«Бу ырыа мин олохпор ураты суолталаах. Дорҕоонтон дорҕоон, тылтан тыл ситимнэнэн олус түргэнник, баара-суоҕа биэс эрэ мүнүүтэ иһигэр, суруллубута. Табыллыбыт ырыа тахсаары гыннаҕына итинник айыллара эбитэ дуу эбэтэр бэйэм олохпун кытары дьүөрэлии туппутум охсубута эбитэ дуу…», — диэн кэпсэтиибит быыһыгар Геннадий Семенов, «Бары бииргэ» диэн ырыа ааптара, санаатын таайтара соҕус быктаран эппитэ. Кини бүгүн бүөм санаатын кэпсиир.
Аграфен Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
«Омугуттан тутулуга суох»
Ааҕааччыларбар санатан этиим, 2000 сыллар саҕаланыыларыгар дискотекаларга «Урааҥхайдар, бааргыт дуо?» диэн тыллардаах эрчимнээх ырыаҕа ыччат тоҥолох-тоҥолоҕуттан ылсан оһуохайдаан барара. Түргэн тэтимнээх оһуохай оччолорго сонун көстүү уонна барыбытын биир тэтимҥэ, биир санааҕа аҕалар буолан, тута дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта. Геннадий Семенов кэлин бу ырыатынан Урааҥхай диэн ааттаммыта.
— Урааҥхай диэн дьиҥэр билиммэтэх аатым ээ, дьон-сэргэ ити ырыабыттан сиэттэрэн ааттыыр. Кыра сырыттахпына “нуучча” диэн ааттыыллара, билигин төттөрүтүн аны “урааҥхай” буолан хааллым, — диэн саҕалыыр кэпсэтиибитин Геннадий. – Бу ырыаны 2004 с. саҕалаан «Айтал» бөлөҕү кытары ыллыыбыт. Аан бастаан дискотекаларга өссө оҥорбокко сылдьан ыллыыр этим. Ыччаттар оһуохайдыыллара. Кэлин «Айталлары» кытары ситэрэн-хоторон биэрбиппит, студияҕа устубуппут. Ырыа саҕаланыытыгар этиллэр хоһоону Лоокуут диэн уол аахпыта.
Бу ырыа – билигин араас омук кэлиитигэр Саха сирин олохтоохторо, улууһунан, омугунан арахсыбакка, бука бары биир буолуоҕуҥ, сомоҕолоһуоҕуҥ, айылҕабытын көрө-харайа сылдьыаҕыҥ диэн ыҥырыы-ырыа буолар. Философскай соҕус ис хоһоонноох. Сорохтор «фольклору кэһэн, оһуохайга тоҕо һээдьэни холбоотуҥ» диэн этэллэр. Дьыала итиннэ буолбатах, саамай сүрүнэ бука бары, сахатыттан, нууччатыттан, эбээниттэн, эбэҥкититтэн, чукчатыттан, юкагирыттан тутулуга суох, биир буолуоҕуҥ диэн суолталаах.
— Геннадий, бу ырыа олохпор ураты миэстэни ылар диэтиҥ. Олоххун кытта бу ырыа туох ситимнээҕий? — мин ыраахтан иэҕэн ыйытабын. Геннадий Оярсович сүөм түһэн, чочумча саҥата суох олордо. Онтон: «Кыра эрдэхпиттэн бэйэм бэйэбэр сылдьыбыт киһибин. Билигин ити кэми улаханнык саныахпын баҕарбаппын эрээри, кэпсиим. Баҕар, мин олоҕум кимиэхэ эрэ холобур буолаарай, санаа-оноо угаарай», — диэн кэпсээнин саҕалаан барар.
Тулаайах оҕо саас
— Мин Ньурба Амакинкатыгар 1958 с. бэс ыйын 1 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Аҕам омугунан – латыш, идэтинэн – геолог. Ийэм Бүлүү улууһун Халбаакытыттан төрүттээх. Добун аҕа ууһун сыдьаана буолар. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, икки эдьиийдээхпин уонна балтылаахпын.
