БАСТАКЫ ЫҺЫАХ

Ааптар: 
04.07.2019
Бөлөххө киир:

Ойуур ортотугар ойо баһан ылбыкка маарыҥныыр, эбэм алаадьылыыр хобордооҕун курдук төп-төгүрүк, нэлэмэн ырааһыйаҕа дьон-сэргэ баар суох мааны таҥаһын кэтэн, киэргэнэн-симэнэн сопхуос ыһыаҕар тоҕуорустулар. Пааркабыт бөһүөлэкпититтэн син тэйиччи, санаабар наһаа да үрдүк сыыры дабайан, сороҕор сүктэрэн, сороҕор сатыылаан сылайан-элэйэн аҕай тиийдим.

Бу мин бэйэбин өйдүөхпүттэн бастакы ыһыахпар бэлэмнэнии балачча эрдэттэн саҕаламмыта. Ыһыах тэрээһинигэр аналлаах мунньахха ытык кырдьаҕастар: “Бу сырыыга хайаан да биэ кымыһын амсайыахха баар этэ”, — диэн этии киллэрбиттэригэр бүтүн Кириэстээх үрдүнэн мин эбэм, Сэмэнчик Маайата уонна ыраах, Татаар бөһүөлэгин анараа уһугар олорор Суурка Маайата эрэ биэни ыы үөрүйэхтээх буоланнар, эмээхситтэр дьиэлэрин ис-тас түбүктэригэр эбии сопхуос суһал сорудаҕын толорор буоланнар, үлэ үөһүгэр түспүттэрэ.

Биһиги дьиэбит бөһүөлэк хаба ортотугар турар: лааппы, оскуола, балыыһа, кулууп, бэкээринэ  чуп-чугастар.  Суол нөҥүө – сылгы дала. Манна көлүүр аттары аһатар-сиэтэр, көрөр-харайар сирдэрэ. Киэҥ кыбыыга сиэмэлээх кууллар кыстанан тураллар, туспа күрүөҕэ сиир отторо лөглөһөн көстөллөр. Урут бу далга элбэх ат көрүллэн-харайыллан турдаҕа буолуо, онтон мин борбуйбун көтөҕө сатыыр кэммэр икки-үс эрэ ат толугураһара. Биирдэстэринэн тыла суох Кууһума сайын тэлиэгэҕэ, кыһын сыарҕаҕа көлүйэн бэкээринэттэн маҕаһыыҥҥа сип-сибиэһэй, буруолуу сылдьар килиэби таһара. Кэлин сопхуоспутугар тимир көлө элбээн, дал оннугар саҥа дьиэлэр кэккэлэспиттэрэ. Онон улаатарым саҕана уулуссабытыгар оҕо-аймах элбээн иллээхтик оонньуурга да, “ар-бур” дэһэн атааннаһарга да ордук интэриэһинэй буолан биэрбитэ.

Дьэ, бу далга ыһыах маанылаах аһа – кымыс бэлэмнээһинин бастакы түһүмэҕэ ааспыта. Ат мииммит эр дьон уончалыы биэни күөйэн аҕалан кыараҕас, усталарынан кэккэлэһэ турар ыпсалҕаларга биир-биир хаайан биэрдэхтэринэ эмээхситтэр утуу-субуу икки хара эмиийдэри имиппитинэн бараллара. Биэлэр бэйэлэрэ да аҕыйах үүттэриттэн бэрсимээри тэбиэлэнии, мөхсүү бөҕө буолаллара. Сороҕор сиэрдийэни тосту тэбэн, ойон, кый ыраах куотан  хаалаллар.  Араллаан тахсар түгэнигэр, сылгыһыттар тутатына алдьаммыт күрүөнү сабыта саайан, атын биэ киирэригэр бэлэмнии охсоллоро.

Ону ол диэбэккэ эбэм аах бэрт сымсатык туттан, ыһыы-хаһыы ортотугар биири ыы охсоот, атыҥҥа көһөллөрө. Ити курдук баһаам элбэх биэни төттөрү-таары хатайдыыллара.

