Түөкүннэр батсаабынан отоойкоҕо олордубуттар

Ааптар: 
01.02.2018
Бөлөххө киир:

Өс киирбэхпит, дьэ, сүрдээх! Хаһан да харахтаабатах киһибитигэр итэҕэйэ охсон, өссө илэ кэпсэппэккэ, көннөрү суруйсан эрэ баран, бэйэлээх бэйэбит харчыбытын ыыта олорорбут баар ээ!

edersaas.ru

Биллэн турар, уонна ытыспытын соттон хаалабыт.

Ис дьыала уорганнарыгар биир күн иһигэр батсаабынан харчыга албыннатыы туһунан үс сайабылыанньа киирбит: икки — Ньурбаҕа, биир — Ленскэйгэ. Эмсэҕэлээччилэр үһүөн — дьахталлар.

Бастакы икки түбэлтэ: Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтин 28 саастаах олохтооҕо уонна Чаппанда сэлиэнньэтин 39 саастаах олохтооҕо батсаап биир бөлөҕөр удамыр сыанаҕа уотурба атыыланарын туһунан аахпыттар. Уонна «атыылыыр» киһини кытта суруйсубуттар.

«Атыылааччы» биирдэстэригэр, бэл диэтэр, бородууксуйатын сертификатын хаартыскаларын ыытан көрдөрбүт. Ол ордук итэҕэппит. Дьахтар кэлин полицейскайдарга билиммитинэн, син ханан эрэ саарбахтыыр санаалар киирэ сылдьыбыттарын, киэр кыйдаабыт.

Оттон «предприниматель» батсаабынан кырдьык-хордьук «массыына Аллараа Бэстээхтэн бараары турар», «харчыны түргэнник ыыт» диэн суруйа олорбут.

Кини тугу этэрин барытын толорон, биир дьахтар мобильнай баан нөҥүө киниэхэ 13 тыһ. солк., оттон иккиһэ «QIWI-кошелек» нөҥүө 21 тыһ. солк. кэриҥэ харчыны ыыппыттар.

Харчыларын төлөөн баран, нэдиэлэттэн ордук кэм кэтэспиттэр да, уотурбалара соннук кэлбэтэх. Маннык түбэлтэлэргэ буоларын курдук, «атыылааччы» ону араас сылтаҕынан быһаара олорбут — «массыына Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн алдьанна», «саппаас чаастарын өр күүтүөххэ наада», «суоппар Аллараа Бэстээххэ төнүннэ». Кэлин тиһэҕэр, олох да хоруйдаабат, суруйбат буолбут, онтон төлөпүөнүн арааран кэбиспит.

Үһүс түбэлтэ: Ленскэй 28 саастаах олохтооҕо «Юла» диэн биллэрии биэрэр сайтарыгар үчүгэй боруода ыты атыылыылларын туһунан аахпыт. «Атыылааччыны» кытта эмиэ батсаабынан сибээстэспит. Сотору киниэхэ 17 тыһ. солк. ыыппыт. Ытын соннук көрбөтөх.

Бу чахчыларынан «Түөкүннээһин» ыстатыйанан холуобунай дьыалалар тэрилиннилэр.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0