Бастакы күн түмүгүнэн Артем Варданян бастаан иһэр

Бөлөххө киир:

Бүгүн, кулун тутар 27 күнүгэр, Дыгын оонньууларыгар сүүмэрдиир күрэхтэһии маҥнайгы күнэ түмүктэннэ. 12 бөҕөс  үс көрүҥҥэ күрэхтэстэ: үс төгүл үс, тутум эргиир, мас тардыһыы.

Бастакы күн түмүгүнэн, Артем Варданян (Нам) сэттэ очукуолаах  бастаан  иһэр. Кини кэнниттэн 14 очукуолаах Павел Друзьянов (Чурапчы) уонна үһүс миэстэҕэ 16 очукуолаах Никита Новгородов (Уус Алдан) иһэллэр.

Сарсын 10:00 чаастан бөҕөстөрү оҕунан ытыы, 400 м сүүрүү, хапсаҕай уонна тааһы көтөҕүү көрүҥнэрэ күүтэллэр.

Сарсын ханнык үс спортсмен «Дыгын оонньууларын» финалыгар кыттарын билиэхпит.

Виктория Бястинова, edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат. 

Хаартыска https://www.instagram.com/sportyakutia.ru/ 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0