Хас сарсыарда, киэһэ аайы хатыланар көстүүттэн хал буолбакка эбэбин иннэлээх сап курдук сырса сылдьабын. Ол сылдьан тэһии сылгы туйаҕын анныгар киирэн биэрэ сыһан, мөҕүллэрим ахсааннаах буолуо дуо? Ардыгар, дьон көрбөтүгэр, эбэм кистээн иҥэмтиэлээх биэ үүтүн айахпар сүүрдэн биэрэр.

Ыам кэнниттэн икки Маайа чугастыы, биһиги ампаарбытыгар, кымыс кыйырдаллар. Ампаарбыт биир да түннүгэ суох, онон кыһыннары-сайыннары дөйө тымныы. Ол үрдүнэн: “Били аспыт аһыйан хаалбыт”, — диэн айманыы  ол сыралҕаннаах сайын  хаста да буолан турар. Оччотугар таһаараа олорор таайым сэбиэт Мэхээс, киирэн сахалыы малтаччы тото-хана мөҕөн тахсар: “Туохха да туһата суох дирээн эмээхситтэр очоҕосторун сааҕын ыгыта тутуталаан биэрбит киһи баар ини”, — диэн кыыһырбыт уоҕар ордоотуур. Эбэм барахсан, бииргэ төрөөбүт быраатыгар биир да тылы утары бырахпакка туран биэрэрэ. Атын Маайа даҕаны тойоҥҥо туох диэн туруулаһыай.

Дьэ, оннук итиигэ эмээхситтэр эбиитин итии чэй иһэ-иһэ, былыргы сахалар куйааска кымыс буорту буолбатын туһугар баҕаны тутан тыыннаахтыы уохтаах утахтарыгар угаллара эбитэ үһү диэн кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буолаллар. Билигин кэлэн кинилэри оннук гыммыттара, маннык гымматахтара диэн бигэргэтэр кыаҕым суох. Ол эрээри, тиһэҕэр тиийэн айдааннаах аспыт бэккэ табыллан, сэбиэппит астынан кымысчыттарын  сылаастык сыллаан сырылаппытын икки харахпынан көрбүтүм.

Ыһыах чугаһаабыт сибикитэ таҥас-сап бэрийиититтэн эмиэ биллэрэ. Оччолорго ыһыахха дьон сахалыы таҥас таҥналларын соччо өйдөөбөппүн. Ыллыыр, үҥкүүлүүр, кэнсиэргэ кыттар дьон эрэ сахалыы таҥас кэтэрэ.

Таҥас-сап билиҥҥи курдук дэлэйэ илик кэмигэр мааныга кэтэр таҥас, дьонтон ураты буолар баҕаттан, үксэ бэйэ тигиитэ. Ийэм бииргэ төрөөбүт үс балтын, икки быраатын, эбэм, бэйэтин таҥаһын уонна миэнин бэрийтэлиир. Кимиэхэ туох наадатынан көрөн улаатыннарар, кыччатар, абырахтыыр, биитэр саҥаттан тигэр. Иистэнньэҥ ийэлээх буолан үөлээннээхтэрбиттэн мэлдьи ураты, мааны  буоларым.

Ол ыһыахха бырдах сиэбэтин диэн ким эрэ эргэ, ол эрээри сэнэх таҥаһын көтүрэн уһун сиэхтээх куопта уонна күлүөс бүрүүкэ тикпитэ. Төбөбөр муодунай диэн ааттаан, мин көрдөхпүнэ, саах тэллэйигэр майгынныыр сэлээппэ кэтэттэ. Баспыттан атахпар диэри муус маҕаммын.

— Тоойуом, таҥаскын бука диэн киртитээйэҕин, — диэн буолла.

Пааркаҕа кэлбиппит араадьыйанан эгэлээх дэгэрэҥ ырыа кутуллар.

