Бастыҥ аҕа

Бөлөххө киир:

Александр Необутов — аҥаардас аҕаларга анаан ыытыллыбыт “Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ” диэн бастакы куонкурус-бэстибээл кыа­йыылааҕа. 


Кини үөрэҕин бүтэрэн, Ийэ дойдуга ытык иэһин төлөөн аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран, метео-сулууспаҕа киирэн үлэлии сылдьар. Үлэтинэн элбэхтик командировкаларга барар-кэлэр. Онон оҕолорун көрөргө төрөппүттэрин көмөлөрө улахан. Ийэлэрин сүтэрэллэригэр, оҕолоро кыралар этэ. Икки эмдэй-сэмдэй кыргыттара аҕаларын олус таптыыллар, төһө кыайалларынан күүс-көмө буола, көмөлөһө сатыыллар.

— Куонкурус туһунан ийэм эппитэ. Бастаан аккаастаныах курдук буолбутум. Онуоха кыргыттарым кыттар баҕалаахтарын чугастык ылыммытым. Кинилэри эмиэ ырыа, уруһуй, үҥкүү куонкурустарыгар кытыннара сатааччыбыт. Ситиһиилэрэ да эбиллэн иһэр. Сценаҕа куттаммакка тахсар буоллулар. Онон бэйэм ак­­каастаннахпына, соччото суох холобуру оҕолорбор  биэрииһикпин диэн санаан, кыттарга быһаарыммытым. Бырагырааманан көрөн бэлэмнэммиппит. Бириэмэбит кылгас соҕус этэ.

Кыттааччы элбэх. Оҕолорум биир хамаанда курдук, кыайыыга дьулуурдара күүстээх этэ,  “аҕаа, кытаат да кытаат” дииллэрэ. Оччоҕо санаабар санаа, күүспэр күүс эбиллэр курдук буолара.

Оҕолору иитэргэ ким көмөлөһөрүй? Туох кыһалҕалары көрсөҕүн?

— Соҕотох буоллахха, оҕолору иитэр ыарахаттардаах бөҕө ­буоллаҕа дии.  Улахан кыыһым оскуолаҕа 2-с кылааска үөрэнэр. Үөрэҕэр туйгун. Ирдэбил улахан, эбии куруһуоктарга эмиэ сылдьар. Уруһуйдуурун сөбүлүүр. Кэнники үҥкүүгэ сылдьан эрэр.

Кыра оҕом — уһуйаан иитиллээччитэ. Ыллыырын, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Ансаамбылга ыллаан, сыл аайы лауреат үрдүк аатын ылаллар. Бу суолунан салгыы сайдан баран иһэллэрэ буоллар диэн кыһаллабыт.

Үлэм кэнниттэн киэһэ спортивнай дьарыкка сылдьабын, уруһуйдуубун. Бириэмэ тиийбэт курдук. Өрөбүллэргэ оҕолорбунаан киинэҕэ, тыйаатырга, оонньуур саалаларга сылдьабыт.

Биһиэхэ төрөппүттэрим күүс-көмө буолаллар. Кинилэргэ махталым улахан. Кыһалҕалар суох буолбатахтар. Ол гынан баран, ону ааҕыахпытын баҕарбаппыт. Кылаабынайа, оҕолорум этэҥҥэ, ыалдьыбакка, улаатан истиннэр диэн санаалаахпын.

“Подросток” уопсастыбаҕа махталбыт улахан! Аҥаардас аҕалар түмсүүлэрэ кыһаллан үлэлии сатыылларын көрөбүт. Соҕотох аҕа бэйэтэ бэйэтигэр сылдьарын курдук буолуо дуо?! Бииргэ түмүстэххэ, киһи эрэх-турах сананар, билсэр-көрсөр, элбэҕи ситиһиэххэ сөп. Туруорсар боппуруостара наада­лаахтар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0