Башкортостан суруйааччыта Манчаарыны үйэтитэр

11.07.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сиригэр ыытыллыбыт улахан тэрээһиннэргэ атын дойдулартан элбэх ыалдьыт кэлэн барда. Кинилэртэн биирдэстэрэ – РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерациятын сэбиэтин аан дойду норуоттарын дьыалаларыгар кэмитиэтин чилиэнэ, юридическай наука доктора, профессор, Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа Рафаил Зинуров. Кини Үөһээ Бүлүүгэ «Манчаары оонньуулара» спорт национальнай көрүҥнэригэр XX спартакиада кыттыылаахтарын сахалыы тылынан үрдүк трибунаттан эҕэрдэлээтэ уонна саха омук национальнай дьоруойа Манчаары скульптуратын Ил Дархан Егор Борисовка туттарда.

Доҕордоһууну уонна култуурунай сибээһи бөҕөргөтүүгэ дьайымтыалаах кылаатын, норуоттар икки ардыларынааҕы эйэни уонна сөбүлэҥи бөҕөргөтүүгэ үтүөлэрин, өр сыллаах айымньылаах тахсыылаах үлэтин иһин, Рафаил Зинуров «Норуоттар иллэрин уонна доҕордоһууларын бөҕөргөтүү иһин» СӨ бочуоттаах бэлиэтинэн наҕараадаланна.

 edersaas.ru 


Күндү ыалдьыт «Манчаары оонньууларыгар» кыттыыны ылбыта элбэх төрүөттээх. Ол курдук, суруйааччы, РФ уонна Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин худуоһунньуктарын уонна суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, Салават Юлаев аатынан уордьан лауреата, историк, скульптор Рафаил Зинуров саха Манчаарытын скульптураҕа үйэтиттэ. Ону таһынан, урутаан эттэххэ, «Манчаары – путь в легенду» историческай поэманы суруйа сылдьар. Манчаары аатын сүгэр спартакиадаҕа анаан-минээн кыттыыта, Саха сирин мусуойдарыгар сылдьыыта, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирковы кытары тус көрсүһүүтэ Манчаары олоҕун өссө ымпыктаан-чымпыктаан билэригэр, саҥа санаалар киирэллэригэр көмөлөһүөҕэр бигэ эрэллээх.

ххх

Бу иннинэ Рафаил Зинуров Cаха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай художественнай мусуойугар «Манчаары – үһүйээҥҥэ айан» быыстапката аһыллыбыта.

Быыстапка Саха Өрөспүүбүлүкэтин  95 уонна Башкортостан Өрөспүүлүкэтин 100 сылларыгар, «Манчаары оонньууларыгар» ананна. Быыстапка аһыллыытыгар РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерациятын сэбиэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Акимов, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев, СӨ Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.

Александр Акимов: «Аан дойду улуу дьоннорун кэккэлэригэр биһиги Манчаарыбыт мөссүөнэ турара дириҥ суолталаах. Сотору кэминэн өссө Рафаил Нариманович Манчаары туһунан поэматын сүрэхтиир үрдүк чиэскэ тиксиэхпит», – диэн аан дойдуга киэҥник биллэр уонна убаастанар сенаторга ытык тылын тириэртэ.

Быыстапкаҕа аан дойду национальнай дьоруойдарын cүүрбэттэн тахса скульптурнай мэтириэтэ туруорулунна. Станковай скульптуралар чугуунтан, боруонсаттан уонна полимердаах туойтан оҥоһуллубуттар. Скульптор бэйэлэрин судаарыстыбаларын олохтооһуҥҥа улахан кылааттарын киллэрбит, норуот билиммит дьоруойдарын уобарастарын сатабыллаахтык арыйбыт. Элбэх кэм-кэрдии устан, умнулла быһыытыйбыт дьоруойдар уобарастарын арыйыы ааптарга судургута суоҕа. Ааптар дьоруойдар мөссүөннэрин скульптураҕа түһэрии элбэх сыраны ылбытын, история чахчыларын архыыпка хасыһыыга иҥэн-тоҥон үлэлээбитин бэлиэтээтэ. Холобур, Кытай норуотун киэн туттуута Чжэн Чэнгун, Таджикистан судаарыстыбатын төрүттээччи Исмаил Сомони, Корея тутулуга суох буолуутун туруорсубут адмирал Ли Сун Син уо.д.а. дьон мөссүөнүн быыстапка кыттыылаахтара үрдүктүк сыаналаатылар. Быыстапкаҕа, биллэн турар, ураты миэстэни саха норуотун национальнай дьоруойа Баһылай Манчаары уобараһа ылла.

«Мин үрдүк култууралаах, баай историялаах саха норуотун уһулуччулаах уола Манчаары үрдүк аатыгар сүгүрүйэбин. Үлэлэрбин Саха сирин олохтоохторугар көрдөрөргө көмөлөспүт, өйөөбүт Федерация сэбиэтин чилиэнигэр Александр Акимовка, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, Ил Түмэн дьокутааттарыгар, Култуура министиэристибэтигэр, мусуой үлэһиттэригэр, быыстапкаҕа кэлбит үгүс ахсааннаах көрөөччүгэ ис сүрэхтэн махтанабын», – диэн ыалдьыт махталын биллэрдэ.

Ааптар үлэлэрин бу иннинэ Москваҕа, Уфаҕа, Сеулга уо.д.а. куораттарга туруорбута. Рафаил Нариманович биир уратытынан кини айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сатабыллаахтык туһанан, истиҥ тапталын биэрэн оҥорбут мөссүөннэрин мусуойдарга, тэрилтэлэргэ бэлэхтиир үтүө үгэһэ буолар. Ол курдук, Арассыыйа, Башкортостан, Украина, Хотугу Америка, Корея, Кытай, Казахстан, Армения уо.д.а. дойдулар историяларыгар умнулла быһыытыйбыт дьон 40-тан тахса мөссүөнүн скульптураҕа үлэлэринэн үйэтитэр, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар  үтүөлээх. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии, Р.Зинуров өссө илиҥҥи норуоттар поэзияларын башкир тылыгар тылбаастыыр, аан дойду куораттарын каарталарын уонна саксофоннарын мунньар.

Рафаил Зинуров кэргэнэ, окулист-быраас Розалия Хайрулловналыын уоллаах кыыс оҕолоохтор.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0