Бастакы Чио-Чио-Сан — Ая Яковлева

19.10.2016
Бөлөххө киир:

Эдэр, кыраһыабай, кэрэ куоластаах опернай ырыаһыт Ая Яковлеваны,  саха сценатыгар аан бастаан 1966 сыллаахха тахсаатын кытта, көрөөччү тута сөбүлээбитэ. Оттон, хатыламмат дьикти-үчүгэй лирико-драматическай сопрано куолаһынан эмиэ аан бастаан Италия аатырбыт композитора Джакомо Пуччини  “Чио-Чио-Сан” оператыгар сүрүн партияны толорбутугар, көрөөччү кутун-сүрүн букатыннаахтык туттарбыта…  Онон кинини опернай ырыаны, искусствоны сэҥээрээччилэр “Бастакы Чио-Чио-Сан” диэн сүрэхтээбиттэрэ быданнаата…

  • Ая Николаевна, тыа сиригэр командировкаҕа сырыттахха, биһигини, хаһыаччыттары кытта көрсүһүүгэ, биллэн турар, айар куттаах дьон сүрүннээн кэлэллэр, оннук көрсүһүүлэргэ мин хаста да, Эйигин ыйыталаһалларын бэлиэтии истибитим: ханна баарый, тугунан дьарыктанар, олох сүтэрэн кэбистибит дии, диэн… Онон, дьэ, дьоҥҥор-сэргэҕэр, бука диэн, бэйэҥ тускунан сырдата түс эрэ…
  • Оо, барахсаттарыам… Ханна барыамый, баарбын-баарбын. Бу, Музыкальнай колледжпар вокал салаатыгар сольнай ырыаҕа преподавателинэн үлэлиибин. Манна 1954 сыллаахха, дойдубар Мэҥэ-Хаҥаласка, Хаптаҕай сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан наар ырыаҕа, музыкаҕа талаһар кыыс, туттарсан киирбитим. Онон, бу бэйэм үөрэммит, киһи буолбут  училищем. Оччолорго “музыкальнай-хореографическай” диэн ааттанара, ити билигин 4 N-дээх маҕаһыын кэннигэр Дзержинскэй уулуссаҕа мас дьиэлэр бааллара…  Бастакы балериналар – Аксения Посельскаялаах манна үөрэммиттэрэ. Захар Степанов, Николай Берестов  курдук аатырбыт музыканнар, композитордар, ырыаһыттар бу, Марк Жирков аатынан Музыкальнай училищены араас сылларга үөрэнэн бүтэрбиттэрэ.  Ааттыы үөрэммиппинэн, училищем – бэйэм дьиэм кэриэтэ. Өссө 1972 сылтан саҕалаан, чаастаахпын, оҕолору ырыаҕа үөрэтэбин. Онтон 1986 сылтан сүрүн үлэм манна буолбута. Училищебын, үлэбин, үөрэнээччилэрбин, 4-с этээспин олус таптыыбын, кыһыҥҥы Ороһооспо уһун өрөбүллэригэр, оннооҕор, ахтабын…
  • Чахчыта да, профессор, кафедра сэбиэдиссэйэ, талааннаах опернай ырыаһыт, кырдьык, бу сыллар тухары, үгүс устудьуону үөрэтэн-такайан, ырыаһыт оҥордоҕуҥ…
  • Оннук. Үөрэнээччим элбэх. Арктическай култуура, искусство институтугар – АГИКИ-гэ эмиэ үлэлиибин. Бу институт аһыллыытыгар, биһиги училищебыт базатыгар, Россия народнай артыыһа ааппынан туһанан, бырабыыталыстыбаҕа туруорсан, манна, бэйэм туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит Ураллааҕы консерваториям филиалын астарбытым. Оннук улахан суолта бэриллибитэ – ССРС, РСФСР народнай артыыстара бэйэлэрин оскуолаларын аһар бырааптаахтара. Онтон институт тигинэччи үлэлээн киирэн барбытыгар мин  салайар кафедрам —сольнай ырыа кафедрата  АГИКИ-гэ көстүбүт. Онон, үөрэнээччилэрим эмиэ, колледжы бүтэрэн баран, институкка салгыы үөрэнэллэр.  