Аҕам мин үс саастаахпар улаханнык ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Киһини өйдөөбөт буолан сыттаҕына Латвияттан дьоно кэлэн илдьэ барбыттара диэн кэпсииллэрэ. Ол кэмҥэ ийэбит атын киһини көрсөн туспа олоҕун оҥостор. Биһигини барыбытын түөрт аҥы араартаан ыалга ииттэрэ биэрэллэр. Миигин Чинэкэҕэ ыалга ыыталлар.
Онон үс сааспыттан Чинэкэҕэ Николай Данилович Семенов дьиэ кэргэнигэр иитиллибитим. «Оччотугар ииппит дьонуҥ араспаанньатын илдьэ сылдьаҕын дуо» диэн ыйытааччылар. Дьиҥэр, Семенов диэн ийэм араспаанньатын илдьэ сылдьабын.
Сэмэнэптэргэ алта сааспар диэри олорбутум. Сэттэ сааспын туолар сылбар саас иитэр аҕам өлөн хаалан, миигин Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтигэр биэрэллэр. Онтон салгыы ити сыл күһүнүгэр Чурапчы улууһун Дириҥнээҕи оҕо дьиэтигэр иитиллэ барабын. Онно бастакы кылааска үөрэнэ киирэбин. Онтон детдоммут сабыллыбытын кэннэ (ааптартан: Дириҥҥэ оҕо дьиэтэ сэрии сылларыгар тулаайахтары көрөр-иитэр сыаллаах 1943 с. аһыллан баран 70-с сылларга сабыллыбыта) биһигини аҥаардааннар, бэрээдэктээх уонна бэрээдэгэ мөлтөх оҕолор диэн, Чурапчытааҕы интернат-оскуоланан, Курбуһаҕынан ыыталлар. Мин бэрээдэгэ суох буолан Курбуһахха түбэспитим. Онно балтараа эрэ сыл үөрэммитим. Онтон Бүлүүгэ Үгүлээккэ кэлэн үөрэхпин салҕаабытым.
Балтын 30 сыл кэннэ көрсүбүтэ
Геннадий ити этэрэ оруннаах. Тоҕо диэтэргин, кини кыра эрдэҕиттэн элбэх сиргэ иитиллэн, ийэ, аҕа тапталын билбэккэ, түптээн-таптаан биир сиргэ олорбокко биир киһи олоҕор элбэҕи көрөн борбуйун көтөхпүтэ. Кэлин улаатан баран бииргэ төрөөбүттэрин көрсөн сүтэрбитин булан, дьэ олоҕун оҥостубутунан барар. Бу туһунан сэһэргэһээччим салгыы маннык кэпсиир:
— Курбуһахха Рудольф Березкин диэн иитээччилээх этибит. Кини биир сайын наһаа турууласпыппын иһин буолуо, Бүлүүгэ дьоммун кытары билсиһиннэрэ ыыппыта. Таҥастаан-саптаан баран самолекка илдьэн уган кэбиһэр. Өйдүүрбүнэн, куйаас баҕайы күн этэ. Бүлүүгэ аэропорка түһээт, түөрт муннуктаах чымадааммын туппутунан өрүскэ киирэн уу иһэн, сирэйбин, илиибин сууннум. Ол сууна турдахпына икки уол кэлэн киммин, хантан сылдьарбын туоһуластылар. Мин дьоммун көрдүү кэлбиппин эттим. Уолаттарым ону истэн «чэйдии барыах» диэн дьиэлэригэр ыҥырдылар. Ити Захаровтар диэн ыаллар этэ. Ийэлэрэ Варвара киирээппин кытта «эйигин ханна эрэ көрбүт курдукпун» дии тоһуйда. Онтон Протопоповтар диэн эдьиийбин ииппит ыалларга эрийдэ уонна баран билис диэн ыытта.
Кинилэргэ тиийбиппэр миигин тута биллилэр. Чинэкэҕэ сылдьан оҕолор буолан түспүт хаартыскабытын көрдөрдүлэр. Ону өйдөөн хаалбыппын, ол иһин хаартысканы көрөн баран биирдэ итэҕэйдим. Эдьиийим оччолорго Благовещенскайга быраас үөрэҕэр үөрэнэ сылдьара. Онон Протопоповтарга ити сыл сайылаан улахан эдьиийбин кытары билсибитим. Онтон биир эдьиийбин Ольганы кэлин Дьокуускайга кэлэн баран көрсүбүтүм. Таайбыт, ийэбитин кытары бииргэ төрөөбүт киһи, Николай Константинович Семенов булсуһуннартаабыта.
