Дьокуускайга пандемия кэмигэр бастакы ветеринарнай “суһал көмө” массыыната үлэтин саҕалаата. Бу көмөнү чааһынай ветеринарнай килииникэ оҥорор.
Чахчыта, дьиэҕэ хаайтаран олорор кэмҥэ дьиэ кыыллара эмиэ ыалдьар буоллахтара. Бэл, төрөөрү моһуогуруохтарын сөп. Ханна да бара-кэлэ сатаабакка, сыстыам диэн куттаммакка, бэтэринээрдэри дьиэҕэ ыҥыран эмтэтэр табыгастаах. Бастакы күннэргэ дьиэҕэ ыҥырыы аҕыйах да буоллар, билбит-истибит дьон сэргээбиттэр. Бу сонуну, бэл, федеральнай ааҕыныстыба ТАСС сырдатта.
“Суһал көмө” массыыната анал тэрилинэн толору хааччыллыылаах: эпэрээссийэлиир, суһал көмөнү оҥорор тэриллэр, наһыылкалар, о.д.а. Дьиэҕэ олорор кыра кыылларга эрэ буолбакка, сүөһү, сылгы, көтөр да ыарыйдаҕына, кэлэн, эмтээн, укуоллаан барыахтарын сөп.
Эбэн эттэххэ, Арассыыйаҕа соторутааҕыта дьиэ кыылларыттан куоска аан бастаан коронавируһунан ыалдьыбыта биллибитэ. Куоска ыалдьыбытыгар хаһаайына веткилииникэҕэ илдьибит. Онно анаалыс ылбыттара, коронавирус буолара бигэргэммит. Куосканы билигин хаһаайынын кытары харантыыҥҥа олордоллор. Онон кыыллар да ыалдьаллар эбит.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн