Анал чинчийии түмүгэ көрдөрөрүнэн, Саха сирин олохтооҕун 60 бырыһыана ыксаллаах түгэннэргэ эмсэҕэлээбит киһиэхэ бастакы көмөнү хайдах оҥорору билбэт эбэтэр сатаабат. Ол да иһин, былырыын тэриллибит «Бастакы көмө оскуолата» көхтөөхтүк үлэлээн, нэһилиэнньэҕэ сүбэ-ама биэрэр, тэрилтэлэргэ сылдьан анал үөрэҕи ыытар.
edersaas.ru
«Бастакы көмө оскуолатын» Медицина национальнай киинин перинатальнай отделениетын анестезиолог-реаниматолога, медицинскэй наука хандьыдаата, Саха сирин анестезиолог-реаниматологтарын научнай-практическай уопсастыбаларын вице-бэрэсидьиэнэ, бастакы көмө оскуолатын салайааччы, medykt.ru cайт кэрэспэдьиэнэ, энтузиаст Наталья Иванова үлэлэтэр.
— Наталья Георгиевна, «Бастакы көмө оскуолатын» туох санааттан тэрийбиккиний?
— Аҕыйах сыллааҕыта миэхэ уустук эпэрээссийэ оҥоһуллубута. Норкуос кэнниттэн уонна сыл аҥаарын быһа үлэлээбэт турукка (больничнайга) киирэн олорон, ис туругум хайдах эрэ уларыйан хаалбыта, олох сыаннастарын атыннык ылынар буолбутум. Бу кэмҥэ диэри кыараҕас ыырдаах олорбут курдук санаммытым. Уопсайынан, олохпор туох эрэ саҥаны киллэриэхпин, дьоҥҥо тугунан эмэ көмөлөһөр баҕам өссө күүһүрбүтэ. Толкуйдаан бараммын, бэйэм тугу сатыырбын дьоҥҥо кэпсииргэ, ол эбэтэр ыарыһахтарга көмөлөһөргө быһаарыммытым. Мин санаабар, быраас аптарытыата кини билиититтэн-көрүүтүттэн, үөрүйэҕиттэн эрэ буолбакка, уопсастыбаҕа төһө көхтөөҕүттэн эмиэ тутулуктаах. Биир идэлээхтэрим тустарынан араас ыстатыйалары суруйан бэчээттэтэр буолбутум, быйыл магистратураҕа суруналыыстыкаҕа киирдим.
— «Оскуола» үлэтигэр төнүннэххэ?
— Эмсэҕэлээбит киһиэхэ эмчиттэр кэлиэхтэригэр диэри бастакы көмөнү ким баҕарар оҥоруон сөбүн туһунан кэпсиир, көрдөрөр соругу туруоруммутум. Кылаабынайа, билбэт да киһиэхэ көмөлөһөргө бэлэм, аһыныгас сүрэхтээх, аһаҕас дууһалаах буолуохха эрэ наада.
Бу санааларбын аан бастаан Facebook суруйбутум. Хас да киһи олус наадалаах уонна туһалаах үөрэх буолуоҕун бэлиэтээн, миигин өйүүллэрин биллэрбитэ. Кинилэр биһирээбиттэриттэн кыым саҕыллан, босхо дьарыктары ыытарым туһунан биллэрии таһаарбытым. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истэн, тэрилтэлэргэ уонна оскуолаларга ыҥыран барбыттара.
Сорох дьон: «Биһиги оскуолаҕа ОБЖ предметигэр үөрэппиппит», – дииллэр. Ол гынан баран, билбэттэрэ наһаа элбэх буолар. Кырдьыга да, 9-10 кылаастарга аҕыйах чааска билбитиҥ аҕыйах буоллаҕа. Бастакы көмөнү оҥоруу үөрэҕэр мүччү туппуппут наһаа элбэх. Эбиитин, кырдьаҕас киһи үөрэҕи ылынара эмиэ атын. Онон, эдэрдэри да, аҕам саастаахтары да барыларын бииргэ үөрэтиэххэ наада. Билигин дьон үксэ бэйэтин доруобуйатыгар бэйэтэ кыһаллар наадатын өйдөөтө.
