«БАСХАН-2025» ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ ДЬЫАЛАБЫАЙ ООННЬУУ ФИНАЛЫГАР ЫҤЫРАБЫТ

Төрөөбүт тыл, сахалыы эйгэ уонна ыччаты уhуйуу хайысхаларыгар ис сүрэхтэн кыhаллар уонна үлэлэhэр бар дьоммут!
ЭҺИГИНИ МУУС УСТАР 9 УОННА 10 КҮННЭРИГЭР ДЬОКУУСКАЙ КУОРАККА БЭҺИС ТӨГҮЛҮН ЫЫТЫЛЛАР «БАСХАН-2025» ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ ДЬЫАЛАБЫАЙ ООННЬУУ (КУОНКУРУС) ФИНАЛЫГАР ЫҤЫРАБЫТ.
Өй-санаа лиидэрдэрэ дэнэр, Сахабыт норуотун, дойдубут кэскилин түстэhэр сыалга-сорукка туруммут уоланнарбытын тургутан көрөр биэс түhүмэхтээх күөн күрэс түhүлгэтигэр күндү ыалдьыт, бастыҥ көрөөччү уонна сыаналааччы буолуҥ!
✔️ Быйылгы оонньууга 12 улуустан: Горнайтан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Томпоттон, Намтан, Хаҥаластан, Бүлүүттэн, Сунтаартан, Кэбээйиттэн, Амматтан, Чурапчыттан, Үөһээ Бүлүүттэн уонна Дьокуускайтан уопсайа 20 басхан уол илин-кэлин түсүһүөхтэрэ, түмүгэр бастыҥнар ааттаныахтара.
📌 Буолар сирэ: Бэчээт дьиэтэ, 2 этээс, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-киин. Саҕаланар: 10:00 ч.