«Эдэр саас» хаһыат уратытык «чаҕылыҥнаан», 90-с сыллар түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэригэр оччотооҕу ыччат инники суолун тэлэригэр суолдьут сулус буолбута. Ити кэмтэн син балачча сыл ааста. «Эдэр саас» хаһыат тахсыбытын курдук тахса турар. Көлүөнэлэргэ анаан уларыйар-тэлэрийэр. Ол курдук, сарсын «Эдэр саас» хаһыат анал саайта үлэлиир. Бэлиэ күҥҥэ хаһыаты төрүттээбит, оҥорбут биллиилээх сурунаалыыс Уйбаан Ушницкайдыын кэпсэтиини таһаарабыт.
— Уйбаан, үтүө күнүнэн! Туох сонун, доруобуйаҥ ама дуо? – диэн саха киһитин үгэһинэн ыйытабын.
-Этэҥҥэ сылдьабын. Сайын оһолго түбэһэн, харахпын дэҥнээн, чуут икки харахпыттан мата сыспытым. Дьокуускай, Иркутскай үрүҥ халааттаахтара быыһаатылар. Аны Кореяҕа бараары сылдьабын. Кинилэр хараҕым көрүүтүн тупсаран, таптыыр идэбинэн суруйар кыаҕым улаатарыгар көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэл улахан. Биир идэлээхтэрим оһолго түбэспиппин истэн норуокка миэхэ көмөлөһөргө ыҥырыы таһаарбыттарын элбэх киһи аахпыт. Олох билбэт дьонум уулуссаҕа көрсөн, телефоннаан ыйыталаһаллар. Ити хаһыат күүһүн көрдөрөр. Түгэнинэн миэхэ ыарахан кэммэр материальнай-моральнай өйөбүл буолбут дьоҥҥо махтал.
– Оннук эрэ буоллун. «Эдэр саас» аҕалаатар аҕата буолаҕын. Хаһыат тэриллибит кэмин ахтан-санаан ааһыах эрэ.
– 1990-с сыллар эргин «гласность» диэн тыл үөдүйэн, туох баарын барытын хайдах баарынан көрдөрүөххэ диэн буолбута. Сэбиэскэй сойууска кистэлэҥҥэ сылдьыбыт тиэмэлэри аһаҕастык сырдатыы саҕаламмыта. Ол курдук, репрессия тиэмэтэ ордук дьону интэриэһиргэппитэ. Ити кэмҥэ дьон хаһыаты умсугуйан ааҕар буолан, ыччат хаһыатын тахсар ахсаана 52 тыһ. 700-кэ тиийбитэ.
– «Эдэр сааһы» хайдах тэрийбиккитий?
– Ити кэмнэргэ ыччакка аналлаах таһаарыы суоҕа. Доҕорум Афанасий Мигалкины, Василий Васильевы-Харысхалы кытта хайдах таһаарабыт диэн бииргэ депутат буола сылдьан сүбэлэһэрбит. Онтон Виктор Ноговицын ыччат уонна спорт миниистирэ буоларын кытта идеябын эттим. Биир күн эмискэ таһааран ыһар хайдах да кыаллыбатын эттим. Онон бастаан сурутуулаах хаһыаттарга сыһыарыы быһыытынан таһаарыахха диэн этии киллэрдим. «Саха сирэ» хаһыакка сыстара ордук этэ. Күүстээх суруналыыстар мустан эрэллэрэ. «Саха сирэ» хаһыат эрэдээктэрэ Василий Кириллины Верховнай Сэбиэт дьокутаата буолан сылдьан, парламент трибунатыттан кириитикэлээн турабын. Онон чугаһаппата буолуо дии санаабытым. Оччоҕуна «Сахаадаҕа» сыстан, биллэ-көстө түһэн баран, туспа барыахпыт диэн буолбута. Онуоха Василий Кириллин миигин эрэдээктэр оҥороору гыналларын истэн баран, олус үөрбүт аҕай этэ. Улахан дьон саха туһугар оннуктар, уруккуну-хойуккуну аахсыбаттар. Кэлин атастыы, доҕордуу буолан, ону ааһан, аҕа – уолугар, уол – аҕатыгар курдук сыһыан үөскээбитэ.
