Барыс үп төлүүргэ – 73,9 миллиард солкуобай

Бөлөххө киир:

“АЛРОСА” – Саха сиригэр уонна Архангельскай уобаласка алмааһы хостуур. 2018 сылга уопсайа 36,7 мөлүйүөн карат алмаас хостонон, бирилийээн атыытыттан 4,5 миллиард дуоллар киирбитэ.

edersaas.ru 

Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ аахсыйалаахтар сыллааҕы мунньахтарыгар быһаарбыттарынан, 2018 сыл иккис аҥаарын түмүгүнэн – 30,3 миллиард солкуобайы дивиденд төлүүргэ ыытыахтара.

Тэҥнээн көрдөххө, 2018 сыл бастакы аҥаарыгар дивидеҥҥэ 43,7 миллиард солкуобайы ыыппыттара. Биир аахсыйа сыаната 5,93 солкуобай. Онон 2018 сылга барыта холбоон, 73,9 миллиард солкуобай, эбэтэр биир аахсыйаҕа 10,04 солкуобай көрүллүөҕэ. Ити курдук ыйыллыбыт кэмҥэ көҥүл эргииргэ сылдьар үп-харчы 80% дивиденд төлүүргэ ыытыллыаҕа.

Ким дивиденд ылыахтааҕын көрөн, аахсыйалаахтар испииһэктэрин оҥорон, ону от ыйын 15 күнүгэр бигэргэтиэхтэрэ. Хампаанньа барыһыттан дивиденд харчытын үллэстиигэ “АЛРОСА” устуоруйатыгар быйыл саамай улахан үбү-харчыны тыырыахтара.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0