Мин педагог быһыытынан сыалым-соругум – эдэр ырыаһыттар куоластарын аһан, босхолоон, айылҕаттан бэлэхтэппит талааннарын чочуйан-чочуйан, таһааран биэрии буолар. Үгүс дьон, оҕо сылдьан сыыһа ыллаан, биһиги профессиональнай тиэрмиммитинэн эттэххэ, “вокальнай дьэппиэктэнэн” хаалаллар, ону көннөрөн, куоластарын сөпкө “туруоран” биэрэбит. Үөрэнээччилэрбиттэн билигин Опера уонна балет театрыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар – биллэр-көстөр солистар Валерий Касаткин, Ольга Чемпосова, Владислав Постников диэн уолум кэлин режиссер буолбута. Үгүс киһи улуустарга преподавателлии сылдьар. Хорга, араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ, циркэҕэ  бааллар үөрэнээччилэрим. Варвара Обоюкова – норуот фольклорун илдьэ сылдьар кыыһым университекка үлэлиир. Айталина Спиридонова “Туймаада” госансаамбыл солистката. Үөрэнээччим Маргарита Мартынова Бүтүн Россиятааҕы музыкальнай куонкурус кыайыылааҕа. Уопсайынан, 20-тэн тахса үөрэнээччим — өрөспүүбүлүкэтээҕи, Россиятааҕы, аан дойдутааҕы куонкурустар лауреаттара. Мин үөрэнээччилэрим эстрадаҕа эмиэ бааллар. Холобура, эстрадаҕа чаҕылхайдык киирбит СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Бурнашев, элбэҕи эрэннэрэр Сайсары-Куо, Владислав Петров, Константин Степанов айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар… Итинник ааттаатахха элбэхтэр.
  • 1974 сыллаахха Эн Мадам Баттерфляй партиятын ситиһиилээхтик толоруугунан Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолбутуҥ. Оччолорго, госбириэмийэ лауреата буолар уустуктардаах этэ дуу, биитэр, партия эттэ да – ким да мөккүспэт, судургутук толоруллар этэ дуу?
  • Ким билэр (мичээрдиир-ред.)…   Оччолорго, ханнык операҕа ханнык партияны толоруоххун баҕараҕын, диэн, сүрүн солистартан ыйыталлар этэ, уонна ол сүнньүнэн театр репертуарын оҥороллоро. “Чио-Чио-Саны” мин бэйэм  көрдөһөн туруортарбытым. Онон, Чио-Чио-Сан партиятын аан бастакы уонна соҕотох толорооччу этим. Үөрүүлээх сонуну Саха драмтеатрын кылаабынай режиссера Федот Потапов иһитиннэрбитэ. Ким да утарбата, бары сүүс бырыһыан “за”  буоллулар диэбитин өйдүүбүн.
  • Эн куорат Сэбиэтин депутата этиҥ дии, билигин депутат эбитиҥ буоллар, тугу аан бастаан туруорсуоҥ этэй?
  • Дьокуускайга Үс Ыҥырыылаах Сэбиэт депутата этим. Ити 70-с сылларга. Оччолорго уон сыл устата куоракка Култуура эстафетатын дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Талааннар дьэ онно бааллара… Депутат эбитим буоллар мин билигин, биллэн турар, култуура үлэһиттэригэр дьиэ-уот боппуруоһун туруорсуом этэ. Бу Музыкальнай колледжпыт устудьуоннарга да, үлэһиттэргэ да уопсай дьиэтэ суох. Опера уонна балет театрыгар эмиэ уопсай көрүллүбэт. Ааттаах-суоллаах солистарбыт куорат таһыгар олороллор, холобура, Григорий Петров Хатастан сылдьан үлэлиир. Арктическай институт эмиэ уопсай дьиэтэ суох. Онон, бу – билигин олус сытыытык турар, быһаарыыны эрэйэр тыын боппуруос буолар.