– Ыччат болҕомтотун хайдах тардабыт диэн толкуйга түспүт буолуохтааххыт?
–Тута Таҥаранан, абааһынан киирэр сүрэ бэрт. Онон иккис-үһүс нүөмэртэн сыыйа киириэм дии санаабытым. Оннук баар дуу, суох дуу дии сылдьар кэмнэригэр «хараҥа хос», таптал туһунан «сүрэх кистэлэҥэ», рубрикаларга “элбэх ойохтонуу, көссүүлэһии сөп дуо?” дэн тыллаах-өстөөх суруйуулар эмиэ дьону улаханнык соһуппуттара да, интэриэһиргэппиттэрэ да. Дьону хал оҥорбот сыалтан манна сыһыаннаах хас даҕаны рубриканы толкуйдаабыппыт. Биир халыыбынан суруйар сыыһа дии саныыбын.
Ол гынан баран, сүрүн болҕомтобутун ыччат күннээҕи кыһалҕатыгар, тугунан тыынан, үлэлээн-хамсаан олороллорун күүскэ сырдатарбыт. Наар ыччат хаһыатыгар үлэлээбит киһи буоларым быһыытынан, төһө сатанарынан, ыччат ортотугар элбэхтик сылдьан, кинилэр олохторун — дьаһахтарын билэ сатыырым. «Эдэр коммунист» хаһыакка 18 саастаах эдэр киһи кэлбиппэр, саамай эдэрдэрэ 35 саастааҕа. Ыал буолбут киһи редакцияттан ханна да барбат буоллаҕа. «Эдэр сааһы» тэрийэр түгэммэр хайаан да ыччат ортотугар сылдьар, активнай эдэр дьону түмүөхтэхпин диирим. Коллективым орто сааһа – 26 буолта. Ол эрээри холобура Валентина Бочонина, Сардаана Баснаева курдук академиктары да кытта тэҥҥэ кэпсэтэр таһымнаахтара. Онтон общественнай корреспонданнарым — устудьуоннар: Вера Макарова, Света Пахомова, Света Гоголева, Ангелина Васильева, оскуолаттан биһиэхэ кэлбит Яна Байгожаева, Люба Готовцева, Марианна Тихонова, Иннокентий Аммосов эмиэ СГУ суруналыыстыкатыгар киирбиттэрэ. Хаһыаты эдэр фотографтар Максим Хаптагаев, Олег Николаев хаартыскалара, кэлин аатырбыт худуоһунньук Иннокентий Пестряков уруһуйдара лаппа киэргэппиттэрэ. Элбэх доҕотторбут спонсордыыллара, коллегаларбыт, геройдарбыт идеялары биэрэллэрэ.
– Ыччакка анаан элбэх тэрээһини ыытар этигит. Олортон ханныктары чорботоҕун.
