Бастакы оҕоҕо бэриллэр “Путин босуобуйатын” болдьоҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн уһаата. Аны оҕо 3 сааһыгар диэри ылыахха сөп буолла.
Бу босуобуйаны 2018 сылтан бастакы оҕолоро төрөөбүт (иитэ ылыллыбыт) дьиэ кэргэттэр ылаллар. Дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйин иккигэ төгүллээбит саҕа сууматтан үрдүк буолуо суохтаах. Үһүс ирдэбил быһыытынан, бары РФ гражданнара буолуохтаахтар.
Босуобуйа кээмэйэ – ый аайы 17 660 солкуобай.
Дьиэ кэргэн 12 ыйдааҕы туох баар дохуотун сууматын ааҕаллар. Онон, дохуот дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, 36 322 солкуобайтан намыһах буоллаҕына, босуобуйа төлөнөр. Ол эбэтэр, холобур, дьиэ кэргэн 3 киһилээх буоллаҕына, 36 322 солкуобайы үскэ төгүллүүгүт – ыйдааҕы дохуот суумата 108,9 тыһыынча солкуобайтан намыһах буолуохтаах.
Төрөппүт бырааба быһыллыбыт, оҕо судаарыстыба хааччыйыытыгар киирбит буоллаҕына, босуобуйа төлөммөт.
Сайабылыанньалары социальнай көмүскэл управлениеларыгар биэрэҕит. Ону тэҥэ, e-yakutia.ru портал нөҥүө эмиэ ылаллар. Электроннай көрүҥүнэн бэриллибит сайабылыанньалар бастакы уочарат көрүллэллэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru