Бастакы паром сарсын түһүөҕэ (ВИДЕО)

22.05.2017
Бөлөххө киир:

Сарсын,  ыам ыйын 23 күнүгэр «Дьокуускай» судоходнай хампаанньа парома Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри,  боруобалааһын быһыытынан, бастакы рейсин оҥоруоҕа.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
«Хаҥалас улууһугар паромнар сырыылара эмиэ сарсыҥҥыттан саҕаланыаҕа», – диэн «Эдэр саас» сайтка СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров иһитиннэрдэ. Оттон Хаҥалас – Суотту хайысхатынан аны үс-түөрт күнүнэн (бээтинсэ-чэппиэр эҥэр) паромнар сырыылара саҕаланыаҕа.

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан быйылгы навигацияҕа 9 паром үлэлиэҕэ.  Мохсоҕоллоох – Хачыкаат хайысхатынан 7, Хаҥалас – Суотту хайысханан 2 паром сылдьыахтара. Тарыып үрдээбэтэ, былырыыҥҥынан хаалла.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0