Ахсынньы 15 күнүгэр саха суругунан уус-уран литературатын төрүттэспит, сахалыы комедия жанрын төрүттээччи, драматург, прозаик, публицист, икки тылы дэгиттэрдик баһылаабыт бастакы суруйааччыбыт, уопсастыба диэйэтэлэ Николай Дионисьевич Неустроев төрөөбүтэ 125 сылын туолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин, Таатта улууһун дьаһалтатын, “Саха сирин суруйааччыта” ассоциация классик суруйааччы үбүлүөйдээх мунньаҕын интернет ситимин нөҥүө ыыттылар. Бу өрөгөйдөөх тэрээһин чэрчитинэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэрийэр, үгэскэ кубулуйбут Эдэр суруйааччылар XXII өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын түмүгүн иһитиннэрдилэр.
Манна даҕатан аҕыннахха, “Саха сирин суруйааччыта” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров Н.Д. Неустроев аатынан 40 диэри саастаах эдэр суруйааччыларга анал бириэмийэ олохтоммутун уонна лауреат аата сотору биллиэҕин туһунан иһитиннэрдэ.
Чопчулуур буоллахха, быйылгы сүбэ мунньах сүрүн уратыта – улахан дьаҥ турбутунан, кэтэхтэн ыытарга күһэлиннилэр. Тэрээһин торума тохсунньуга оҥоһуллан балаһыанньата көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ уонна интернет ситимин нөҥүө тарҕаммыта. Бастакы кыттааччылар үлэлэрэ олунньу 14 күнүттэн саҕалаан киирэн барбыттара. Эдэр суруйааччылар XXII өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтара муус устар 1-2 күннэригэр Дьокуускай куоракка буолуохтааҕа. Ол эрээри, кулун тутарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэриллибит хааччахтааһын дьайыыларыгар олоҕуран, тэрээһини күһүҥҥүгэ көһөрөргө күһэллибиттэрэ. Кыттааччылар көрдөһүүлэрин ылынан, балаҕан ыйын 2-25 күннэригэр хос сүүмэрдээһини биллэрбиттэрэ. Тэрийэр бөлөх интернет нөҥүө ыытар сирдэри үөрэтэн саҕалаабыта. Хааччахтааһын иккис долгуна кэлбитинэн, семинардар салайааччыларын кытта үлэлэһэн, сэтинньи ыйга сүбэ мунньах түмүгэ тахсыбыта. Хас биирдии кыттааччы электроннай аадырыһыгар туоһу сурук уонна семинар салайааччыларын кылгас рецензиялара ыытылыннылар.
Эдэр суруйааччылар XXII өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар 72 кыттааччыттан сэттэ секцияҕа 95 сайаапка киирдэ, ол эбэтэр сорохтор үстүү, иккилии көрүҥҥэ кытыннылар. Кыттааччылар географиялара – Дьокуускай, Нерюнгри, Покровскай, Ньурба куораттартан; Хаҥалас, Горнай, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы, Амма, Таатта, Уус Майа, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Эбээн Бытантай улуустартан.
Тэрийэр бөлөх быһаарыытынан сүбэ мунньах бастыҥ кыттааччытынан саха поэзиятын уонна нууччалыы тыллаах литература секцияларын кыттыылааҕа Саргылаана Сандаар (Дьокуускай) ааттанна. Итиэннэ, киниэхэ Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһугар киирэргэ бэлэмнэнэригэр этии киирдэ.
Саха поэзиятын секциятыгар (сал. Н.И. Харлампьева) барыта 31 сайаапка киирбититтэн 13 кыттааччы сүүмэрдэммититтэн Николай Васильев-Харыйалаах Уола (Үөһээ Бүлүү) бастыҥ буолла, ону тэҥэ Мария Андреева (Горнай), Ольга Янцен (Дьокуускай), Василий Тимофеев (Горнай), Валентина Андреева (ХИФУ) бэлиэтэннилэр.
Саха прозатын секциятыгар (сал. С.А. Попов-Тумат) 13 сайаапкаттан 9 кыттааччы сүүмэрдэммититтэн Валерий Андросов (Дьокуускай) бастыҥ буолла, Николай Петров (Дьокуускай), Константин Васильев (Уус Алдан), Наталья Иванова (Чурапчы), Наталья Рязанская (Амма) биһирэннилэр.