Өндөрүүскэ тиэтэйбэт,

Өндөрүүскэ тыла биир,

Үлэ куобах буолбатах,

Үргэн куотуо буоллаҕай…

Эдэрэ суох эр киһи кылыһахтаах куолаһын истээт, эмискэ баар-суох доҕорбунаан Өндөрүүстүүн ыһыахха тиийэн көрсүөх буолбуппутун саныы түстүм. Хата бу ырыанан тэллэх баттаһа олорор аллар атаспын күлүү-элэк оҥостуохха сөп эбит диэн мэник санааҕа уйдаран өйүм сыыһын түмэн, тылын өйдүү сатыыбын. Араадьыйа мин өйүм дуома түмүллэрин кэтэһэн туруо дуо, ырыа ылланан бүттэ, хаста да хатыламмыт хос ырыатын эрэ өйбөр тутан хааллым.  Уонна, дьэ, умнуох иннинэ хаадьылыы охсоору киһибин көрдүү сүүрдүм. Ол сүүрэн истэхпинэ үөһээ сөмөлүөттэн тэтэрээт лииһин аҥаардаабыт саҕа кумааҕы бөҕөтүн ыстылар. Оҕо-аймах үөрэ-көтө кумааҕыны хомуйбутунан барда, мин да тэбис-тэҥҥэ түсүһэн иһэбин. Бу сылдьан оҕолор саҥаларыттан-иҥэлэриттэн, хомуйар кумааҕым «листовка» диэн буоларын биллим.  Солото суох буолларбын да аҥаар харахпынан көрдөхпүнэ, бэйэбиттэн  балачча улахан кыыс листовкатын эргитэ тутаат, туох эрэ диэн нууччалыы добдугураччы аахта уонна кыратык толкуйдаатаҕа буолан баран: “Ээ, ыһыаҕынан эҕэрдэлээбиттэр,”—диэт, өрө эккирии түстэ.

Тиһэҕэр листовкаларбыт  былдьаһык буоллулар. Сөмөлүөппүтүттэн халлааҥҥа сурааһын суол эрэ суураллан хаалла. Оттон мин, били, киртитиэ суохтаах ыстааным тобуга күп-күөх буолла. Ол сылдьан Өндөрүүспүн көрсө түстүм. Киһим маҕаһыынтан сабыс-саҥа ылыллыбыт көстүүмүн имитимээри тобугун да, тоҥолоҕун да токуруппакка сор бөҕөнү көрө сылдьар, ол да буоллар балачча элбэх листовканы хомуйбут.

Бастаан бэйэ-бэйэбитин булсан үөрэн сэгэйдэҕэ буоллубут, ол эрээри, идэбитинэн түһүлгэ ортотугар мөккүөрбүтүн тоҕо тардан кэбистибит. Оо, ахсааны билбэт эрэй да этэ!

Уолум листовкаларын тоҥолоҕун сыыһынан ойоҕоһугар ыгыта тутта уонна уон тарбаҕын саратан илиитин хаста да үөһээ-аллараа эйэҥэлэттэ:

— Мин баччаны хомуйдум, — диир.

Кыһыыбар листовкаларбын сэҥийэбинэн түөспэр сыһыара тутаат, эмиэ уон тарбахпын саратан баран илиибин кинитээҕэр элбэхтик эйэҥэлэттим уонна:

— Миэнэ муох курдук, эйиэнинээҕэр элбэх, — диибин.

— Оччоҕо миэнэ бырдах саҕа, бырдах муохтааҕар элбэх.

— Миэнэ оҥоойу саҕа, оҥоойу бырдахтааҕар элбэх.

— Оҥоойу бырдахтааҕар кыра.

— Буоллун, син биир элбэх.

Онуоха киһим тиһэҕэр:

— Инньэ диир буоллаххына, миэнэ миллион, —  диэн нууччалаан саайда.

Мин истибэтэх тылбын истэн ах бэрдэрдим. Ол да буоллар бэриммэтим.

— Сымыйалаама, оннук диэн суох.

— Баар, улахан дьонтон ыйытаар, саамай элбэх чыыһыла, — диир уонна  сирэйим уһаабытын көрөн үөннээхтик үөрэр. Хам этиттэрэн уоскуйа сатааһын буолла, хантан эрэ көмө көрдөөн уҥа-хаҥас көрүтэлээбитим, арай, оҕолор, листовкаларыттан ордон биһиги этиһэрбитин истэн тураллар эбит, күлбүттэр-үөрбүттэр аҕай.

Хайыыр да кыах суох, бачча элбэх оҕо көрөн турдаҕына хотторон хаалбат баҕаттан, кыбыһыннарбын даҕаны, ыыстыахтаах ырыабын ыыра тардан кэбиһэбин:

Өндөрүүскэ тиэтэйбэт,

Өндөрүүскэ тыла биир,

Үлэ куобах буолбатах,

Үргэн куотуо буоллаҕай…

Киһим мэктиэтигэр кыбдьырына түстэ, саратан турбут тарбахтарын хомуйан, уоһун быһа ыстаан, охсордуу сананан эрдэҕинэ, ийэм:

— Ээ, бу кыыс бу сылдьар эбит, — диэт, сиэтэн дэллэритэн илдьэ баран хаалла.

