Силиэдэбэтэл кэпсиир
Ол сайын ыаллыы оройуон прокурора уоппускаҕа барбытын солбуйбутум. Биир күн Таас Үрэхтэн төлөпүөннээн, саҥа тутуллубут райисполком дьиэтэ умайбытын туһунан иһитиннэрдилэр. Сарсыныгар Дьокуускайтан ИДьМ эппиэттээх үлэһитэ Андреев кэлэн, иккиэн быһылаан тахсыбыт сиригэр көттүбүт.
Райисполком дьиэтэ олорчу умайан, тобоҕо эрэ буруолуу сытара. Биһиги баһаар барбыт биричиинэтин быһаарар сыаллаах үлэбитин саҕалаан, бастакы процессуальнай дьайыылары оҥорбутунан киирэн бардыбыт. Быһылаан тахсыбыт сирин сирийэн көрөн, умайыы туһунан бастакы чахчылары боротокуоллаатыбыт. Итиннэ хас да күн барда.
Силиэстийэни туох барыта интэриэһиргэтэрэ: умайбыт дьиэ кээмэйэ, төһө суумалаах ночоот тахсыбыта, дьиэ ким балаансатыттан ким балаансатыгар уонна хаһан бэриллибитэ… Ити курдук, төһөнөн үгүс ыйытыыга хоруй көстөр да, дьыала соччонон толорутук силиэстийэлэнэр. Ыйытыылартан боччумнаахтара баһаар буолбут төрүөтүн билии буолар. Онтон салҕанан атын ыйытыылар күөрэйэллэр. Туоһу диэн мэлигир, ким даҕаны көрбөтөх аатырбыта. Аны соруйан уматыы буоллаҕына, ол хайдах оҥоһуллубута ымпыгар-чымпыгар диэри быһаарыллыахтаах. Сахалыы эттэххэ, силиэстийэ таммах уу тэстибэт гына ыпсарыллан ыытыллыахтаах. Уустук сорук.
Дьиэ умайар түүнүгэр кэргэннээх эдэр харабыл дьахтар дьуһуурустубата эбит. Ол эрээри, симиэнэтин кэмигэр кинини үлэлии олорорун ким да көрбөтөх. Уолдьах ити кэмҥэ дьахтар эрин кытары айдаарсан, арахса сатыы сылдьар эбит. Онтон «дьахтар үлэтигэр ончу да тахсыбатах, өрүскэ мотуордаах оҥочонон дьаарбайа сылдьыбыт үһү» диэн сурах иһилиннэ. Араас сабаҕалааһын ортотугар эр киһи соруйан уоттуон сөп диэн санаа эмиэ баар. Онон, харабыл дьахтары уонна кини эргимтэтин үөрэттибит. Үгүс киһи ыйытыллыбытын тухары: «Дьиэни уоттааччыны көрбүтүм», — диэччи суох. Маннык дьыаланы арыйар уустук буолааччы.
Биир өттүттэн ыллахха, дьиэ умайыытыгар харабыллыыр дьахтар буруйдаах курдуга. Ол гынан баран, кини туох биричиинэнэн бэйэтигэр куһаҕаны оҥостуон сөбүй? Дьахтар бэйэтэ да оннук быһаарара. «Оччоҕо өссө ким уоттуон сөбүй?» – диэтэххэ, билбэттэн атыны эппэт.
Түүн оҕолор испиискэнэн оонньообуттарыттан эбэтэр ааһан эрэр табахсыт табааҕын уотун умуруорбакка бырахпытыттан сылтанан умайбыта буолуо диэн сабаҕалааһын эмиэ баар.
Бастатан туран туохтан уонна ким буруйунан бу саҥа тутуллан бүппүт улахан дьиэ умайбыта интэриэһиргэтэрэ. Судаарыстыбаҕа 200 тыһ. солк. сууммалаах хоромньу таһаарыллыбыт этэ. Ити оччолорго улахан ночоот. Эрдэтээҥҥи доппуруоска харабыл дьахтар тугу да билбэтэх-көрбөтөх аатырбыта эрээри, тугу эрэ кистиирэ өтө көстөрө. Оттон атын дьону туоһу быһыытынан ыйыппыппыт да, интэриэһиргиэххэ айылааҕы тугу да булбатахпыт. Суоҕу сүгэнэн да суорбаккын.
