Бастакы оҕоҕо төлөбүр икки төгүл улаатта

Бөлөххө киир:

Уһук Илин эрэгийиэннэригэр бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ, биирдэ төлөнөр харчы кээмэйин улаатыннардылар. Кээмэйэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин икки төгүллээх сууматыгар тэҥнэстэ. 2018 сыл тохсунньутуттан бастакы оҕоҕо төлөбүрү биэрэн барбыттара, кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин саҕа  (16,9 тыһ. солк.) этэ. Ол эбэтэр, быйылгыттан икки төгүл үрдэппиттэр.


Кулун тутар 15 күнүгэр диэри федеральнай министиэристибэлэр тустаах докумуоннары бэлэмниэхтээхтэр. Бу социальнай төлөбүргэ анаан 3,146 млрд солк. көрүллүөхтээх. Үп-харчы «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тыырыллар.

Саха сиригэр мантан 146,5 мөл. солк. тиксэр. Ону тэҥэ, үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, үс сааһын туолуор диэри ый аайы 16 900 солкуобайы биэрэри былаанныыллар.

Маннык көмөнү ылар эрэгийиэннэргэ Чукотка, Бурятия уонна Саха сирэ киирсэллэр. Бу маннык миэрэлэринэн Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэни элбэтэр, үгүс ыаллар көһөн баралларын тохтотор соруктаахтар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0