Бастыҥ чинчийиилээх устудьуоннар Арассыыйаҕа кыттарга мэктиэлэннилэр

Ааптар: 
20.12.2018
Бөлөххө киир:

Икки күн устата XII төгүлүн “Инники идэҕэ хардыылар” эдэр чинчийээччилэр форумнара ыытылынна. Бэҕэһээ кыайыылаахтар билиннилэр. Бастыҥ чинчийиилээх устудьуоннарга сыаналаах бэлэхтэри таһынан, салгыы Москваҕа, Санкт-Петербурга баран кытталларыгар мэктиэ суруктары туттардылар.

edersaas.ru


Сүрүн тэрийээччи, Анал үөрэҕи сайыннарар институт дириэктэрэ Александр Дегтярев: “Научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ 300-тэн тахса устудьуон кытынна. Араас үчүгэй үлэлэр көһүннүлэр. Холобур, хас даҕаны оҕо төлөпүөнү уокка буолбакка, хаатын сэрээттиир тэрил курдук оҥорор этиилэрдээхтэр. Онтон быыстапкаҕа, уопсайа, 27 үлэ турда. Урукку өттүгэр мирнэйдэр көхтөөхтүк кытталлар этэ. Быйыл чугастааҕы үөрэх тэрилтэлэрэ хото кытыннылар”, — диэн бэлиэтиир.

Орто Халыматтан төрүттээх Т.Г.Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай тиэхиньикум устудьуона Георгий Созоновтаах хаһыа даҕаны буолан пеноблогу хризотиласбест утаһынынан (волокно) бөҕөргөппүттэр.

Тус бэйэм, бу иннинэ научнай тэрээһиҥҥэ кыттыбатах буолан, улаханнык үөрдүм. Дипломнай үлэни көмүскээтим. Саха сирэ тымныы, сир даҕаны хамсааһыннара бэлиэтэнэллэр итиэннэ пеноблок сымнаҕас буолан элбэх мэндиэмэннээх дьиэни туппаттар. Биһиги ону быһаарар суоллары көрдүүбүт. Красноярскай куорат “Волна” собуотугар хризотиласбеһы мээккэлэтэн ыыттарбыппыт. Онон пеноблогу кытаатыннаран дьиэ тутар матырыйаалы бөҕөргөтөр ньыманы толкуйдаабыппыт. Хризотиласбест үгүстүк туттуллар, уратыта диэн, 1500-кэ диэри кыраадыс итиини уйар.

Биллэн турар, бу технологиябыт өссө да “сиикэй”. Тиһэҕэр тиэрдэргэ, тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарарга, уһун кэм ирдэнэр. Экэнэмиичэскэй өттүнэн өссө үөрэтэ иликпит, — диэн лауреат аатын ылбыт итиэннэ салгыы кыттарга мэтиэлэммит Георгий чинчийиилэрин билиһиннэрэр.

Оттон Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын Технология уонна управление кэллиэһин 1 кууруһун устудьуона Мария Кириллова кыһыҥҥы кэмҥэ куруолугу иитии усулуобуйатын туһунан кэпсээн, лауреат үрдүк аатын ылла.

Мария Уус Алдан Тулунатыттан төрүттээх. Оскуолаларыгар куруолугу иитэллэр эбит. Үөрэнэр кэмигэр үлэ киниискэтин астаран, икки сыл оскуолаҕа куруолугу көрөөччүнэн үлэлээбит. Бу сылдьан кини куруолугу хотоҥҥо уонна таһырдьа иитэн кэтээн көрбүт, дакылаат суруйбут. Идэтин эмиэ чинчийиититтэн сиэттэрэн талбыт. “Куруолугу үксүн хотон иһигэр иитэллэр. Мин таһырдьа, иһирдьэ иитэн көрбүтүм. Ол түмүгэр, таһырдьа ииппит куруолугум быдан ордук эбит диэн түмүккэ кэллим. Хотоҥҥо иитиллибит куруолук түүтэ инчэҕэй, тириитэ чараас буолар. Оттон таһырдьа турбут халыҥ тириилээх, хойуу түүлээх буолар, биһиги кыһыммытын таһырдьа тулуйар кыахтаах эбит. Килиэккэ үрдүгэр пеноплаһы тэлгээбиппит, ойоҕосторун ынах сааҕынан сыбаабыппыт. Килиэккэ иһигэр өссө кыра  уйа оҥорбуппут. Биир килиэккэҕэ 6 куруолугу туппуппут. Саамай сүрүн аһа — от, талах. Күҥҥэ иккитэ аһатабыт, күнүһүн от биэриэххэ сөп”, — диэн чинчийиитин үллэстэр.

Кэлиҥҥи биэс сыл эспиэрдээбит Саха научнай киинин сүрүннүүр научнай үлэһитэ Алексей Левин  Т.Г.Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнас тиэхиньикума ситиһиилээхтик кыттыбытын, үөрэнээччилэрэ бастаабыттарын бэлиэтиир. “Үчүгэй үлэлэр элбэхтэр. Холобур, көмпүүтэр оонньууну тэрийии; тимир илииһи көннөрөр станок; эрэһиинэни, пластмаһы салгына суох уматан, онтон умайар гаас уонна убаҕас ылар аппаратураны толкуйдаабыттар, киһи сиһин уҥуоҕун көннөрөр тренажер оҥорбуттар. Балар наукаҕа саҥаны киллэрбиттэрин кэпсиир, тиэхиньиичэскэй өттүнэн үчүгэйдик көстөр гына оҥорор, туһалааҕын дакаастыыр буоллахтарына ол улахан махталлаах дьыала”, — диэн Алексей Иванович санаатын үллэстэр.

Бу сылларга устудьуоннар үлэлэрин эспиэрдэргэ сирэй көрсөн кэпсээн кэлбит эбит буоллахтарына, инникитин, баҕар, аныгы технологияны туһанан, ньыматын уларытыахпыт диэн тэрийээччилэр этэллэр.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0