Онтон кыра балтыбытын Светаны олох кэлин көрсүбүппүт. Ити эмиэ туспа историялаах. Мин армияттан кэлэн баран Уус Алдаҥҥа суоппарынан үлэлии барбытым. Онно уонтан тахса сыл үлэлээн, ыал буолан (ааптартан: учуутал кыыһы Галина Михайловна Слепцованы кэргэн ылбыта, үс оҕолоохтор. Геннадий, түгэнинэн туһанан, олоҕун аргыһыгар өйөбүлүн, тапталын иһин барҕа махталын тириэрдэр), 1994 с. Уус Алданнааҕы дьиэбитин атыылаан Дьокуускайга дьиэ ылан көһөн кэлбиппит. Таайым уола Николай Петр Местников диэн бииргэ үөрэммит табаарыстаах этэ. Кини оччолорго районоҕа үлэлиирэ. Онно сырыттаҕына ыкса билсэн табаарыстыы буолбуппут.
Биир сайын кинилэргэ дьиэ тутуутугар көмөлөстүбүт. Петр кэргэнин онно саҥа көрөбүн. Ити сайын кэргэнин ииппит төрөппүттэрэ Ньурбаттан кэлэ сылдьаллара. Оҕонньордоох эмээхсини кытары Ньурба туһунан кэпсэттибит. Ол эрээри хайабыт да аймахтыы буоларбытын билбэт. Оннук ааһан хаалла. Дьокуускайга кэлээппин кытта, арай Петр эрийдэ уонна ийэм аатын-суолун ыйыталаста. Ийэм аатын истэн баран «арааһа эйиэхэ күтүөппүн быһылаах» диэн соһутта. Нэдиэлэ курдугунан Ньурбаттан биир оҕонньор кэлэн миигин көрөн-истэн, кэпсэтэн барбыта. Онон балтыбын табаарыһым, кэлин билбитим күтүөтүм, нөҥүө соһуччу булан ылбытым. Дьылҕа диэн итинник эргитэн таһаарар эбит ээ. Ол күһүн Дьокуускайга бары көрсөн, сүтэрсибит хомолтобутун, булсубут үөрүүбүтүн барытын таһааран өрүс кытыытыгар өр да өр туран кэпсэппиппит.
Детдомҥа улааппыппын кэмсиммэппин
— Геннадий, бу олорон оҕо саас туһунан ырыаҕын санаан кэллим. Ити эмиэ олус табыллыбыт ырыа. Билигин кэннигин хайыһан оҕо сааскын санаан-ахтан аастаххына, ордук тугу чорботон бэлиэтиэҥ этэй?
— Сэбиэскэй сойуус детдомугар иитиллэн улааппыппын кэмсиммэппин. Судаарыстыба оҕолоро буоллахпыт. Иитээччилэриҥ ийэ, аҕа оруолун толороллор, бииргэ сылдьар оҕолоруҥ эдьиий-убай, быраат-балыс буолаллар.
Элбэх сиргэ иитиллибитим эрээри, тоҕо эрэ Дириҥ детдомун наһаа истиҥник саныыбын. Онно аан бастаан кэлэн баран элбэх баҕайы хоһоону, ырыаны этэрбин, ыллыырбын өйдүүбүн. Оннооҕор матрос үҥкүүтүн үҥкүүлээбиппин билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүү-саныы сылдьабын.
Дириҥ детдома Дьокуускай геологтарын кытары шефтэһэр этэ. Кинилэргэ Дьокуускайга каникулга барарбыт, онтон геологтар биһиэхэ сылга иккитэ кэлэн бараллара. Ол кэлэллэригэр бэлэх-туһах, таҥас-сап бөҕөнү аҕалаллара.