Мин төһө да быраас буолларбын, билбэтим-көрбөтүм син биир элбэх буоллаҕа. Ол иһин, атын исписэлиистэри эмиэ ыҥырабын. Суһал көмөнү оҥорорго өйбүттэн хантан да ылан кэпсээбэппин, наһаа элбэх литератураны ааҕабын, ону сааһылаан, онно олоҕуран тиийимтиэ гына боростуойдук кэпсии, көрдөрө сатыыбын. Киһи киһиттэн үөрэнэр. Москваҕа реанимация Европатааҕы сэбиэтигэр баран үөрэнэн, инструктор сэртипикээтин ылан кэлбитим. «Саха» Национальнай-көрдөрөр хампаанньа «Эмчит» биэриитигэр «Бастакы көмө» диэн рубрикалаахпын.
— Анестезиолог-реаниматолог идэтин туһунан кылгастык быһаардаххына?
— Анестезиолог-реаниматологтар – элбэх хайысхалаах исписэлиистэр. Кинилэр билиилэриттэн уонна дьайыыларыттан ыарахан туруктаах ыарыһахтар олохторо тутулуктаах. Кинилэр ханнык баҕарар суһал ыҥырыыга үлэлиир кыахтаахтар. Бу идэҕэ улахан дьон уонна оҕо анестезиолога диэн араарыы суох. Туох баар ыарахан ыарыһахтар анестезиолог-реаниматолог илиитин нөҥүө ааһаллар. Онон, кинилэргэ биир идэлээхтэрэ уонна ыарыһахтар, атын быраастарга курдук, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтарын баҕарабын.
—Бастакы көмөҕө биир эмэ сүбэни биэриэҥ дуо?
— Холобур, киһи уҥуохха хардаҕына, судургу да көмөнү кыайан оҥорботоххо, өлөн киирэн барыан сөп. Онон, киһини тилиннэрии, сүрэх-тыҥа реанимацията эмиэ бастакы көмөҕө киирсэр. Билбэт киһи сүрэх-тыҥа реанимациятын наһаа ыарахан курдук саныыр. Кылаабынайа, биричиинэтин уонна ыарыһах туругун сатаан сыаналыыр буоллаххына, боростуой ньымалары оҥоруоххун сөп. Аан бастаан кини тыынарын-тыымматын быһаарыахтааххын. Онуоха кини муннун уонна айаҕын диэкинэн төҥкөйөн, тыынын тута сатыахтааххын. 10 сөкүүндэ устатыгар салгыны эҕирийбэт уонна төттөрү таһаарбат буоллаҕына, сүрэх-тыҥа реанимацията наада эбит.
«Суол саахалыгар «Суһал көмө» быраастара бытааннык кэлэннэр, ыарыһах өлөр» — диэн этии мэлдьи оруннаах буолбатах. Биһиги куораппыт кыра, онон көмө кэмигэр кэлэр. Ол оннугар сүрүн биричиинэнэн (70 бырыһыаныгар) бастакы көмөнү ким да оҥорботоҕо буолар. Холобур, артериальнай хаан барыытыгар киһиэхэ жгут ууруохха наада. Жгут суох буоллаҕына, саатар бааһын ытыһынан саба тутуохха сөп. Оччотугар эмчиттэр кэлиэхтэригэр диэри кини тулуктаһар. Эбэтэр дьон көмөлөһөөрү сыыһа хамсаналлар. Онтон көмөнү сөпкө оҥордоххо, киһини өрүһүйүөххэ сөп.
* * *
— Дьиэ кэргэниҥ, хоббиҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— 5 саастаах оҕом уһуйааҥҥа сылдьар. Атын кэрэ аҥаардар курдук, туох эрэ сонун аһы астыырга, санаатым да дьиэбин-уоппун тупсарарга улахан дьоҕурдаахпын дии санаабаппын.