— «Эдэр коммунист» эрэдээктэрэ Николай Герасимов — Айталын «хаһыат суруйар эрэ буолбатах, кэлэктиибинэй тэрийээччи», – диэн Ленин этиитин өрүү тоһоҕолоон хатылыыра. Маны өйбөр хатыы сылдьар буоламмын, «Эдэр сааска» араас тэрээһиннэри күүскэ ыытарбыт. Аны туран, ити кэмҥэ реклама үйэтэ саҥа саҕаламмыта. Хаһыаты рекламалыыр сыалтан элбэх тэрээһин толкуйдуурбут. Холобур, хаһыат геройдарын хаһыакка эрэ буолбакка, илэ бэйэлэрин норуокка таһаарыахха диэн көрүһүннэрэр санаа киирбитэ. Аны туран, оччолорго дьон тоҕо эрэ сахалар кэнсиэртэригэр сылдьыбат буолбута. Ол оннугар стадионнарга ыытыллар соҕуруутан кэлбит “сулустарбыт” дэнээччилэр шоуларыгар сылдьаллара Стадиону толору киһи кэлээччи. Ол иһин хайдах гынан бэйэбит дьоммутун интэриэһиргэтэбит диэн толкуйга түспүппүт. Хас ШОУ-бут аайы искусство, культура, драмтеатр, спорт бастыҥнарын, кэрэ кыргыттар куонкурстарын кыайыылаахтара кыттыннарарбыт. Театральнай сценкаларынан “Сүрэх кистэлэҥниирбит”, “Хараҥа хостоох” буолара. Муолаҕа киирэн эрэр үҥкүүлэри, спорт көрүҥнэрин ааттаах –суоллаах ыччаттарынан көрдөрөбүт. Бастакы тэрээһини университекка оҥорбуппут. Онно оччотооҕу ыччат миниистирэ Виктор Ноговицын буолар чааһыгар оруобуна кэлэн, кыайан киирбэккэ көрүдьүөс буолбута. Онно билиэккэ тиксибэтэх ыччат ити тэрээһини иккистээн оҥоруҥ диэн көрдөспүтэ. Онуоха мин хатыылыырбын адьас сөбүлээбэппин. Ыстатыйаларбын хат хаһан да суруйбаппын. Сорохтору өйдөөн көрдөххө, биэс сыл буола-буола ыстатыйаларын соччо-бачча уларыппакка биири таһаараллар ээ. Онон атын тэрээһини оҥорор толкуйугар түстүбүт. «Кэлэр нүөмэр хасыһый?», – диэн ыйытааччы буоллум, онуоха 99-с нүөмэр диэтилэр. Уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, нэдиэлэ иһинэн 100-үс нүөмэргэ анаан «Сүүс – «Эдэр саас» шоуну тэрийбиппит. Онно сүүс диэни киһи сүүһүн кытта дьүөрэлээн, дьону сүүстэринэн харсыһыннартаабыппыт, ким сүүһэ үрдүгүн бэрэбиэркэлээбиппит, сүүс см үрдүктээх эстрада артыыстара Кельбинэбэлэри, сүүс киилэлээх дьону кытыннарбыппыт. «Мисс-сүүс» диэн кыраһаабыссаны талбыппыт, онтубут түөһүнэн сүүс, самыытынан сүүс см кэтиттээх буолуохтаах. Киирии билиэтэ 100 солк.,бириистэрбит эмиэ барыта 100 доллар, дойче марка, иена, юань этилэр. Клоуннар сүүрэ сылдьан, көрөөччүлэри кээмэйдээбиттэрэ олус көрдөөх этэ. Дьон олус астынан, үөрэн-көтөн тарҕаспыта. “Оокко—Тихон ШОУ-га” саха дэҥэ үөскүүр бөдөҥ бөҕөлөрү мас тардыһыытыгар, теннискэ киирсэллэрин көрөөрү дьон баппакка, киирэ сатаан, Өксөкүлээх киинин таас аанын алдьаппыттара. Оннук кирэргэ баҕараллара.
– Билигин тахса турар «Эдэр сааһы» туох дии саныыгын? Оҕоҥ курдук саныыр хаһыаккын, арааһа, көрөр-ааҕар буолуохтааххын.
– Харахпын оһоллуом иннинэ хаһыаты барытын атыылаһан ааҕар этим. Хаһыатчыт түүн-күнүс хаһыаты өрүү ааҕыахтаах. Билиҥҥи «Эдэр саас» аныгы көлүөнэҕэ толору эппиэттиир. Дизайна лаппа тупсубут диэн көрөбүн. Олус сэргэх. Итини тэҥэ, «Саха ыччатын – промышленноска», «От шоу» бырайыактарын олус сэргиибин. Биһиги бу тиэмэни сырдаппыппыт эрээри, маннык промышленность идэлэрэ баар диэн ыччакка быһааран кэпсиир этибит. 20-чэ оҕону бөртүлүөтүнэн илдьэн, үлэни үрдүттэн көрдөрүү тэрийэр өй киирбэтэҕин, кыайдылар диэн үөрэбин.
Александр ТАРАСОВ, edersaas.ru