  • Ая Николаевна, Музыка уонна фольклор музейыгар, Аиза Решетниковаҕа, Эн бэлэхтээбит экспонаттаргын көрбүттээхпин ээ…
  • Музыка уонна фольклор музейыгар 30-тан тахса экспонаты биэрбитим. Былыргы саха иһиттэрэ, ат чаппарааҕа, кычым, маллаах иһиттэр, сахалыы көбүөр…  Уопсайынан, бастаан  саха былыргы иһитин-хомуоһун, малын-тэрилин, дьоммуттан хаалбытын, дьиэ кэргэн реликвиятын быһыытынан харыстаан илдьэ сылдьыбытым. Сахалыы остуол, ыскаап, талах олоппостор, дьааһыктар, сундууктар бааллара. Тоҕо диэтэххэ, аҕам мас ууһа этэ, убайым эмиэ, ийэм эдьиийинээн бэртээхэй иистэнньэҥнэр этэ. Сыыйа мин эмиэ араас туос иһиттэри, сахалыы саахымат көбүөрдэри, ат киэргэлин тигэр буолбутум. Быысыбайдыыбын, баайабын, өрөбүн. Музыка уонна фольклор музейыгар мин 80 сааспар аналлаах быыстапкам туруоруллубута.
  • Махтал. Олус үчүгэй дьарыктаах эбиккин. Бэйэҥ меценат эбиккин дии…
  • Мэҥэ-Хаҥаласка Хаптаҕай, Ороссолуода оскуолаларын музейдарыгар эмиэ бэлэхтээбит экспонаттарым бааллар. Итиэннэ, мин Старай Табаҕаҕа олоробун, онно оскуола музейыгар эмиэ былыргы саха малларын бэлэхтээбитим…
  • Табаҕаҕа олорор эбиккин дии… Оччоҕо күн аайы Табаҕаттан сылдьан үлэлиигин дуо?
  • Күн аайы Табаҕаттан сылдьабын, 101-с оптуобуһунан сарсыарда аайы кэлэбин, киэһээ аайы дьиэлиибин. Кэргэним Владимир Романович Ларионов, химическэй наука кандидата, Хотугу сир хайа дьыалатын институтугар старшай научнай сотруднигынан үлэлиир, 83 саастаах, күн аайы бииргэ айанныыбыт. Дьиэ кэргэммин ситэри билиһиннэрдэхпинэ, кыыһым Елена Владимировна Яковлева эмиэ бу колледжка сольнай ырыаҕа преподавателинэн үлэлиир. Кини кыыһа, мин сиэним Евгения Яковлева, билигин Игнатьева – “Мисс Якутия-2007”, кэрэ-куо, экономист идэлээх. Хос сиэммит Кира – эмиэ кырасаабысса үүнэн иһэр. Улахан кыыспыттан Марияттан, кини флейтистка этэ, Егор диэн сиэннээхпин. Дьэ, ити курдук. Табаҕаттан Өлүөнэ Эбэ нөҥүө кытылыгар дойдум көстөн олорор, онон олус сөбүлүүбүн, күндүтүк саныыбын. Дьиэм, тэлгэһэм барыта бэйэм олордубут маһым, үүнээйим – дьаабыланньа, кедр, харас, сарбынньах, сирень, акация, дөлүһүөн, моонньоҕон, хаптаҕас, сибэкки арааһа  – барыта баар!
  • Аата үчүгэйин! Бэрт интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтал, Ая Николаевна! Арба даҕаны, Эн докумуоҥҥа сурулларгынан Варвара диэн эбиккин буолбаат?
  • Оннук. Ахсынньыга төрөөтөҕүм дии — ону ийэм, нууччалыы халандаарынан, “в Варварины морозы” төрөөбүтүм иһин Варя диэн сүрэхтээбит. Онон гороскоппунан “стрелец – охчут” буолабын. Айа – Ая буоллаҕым ол!

Татьяна МАРКОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0