Бастакы оҕоҕо босуобуйа 16 тыһ. солк. тэҥнэһиэн сөп

Бөлөххө киир:

2018 сыл тохсунньутуттан Арассыыйаҕа дьиэ кэргэни өйүүр саҥа миэрэлэр олоххо киириэхтэрэ. Ол курдук, эдэр ыалларга бастакы оҕолоро төрөөтөҕүнэ, балтараа сааһын туолуор диэри ый аайы 10-тан тахса тыһ. солк. суумалаах төлөбүр олохтонуоҕа. Төлөбүр суумата ыйга тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах.

Бу ороскуокка бастакы үс сылга бүддьүөттэн 144 млрд. солк. көрүллүөхтээх. Бу туһунан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сэтинньи бүтүүтэ аһаҕастык этэн турар.

Биллэн турар, ыал барыта маннык төлөбүрү ылар кыаҕа суох. Дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэр дохуот суумата  ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйин балтараа төгүлүнэн куоһарар буоллаҕына, ылбаттар. Холобур, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ортотунан – 16603 солк., үлэһиккэ – 17601 солк., оҕоҕо – 17023 солк.

Суоттаан көрүөҕүҥ. 16603 (ийэ) + 17601 (аҕа) + 17023 (оҕо) = 51227 солк. Бу сууманы 1,5-кэ төгүллүүбүт = 76 840 солк. Дьиэ кэргэн ыйдааҕы дохуота бу сууматтан кыра буоллаҕына, МФЦ-га сайабылыанньаны, докумуоннары илдьиэххэ сөп. Дохуокка аҕа хамнаһа, ийэ оҕото балтараа сааһын туолуор диэри ылар босуобуйата аахсыллар.

Манна эбэн эттэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ федеральнайдааҕар үрдүк (Арассыыйаҕа ортотунан 10329 солк.). Онон Саха сиригэр бастакы оҕоҕо 10 тыһыынчаны буолбакка, 16 тыһыынчаны биэриэхтэрин сөп, ол билиҥҥитэ бигэргэнэ илик.

Ол эрээри РФ Үлэ, социальнай көмүскэл миниистирэ Максим Топилин бу төлөбүр суумата регионнарынан арахсарын бигэргэттэ. Маныаха саамай үрдүк сууманы Чукотка олохтоохторо ылыахтаахтар.

Ангелина Васильева, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0