Харабыл дьахтары уорбаланааччы быһыытынан, уон хонукка тутарга быһаарбыппыт. Эбии чахчылары этиэ эбэтэр уруккуларыттан аккаастанан, саҥа көрдөрүүнү биэриэ дии санаабыппыт итиэннэ дьахтар эрэ туох дьайыыны ыларын кэтээбиппт. Ол киһи бастаан төрүт биллибэтэҕэ, онтон төрдүс-бэһис күннэригэр бэйэтэ да уонна атын да дьоннорунан ойоҕо хаһан босхолонорун туһунан ыйыталаспыт. Онуоха милииссийэлэр уонна баһаарынай чаас байыастара биһиги кигиибитинэн хоруйдаабыттар:
– Босхоломмото буолуо!
Сарсыныгар эр киһи миэхэ кэбиниэппэр киирэн:
– Дьиэни мин соруйан уоттаабытым, ойохпун босхолот, кини оннугар миигин хаай. Сокуон иннигэр эппиэттииргэ бэлэммин, – диэтэ.
Арааһа, кэргэҥҥин аһынан билинэн эрдэҕиҥ, эн көрдөрүүлэргин бэрэбиэркэлииргэ бириэмэ наада. Ити этэргин дакаастыыр кыахтааххын дуо?
Киһим дьиэни тоҕо уонна хайдах умаппытын олорчу кэпсээн биэрдэ. Мин ону барытын магнитофоҥҥа уһултаран ыллым. Кэлин баһаар буолбут сиригэр илдьэн эмиэ хат кэпсэтиннэрдим. Киһи дьиэни уоттаабыт төрүөтүнэн, ойоҕо үлэтин хаалларан, дьону кытта өрүскэ хатааһылыы барсыбыта буолбут. Ити күн кинилэр көрсөн кэпсэтиэхтээхтэр, салгыы хайдах буолалларын быһаарсыахтаахтар эбит. Төһө да олохторо уустугун иннигэр, хаттаан холбоһорго санана сылдьыбыттар. Түүн эр киһи дьахтар үлэлиир сиригэр, сибиэһэй кырааска уонна лаах сытынан аҥҥылыйар райисполком икки эттээстээх саҥа дьиэтигэр, кэлбитэ ким да суох буолан биэрбит. Киһи кытылга киирэн, оҕолортон ойоҕо кимнээҕи эрэ кытары сылдьарын истибит. Итиэннэ ким да суоҕунан туһанан, ойоҕо харабыллыыр дьиэтин уоттуурга быһаарыммыт. Мас сыыһын туолунан эрийээт, буруустар икки ардыларыгар кыбыппыт да уотунан таҕайбыт.
Бу кэпсиирэ өссө тугунан бигэргэтиллиэн сөбүн ыйыппыппар, киһим прокуратураҕа кэлиэн иннинэ билэр дьонугар, икки бырааттыыларга, ССРС Генеральнай прокуроругар аадырыстаммыт суруктары хаалларбытын кэпсээтэ. Бииригэр олохтоох быраабы араҥаччылыыр уорган үлэһиттэрэ сэбиэскэй сокуону кэһэннэр, буруйа суох дьахтары тутан хаайан сытыарбыттара ыйтан орто, буруйа дакаастамматын үрдүнэн, сымыйанан билиннэрэ сатыыллар, онон суһал миэрэни ылыҥ диэн туруорсубут.
Иккис суругар аны бэйэтин, туох да буруйа суох киһини, тутан хаайдылар диэбит. Дьэ, киһи арааһы даҕаны истэр! Дэлэҕэ «сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» дэниэ дуо? Ол суруктары ылан, дакаастабыл быһыытынан дьыалаҕа холбоотубут. Били икки бырааттыылар уоттааччыны кытта туох сыһыаннаахтарын, тоҕо кинилэргэ ити суруктар хаалларыллыбыттарын кэпсээтилэр, аны ханнык да дьыалаҕа туораттан кыттыһыахпыт суоҕа диэн мэктиэ тылларын биэрдилэр.
Дьахтар эрэ дьиэни уоттаабытын билиммитин истэн баран, көҥүлгэ тахсар баҕата баһыйдаҕа, аны эрин утары көрдөрүү биэрбитэ, күнүүлээн, чахчы итинниги оҥоруон сөп диэн.
Эр киһи суукка кэлэн аны билиммитин төрүт мэлдьэһэн кэбиспитэ да, халбаҥнаабат дакаастабыллар хомуллубут буоланнар, ол оруолу оонньоботоҕо.