«Бастыҥ ас быһаҕа» күрэс кыайыылааҕа — Таатта ыччата

Ааптар: 
23.02.2020
Бөлөххө киир:

Саха сирин тимир уустарын түмпүт «Дархан уус»  түһүлгэтигэр «Бастыҥ ас быһаҕа» күөн күрэскэ тимир уустара эрдэттэн дьиэтээҕи сорудах быһыытынан анаан бэлэмнэммиттэр.

edersaas.ru

«Бастыҥ ас быһаҕа» күөн күрэскэ 58 быһах кытынна. Оннук, тимир ууһа бэйэтэ буолбатах — кини быһаҕа! Дьүүллүүр сүбэ түһэ Иннокентий Тарбахов бэлиэтээбитинэн, чиэһинэй буоллун диэн, тимир уустар бэйэлэрэ буолбакка, кинилэр быһахтара нүөмэрдэнэн баран, кыттыыны ыллылар. Куонкурус тыҥааһыннаах буолла. Ол курдук, быһахтар эти кырбаат, балыкка көстүлэр, онтон помидорунан түмүктээтилэр. Эрэстэрээҥҥэ ити астары кырбыырга сылга быһахтарын үстэ уларытар эбит буоллахтарына, күрэс соруга — биир быһах кылгас түгэҥҥэ барытын биир тэҥник кырбаан «ньылыбыратыахтаах». Бу соругу толорбут быһах кыайыылаах аатын ылар.

Үгүс быһах быһан ортолоон иһэн, тута куонкурустан тахсан истэ. Олору «Тыгын Дархан» уопуттаах асчыттара Константин Матаннанов, Андрей Иннокентьев, Евгений Петров сөбүлээбэккэ, туспа ууран истилэр. Онон мин  уустарга этиэхпин баҕарабын: бу асчыт уолаттартан быһах уга, уһуна, кэтитэ хайдах буолуохтааҕар сүбэлэтиҥ-амалатыҥ. Эһиги оҥоһуккутун дьон тутуннун диэн оҥороҕут. Онон быһах тас көстүүтүттэн буолбакка, үлэтин хаачыстыбатыттан быһаарыллар. 58 быһахтан биһиги нэһиилэ үһү эрэ таллыбыт, — диэн бэлиэтээтэ ирдэбиллээх дьүүллүүр сүбэ түһэ Иннокентий Тарбаахап.

«Бастыҥ ас быһаҕа» куонкурус кыайыылааҕынан Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгиттэн кэлбит тимир ууһа Сергей Тарабукин 36 №-дээх быһаҕа буолла. Эдэр киһи уонча быһаҕы илдьэ кэлбититтэн биирэ кинини кыайыылаах оҥордо. Таатта тарбаҕар талааннаах ыччатыгар «Сахабулт» хампааньа 25 тыһ. солк сэртипикээтэ тигистэ.

Кыайыылааҕы көрсөн, бу куонкуруска кыттыытын туһунан ыйыттым.

Дьиэтээҕи сорудах буолан, анаан бэлэмнэммитим. Миэстэлэһиэм диэн санаалаах этим да, 58 быһахтан бастыҥнара буолуом дии санаабатаҕым. Онон үлэм таба сыаналаммытыттан олус үөрдүм«, — диэн санаатын үллэһиннэ тимир ууһа Сергей Тарабукин.

47 №-дээх быһах хаһаайына Феликс Шамаев — үһүс, 17-с нүөмэрдээх быһаҕы оҥорбут Виктор Кычкин иккис миэстэлэри ыллылар. Бастаан иһэн, Кычкин быһаҕа помидору быһыыга кыһыылаахтык «умайбыт» — сымнаҕас аһы синньигэс быһыылаах гына быспакка, илдьиритэн кэбиспит.

Онон кыайыылаах Сергей Тарабукин тэрийээччилэргэ махтаныан махтанна. Мандар Уус үбүлүөйдээх тэрээһинигэр бэртээхэй бэлэҕи ылан, «Дархан уус» тимир уустарын түһүлгэтин устуоруйатыгар кини аата дорҕоонноохтук ааттанна.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 Хаартыскаҕа уонна видеоҕа ааптар түһэриитэ уонна устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0