Быйыл иккис төгүлүн сөргүтүллэн ыытыллар, сааһынан уонна суруйар таһымынан хааччаҕа суох Драма секциятыгар (сал. В.Е. Васильев-Харысхал) 6 кыттааччыттан Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ираида Попова сиппит-хоппут драматург буолан эрэринэн сыаналанна, бастыҥынан Утум Захаров (Таатта) бэлиэтэннэ, ону сэргэ Ираида Коркина-Чугдаара (Дьокуускай) үлэтэ сэҥээрилиннэ.
Эмиэ иккис төгүлүн ыытыллар Кириитикэ секциятыгар (сал. Н.Е. Винокуров-Урсун) 8 кыттааччыттан бастыҥынан Варвара Турнина (ХИФУ) ааттанна, ону тэҥэ Наталья Данилова (ХИФУ), Елена Антонова-Күн Сиккиэрэ (Сунтаар), Татьяна Андросова (ХИФУ) биһирэннилэр.
Быйыл сөргүтүллүбүт Оҕо литературатын секциятыгар (сал. А.А. Борисова уонна Е.С. Иринцеева-Огдо) 7 кыттааччыттан Мария Винокурова (Дьокуускай) бастыҥ буолла, ону тэҥэ Анна Колосова (Уус Алдан), Мусьяна Сосина (Мэҥэ-Хаҥалас) бэлиэтэннилэр.
Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар литератураларын секциятыгар (сал. С.Е. Сивцев) 7 кыттааччыттан Дьокуускайга олорор эбээн эдэр литератордара Михаил Кривошапкин-Михаил Киргэмбис уонна Дария Мартынова-Дария Нэсени бэлиэтэннилэр. Анатолий Степанов-Ламутскай (Эбээн Бытантай), Августина Белолюбская (Уус Майа), Антонина Христофорова-Хагдаанай (Дьокуускай), Анна Семенова (Уус Майа) айар үлэлэрэ сэҥээрилиннэ.
Нууччалыы тыллаах литература секциятыгар (сал. Е.С. Очварова уонна С.В. Москвитин) 22 сайаапкаттан 18 кыттааччы сүүмэрдэммититтэн бастыҥынан Виктория Алексеевская (Нерюнгри) ааттанна, Гордей Спиридонов (Дьокуускай), Михаил Слепцов (Дьокуускай), Валерий Волков (Уус Майа), Анна Пшенникова (Дьокуускай), Надежда Винокурова (Дьокуускай) үлэлэрэ биһирэннэ.
Бу бэлиэтэммит 30 ааптар үлэтэ анал хомуурунньук быһыытынан тахсыаҕа, ону тэҥэ сорохторо “Чолбон”, “Полярная звезда” сурунаалларга бэчээттэниэхтэрэ.
Тэрийэр бөлөх – Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот поэта Наталья Харлампьева, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов, сойуус Эдэр литератордар сүбэлэрин салайааччыта Рустам Каженкин, Эдэр суруйааччылар XXII өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын үлэтигэр көмөлөспүт дьоммутугар барҕа махталын биллэрэр: норуот суруйааччылара Николай Лугиновка, Василий Васильев-Харысхалга, Семен Попов-Тумакка, Павел Харитонов-Ойукуга, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Николай Винокуров-Урсуҥҥа, Елена Слепцова-Куорсуннаахха, Степан Сивцев-Хамалҕаҕа, Данил Макеевка, Альбина Борисоваҕа, Евдокия Иринцеева-Огдоҕо, Сергей Москвитиҥҥа, Елена Овчароваҕа, Ольга Корякина-Умсуураҕа, Елизавета Мигалкинаҕа, Зинаида Архиповаҕа, Яна Байгожаеваҕа, Варвара Белолюбская-Аркукка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Ангелина Шадринова-Суоһааныга уонна Саргылаана Ноеваҕа, кириитик Ольга Макароваҕа, методист-учуонай Уяндина Тарабукинаҕа уонна Россия Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордарын сүбэтин чилиэнэ Екатерина Огареваҕа (Санкт-Петербург).
Эдэр суруйааччылар XXII өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын тэрийсибит СӨ еултуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр, СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай комминикацияларга министиэристибэтигэр, «Саха сирин суруйааччыта» ассоциацияҕа, тирэх буолбут партнердарбытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай библиотекатыгар, “Сахабэчээт” судаарыстыба автономнай тэрилтэтигэр, “Бичик” национальнай кинигэ кыһатыгар махталбытын тиэрдэбит диэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн