Бастакы буойас пассажирдарын Томмот вокзалыгар аҕалла

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ киэһэ 19.20 чааска Алдан куораттан аттаммыт бочуоттаах пассажирдары Аллараа Бэстээххэ үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ илдьэ иһэр историяҕа киирбит 901/902 нүөмэрдээх Бастакы буойас пассажирдарын Томмот тимир суол вокзалыгар киэһэ хараҥарыыта аҕалла.

Бочуоттаах ыалдьыттар үөрүүлээх миитиҥҥэ кыттыыны ыллылар. Томмоттооҕу вокзал сахалыы тыыннааҕа сөхтөрдө. БАМ бэтэрээннэрэ, Алдан олохтоохторо СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штыровы үөрэ-көтө көрүстүлэр, киниэхэ махтаннылар. Суруналыыстар ирэ-хоро интервью ыллылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0