Көрүдьүөс да түгэннэр элбэхтэр этэ. Биир маннык түгэн буолбуттаах. Оскуолабытыгар Саҥа Дьыл буола турара. Биһиги мэликтээн накаастанан библиотека хоһугар хааллан олоробут. Ол олорон маскарааттаах дьааһыгы булан ыллыбыт. Дьээбэлэнэн онтон биир маасканы ылан кэтэн кэбистим, киэҥ ыстаан кэтэн баран испэр сыттыгы угуннум, курданным. Хата ааммытын хатаабаттар этэ. Тахсан оҕолор быыстарыгар “дьылыс” гынан хааллым. Ким да билбэтэ. Хата, кэлин ити маскарааппынан кулуупка кытары кыттыбытым. Оннук Саҥа Дьыллаан турардаахпын.
Манна даҕатан эттэххэ, ийэм аҕата сүрдээх олоҥхоһут киһи эбитэ үһү. Табанан сылдьан Бүлүү улууһун кэрийэ сылдьан олоҥхолуу барара диэн кэпсииллэрэ. Балаҕаҥҥа барыларын мунньан түүнү быһа олоҥхолуура үһү. Арааһа ол бэрилиннэҕэ дуу, кыра сылдьан радиоҕа олоҥхону олус сэҥээрэн истэрим, онно кэпсэнэри харахпар киинэ курдук ойуулаан көрөрүм.
Киһи сааһырдаҕын аайы оҕо сааһын наһаа ахтар, саныыр эбит. Бу соторутааҕыта Хоптоҕо күнүгэр Дириҥҥэ баран ыллаан кэллим. Бииргэ сылдьыбыт уолаттарбын көрсөн түүнү быһа кэпсэттибит. Наһаа элбэҕи эргитэн санаатыбыт. Бастакы куорпуспутун баран көрдүбүт (ааптартан: билигин агрооскуола үөрэнэр кэбиниэтэ буолан турар). Ити дьиэни көтүрбэттэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Мантан худуоһунньук Афанасий Мунхалов курдук улахан дьоннор иитиллэн таҕыстахтара. Биһиэхэ бу дьиэ төрүт дьиэбит тэҥэ эбээт.
Сылгы хоббилаах суоппар
Геннадий Семенов сүүрбэттэн тахса сылы быһа суоппарынан үлэлээбитэ. Билигин ыллыырын таһынан сылгы иитиитинэн утумнаахтык дьарыктанар. Кини бу дьарыгын хоббим диэн ааттыыр.
— Онтон сылгы иитиитин туһунан эттэхпинэ, билигин Уус Алдаҥҥа, Халбаакыга, Чинэкэҕэ сылгылардаахпын. Мин санаабар, саха киһитэ көхсүттэн көмүскэллээх буолуохтаах. Ол иһин сүөһүнү, сылгыны хайаатар да ииттиэхтээх дии саныыбын. Манна даҕатан эттэххэ, быйылгыттан Тыа хаһаайыстыбатын сокуона олоххо киирдэ. Ону сэргэ ааспыт сылга Ил Дархан сылгы иитиитигэр анал уураах таһаарда. Онон салалтабыт өттүттэн тыа сирин дьонугар дьоһун көмө баар буолбутуттан үөрэбин. Үлэлиир-хамсыыр киһиэхэ кыра да наада эбээт. Ол эрээри бу көмө дьиҥ-чахчы үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо тиийиэн наада.
«Аһыныгас сүрэхтээх буолуҥ»
Уонна кэпсэтиибит түмүгэр хаһыаппыт ааҕааччыларыгар бу маннык санаатын тириэрдэр:
— Кыра эрдэхпиттэн бэйэбэр эрэ эрэнэ үөрэнэн хаалбыт киһи, олох, дьылҕа туһунан этэрим биир: олоххо түһүү да, тахсыы да барыта баар, ол онно киһи бэйэтин күүһүгэр эрэниэхтээх. Ыарахан кэмнэр кэллэхтэринэ кытаанах, тыйыс санааҕын киллэрэн, ону туората, ыраастана сатыахтааххын. Хайдах да түгэҥҥэ. Сорохтор итинник түгэҥҥэ түбэстэллэр эрэ чугуйан бүттүм диэн бэринэн кэбиһэллэр.
Киһи тыла, дьон тыла диэн сүрдээх күүстээх. Мээнэҕэ «киһи тыла – ох» диэн этиэхтэрэ дуо? Онон дьону саҥарартан сэрэниэххэ. Олох очуругар түбэспит дьону аһыныахха уонна кинилэргэ төһө кыалларынан көмөлөһө сатыахха.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru