бастыҥ машинист” – Лаврентий Винокуров (Дьааҥы), Гаврил Торговкин (Өймөкөөн), “Бастыҥ суоппар» – Анатолий Мырсанов (Булуҥ), Андрей Простакишин (Производственнай киин), “Бастыҥ иниспиэктэр-контролер” – Игорь Данилов (Булуҥ), Алла Грапкинская (Үрүҥ Хайа), “Бастыҥ электромонтер” – Василий Иванов (Дьааҥы), Александр Саввинов (Эдьигээн) , “Бастыҥ үлэ исписэлииһэ» – Игорь Габышев (Өлүөхүмэ), Мария Кущевская (Үрүҥ Хайа) ааты ыллылар. Кыайыылаахтар грамоталарынан уонна бириэмийэнэн наҕараадаланнылар.
Бу дьоро күҥҥэ «Сахаэнерго» бастакы салайааччыта Николай Парников олоҕун кэрдиис кэмнэрин уонна киэҥ далааһыннаах үлэтин-хамнаһын сырдатар баай ис хоһоонноох кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Ааптар бииргэ үлэлээбит дьонугар, бэтэрээннэргэ уонна эдэр көлүөнэҕэ баҕа санаатын, алгыс тылын эттэ.
Итиэннэ пресс-сулууспа көҕүлээһинэн тахсыбыт «Дети Севера. Дети Солнца” оҕолорго аналлаах кинигэни сүрэхтээтилэр.
Анивера АКИМОВА.