Ийэбинээн сиэттиспитинэн оһуохайдьыттар диэки бардыбыт. Өндөрүүс уоҕуттан куоппут киһи быһыытынан, ийэбэр мичээрдии-мичээрдии дьиэрэҥкэйдээн илин-кэлин түһэбин. Кэлбиппит эбэбит дьуохардаан өйө суох. Оһуохайдьыттарбыт тэйиэккэлээн ууларыгар-хаардарыгар дьэ киирэн эрэллэр. Мин обургу дэлэҕэ да бэрээдэктээх оҕолор курдук ыраахтан көрөн туруом дуо, тоҥолохторуттан ыгыта тутуспут дьуохардьыттар ыккардыларынан кыбыллан куруук ис, тас өттүгэр дьылыс гынан бэйэбэр дылы орой мэник оҕолордуун сырсыалаһа сүүрэбит, оһуохайдьыттарга мэһэй-таһай буолабыт. Бу сылдьан, төһө да улахан дьонтон борулуннарбыт эбэ, эһэ кутуруктара, быыкаайык баҕайылар өбүгэбит мааны үҥкүүтүнээн – оһуохайдыын – бастакы билсиһиибит буоллаҕа.

Киэһэлик ат сүүрдүүтэ буолуохтаах, хорчуоппаҕа таарыйан тото-хана аһаат, аны онно ыстанабыт. Ат сүүрдүүтэ сөмөлүөт түһэр пуордугар ыытыллар, онно тиийбиппит номнуо киһи бөҕө мустубут. Урут суол оҥоһуллуон иннинэ  дьон-сэргэ Сунтаарга мантан сөмөлүөтүнэн тиэстэрэ. Сөмөлүөт сүүрэн даллаһыйан халлааҥҥа өрө тыраадыйан тахсыар диэри сүүрэр суола, ыһыах күн саха аттара күөн көрсөр, күрэс былдьаһар сирдэригэр кубулуйара.

Кыра убайым Уйбаан, аарымыйаҕа барар сааһын ситэ илик уол, ат сүүрдэн холонон көрүөхтээх. Эбэлээх ийэм долгуйуулара миэхэ бэриллэр. Ырыых-ыраах, ойуур саҕатыттан аттар түстүлэр. Аттар туйахтарын тыаһа ыраахтан тибигирээн, кумаҕы өрүкүтэн, быылы бурҕатан туох да көстүбэт. Аттыбытынан аттар быылынан саба тибэн ааспыттарын кэннэ Уйбааммыт хотто диэн буолла. Дьиэбитигэр төннөн иһэн эбэм кыратык мичик гынан үөрэр, мичээрдээтэҕинэ мэктиэтигэр сирэйэ сырдыырга дылы.

— Эбээ, ити эн Уйбаан бастакы миэстэ буолбутуттан үөрэҕин дуо? — диибин.

Киһим хоруйдаабат. Ким билиэй, баҕар иһигэр, мин төрүөм биир сыл иннинэ өлбүт кэргэнигэр кыра уолларын ситиһиитин кэпсии, киһиргии  иһэн саҥабын истибэккэ хаалбыта буолуо. Ийэм эбэм санаатын таайбыттыы:

— Уйбааммыт аҕатын батан үчүгэй ат сүүрдээччи буолсу, — диэбитигэр эбэм барахсан өҥө сүтэн өлбөөдүйбүт  хараҕын сэмээр ньухханаахтыыр.

Онтон мин… Онтон мин лыахтары сырса оонньуубун уонна сарсыардааҥҥы саһарҕалыы саҥа сандааран эрэр олоҕум биир кэрэ түгэнэ кырачаан сүрэҕим муннугар истиҥ иэйиигэ сууланан иҥмитин сэрэйэн да көрбөппүн.

                                                  Анжелика МОТОСОВА

                 “Чолбон” сурунаал архыыбыттан ылылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0