— Киһи кэрэ буоларыгар туох нааданый?
— Кылаабынайа – чөл олох. Сөпкө аһыыр, сөпкө утуйар, дьону кытары тэҥҥэ үөрэ-көтө сылдьар, уйулҕата ыраас киһи эйгэтэ да ыраас буолар.
— Ыалдьыбыт киһи санаата түспэтигэр тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Биллэрин курдук, искэн курдук ыарахан, уодаһыннаах ыарыы наһаа элбээтэ. Саха киһитэ куһаҕан ыарыыга ыллардаҕына, төһө кыалларынан кистии сатыыр, дьоҥҥо мээнэ кэпсээбэт буолара. Оттон билигин, бириэмэ уларыйан дуу, барытын социальнай ситимнэргэ тарҕаталлар, көмө көрдүүллэр. Саха сирин быраастара сатаан эмтээбэттэрин, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ тугу да көмөлөспөтүн курдук сыыһа санааны үөскэтэллэр. (Биллэн турар, оҕолору аһынабын, ол эрээри, оҕолору харыстыахха наада эбитэ буолуо). Онон, быраас уонна ыарыһах икки ардыгар ытыктабыллаах сыһыан, эмчиккэ итэҕэл суох буолла. Сэбиэскэй кэм саҕана быраас диэн нэһилиэнньэ саамай ытыктыыр идэтэ этэ. Онон, ийэм быраас идэтэ туһалааҕын билэр буолан, миигин үрүҥ халааттаах аанньал буоларга сүбэлээбитигэр уонна такайбытыгар олус махтанабын. Дьиҥэр, учуутал буола оонньоон улааппытым ээ.
— Сорох доруобай киһи ыарыы туһунан эрдэттэн билэ-көрө туруон баҕарбат. Дьиҥэр, бастакы көмөнү оҥоруу туһунан кинигэ хас биирдии киһи «остуолун кинигэтэ» буолуон сөбө.
— Балаһыанньаны сөптөөхтүк сыаналаан, бастакы көмөнү төһө сөпкө дуу, сыыһа дуу оҥороруҥ ыарыһах үтүөрэригэр улаханнык дьайар.
Суолга тахсыбыт саахалга уонна ханнык баҕарар ыксаллаах балаһыанньаҕа оҥоһуллар чопчу дьайыылары көрдөрөр мобильнай сыһыарыы оҥорон, Граҥҥа үлэлэһиэхпин баҕарбытым. Эн төһө да туһалаах бырайыактааҕыҥ иһин, харчыта суох буоллаххына, биир сиргэ олорон хаалыаххын сөп. Ол гынан баран, санаабын түһэрбэппин, инним диэки хардыылыыбын. Эн үөрэххин биир-икки киһи да ылыннаҕына, салгыы дьоҥҥо кэпсиир буоллаҕына, ол эмиэ ситиһии.
Дьон бастакы көмөнү оҥорортон куттамматын диэн сүбэлиэм этэ.
Олоҕун олуктара:
2006 с. СГУ медицина институтун кыһыл дипломунан бүтэрбитэ;
2006-2008 сс. Москваҕа анестезиология уонна реаниматология кафедратыгар клиническэй ординатураҕа үөрэммитэ;
2014 с. – кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ.
2017 с. – «Бастакы көмө оскуолатын» тэрийбитэ.
Медицина национальнай киинин перинатальнай отделениетын анестезиолог-реаниматолога.
х х х
Иван Оконешников, Томпо улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа:
– Энтузиаст, патриот, уопсастыбанньык Наталья Георгиевна элбэх педагогу, быыһааччыны уонна доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин үөрэтэн, бэйэтин билиитин, үөрүйэҕин чиҥэтэр. Маннык бырайыак сайдарыгар регионнааҕы былаастан сөптөөх бырагыраама уонна көмө наада. Бу туһалаах оскуола өссө да сайыннын, Саха сирин олохтоохторо доруобай сылдьалларын туһугар таһаарыылаах уонна ситиһиилээх үлэни баҕарабын.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru