Барыбыт кыһалҕабыт: Көҥүлэ суох такси боппуруоһун дьокутааттар быһаарар кыахтаахтар
«Улуус олоҕо» анал бырайыак чэрчитинэн, ый аайы «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрикаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыҥаан турар тиэмэҕэ быһа эфиргэ кэпсэтэбит. «Сахамедиа» холдинг медиа-киинигэр “Көҥүлэ суох дьону таһыы” онлайн-биэрии ахсынньы 21 күнүгэр ыытыллыбыта. «Саха сирэ» уонна «Амма олоҕо» хаһыаттар суруналыыстара ыйытыыларын биэрдилэр.
Кэпсэтиигэ Судаарыстыбаннай автодорожнай надзор Илин-Сибиирдээҕи управлениетын салайааччытын солбуйааччы Николай Шадрин, СӨ ГИБДД-тын салайааччытын солбуйааччы Александр Оросин, Бэйэтэ хаамар массыыналары уонна тиэхиньикэ атын көрүҥнэрин тиэхиньиичэскэй туруктарын кэтээн көрөр управление салайааччытын солбуйааччы Егор Егоров, эмиэ бу управление судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Анна Осипова, «Дабаан» такси сулууспатын салайааччыта Валерий Степанов, «Рикша» сулууспа коммерческай дириэктэрэ Александр Ксенофонтов, урбаанньыт Байдам Мардьа Марха Уола, пассажирдар ааттарыттан Александра Антоева кыттыыны ыллылар. Маны таһынан «Амма олоҕо» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Наталья Бубякина уонна «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Василий Никифоров, Николай Попов кытыннылар. Кэпсэтиини «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Анивера Акимова иилээн-саҕалаан ыытта.
«Кыһыҥҥы суол арыллан кэлии-барыы элбээтэ. Дьон такси өҥөтүн туһанара муҥутаан турар. Хомойуох иһин, көҥүлэ суох таксистар олус элбэхтэр. Ити кыһалҕа туһунан кэпсэтээри төгүрүк остуолга муһуннубут» — диэн Анивера Акимова кэпсэтиини саҕалаата.
СӨ ГИБДД-тын салайааччытын солбуйааччы Александр Оросин таксистартан төһө элбэх саахал тахсарын, көҥүлэ суох таксистар тустарынан сиһилии кэпсээтэ:
— 2011 сыллаахха Гос думаҕа «такси туһунан» 69-ус ньүөмэрдээх пэдэрээлинэй сокуон ылыллыбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бу сокуон 2012 сыллаахха киирбитэ. Бу сокуоҥҥа такси хайдах үлэлиэхтээҕэ, таксистан туох ирдэнэрэ бу сокуоҥҥа суруллубута. Аһаҕастык эттэххэ бу сокуон элбэх итэҕэстээх. Сокуон ис хоһоонунан, таксилыан баҕарар киһи нолуок сулууспатыгар бэлиэтэнэр уонна «Мои документыттан» көҥүл ылар. Бу таксилыан баҕалаах киһи массыынатын туругун ким да бэрэбиэркэлээбэт. 69-ус сокуоҥҥа ити балаһыанньа суруллубатах. Бэйэм бэлиэтиирбинэн, үгүс таксистар массыыналара аҥардас тас көрүҥнэрэ да дьону таһарга эппиэттээбэт. Таһыгар иилиллэр бэлиэлэрин ким да көрөр, хонтуруоллуур бырааба суох. Биһиги, ГИБДД үлэһиттэрэ, төһө кыалларынан хонтуруол ыытабыт. Ол эрэн, кыһалҕаны толору бэйэбит илиибитигэр ыларбытыгар боломуочуйабыт тиийбэт. Улуус икки ардыгар сүрүннээн «Д» категориялаах суоппардар таксилыыллар. Кинилэр 8-тан элбэх киһини тиэйэр бырааптаахтар. Кинилэр эмиэ улахан хонтуруола суох үлэлииллэр. Аны туран, билигин көҥүллээх таксистарга ирдэбил олус кытаанах. Туох баар докумуону ситиһэн таксист быһыытынан бэлиэтэммит суоппардар кэтэбилгэ-манабылга сылдьаллар. Кинилэри 50 тыһ. солк тиийэ ыстырааптыахтарын сөп. Оттон көҥүлэ суох таксистары 500 солкуобайтан саҕалаан 1500 солкуобайга диэри ыстыраап көрүллэр. Ол иһин кэнники сылларга көҥүллээх такси олус аччаата. 69-ус пэдэрээлинэй сокуонунан, көҥүлэ суох таксилыыр быдан барыстаах курдук буолан хаалла. Маннык кыһалҕа бүтүн Арассыыйа үрдүнэн турар. «Индрайвер», «Такси максим» диэн приложениялар бааллар. Кинилэр бырагыраамма суруйаннар приложение оҥорор бырааптаахтар. Кинилэр такси өҥөтүнэн дьарыгырбаттар. Кинилэр дьоҥҥо приложенияннан өҥө оҥороллор. Ити приложенияны ким баҕарар хачыайдаан туһанар бырааптаах. Ону хайыыр да кыах суох.
Бэйэтэ хаамар массыыналары уонна тиэхиньикэ атын көрүҥнэрин тиэхиньиичэскэй туруктарын кэтээн көрөр управление салайааччытын солбуйааччы Егор Егоров бэйэтин санаатын эттэ:
— 2016 сыл балаҕан ыйыттан биһиги тэрилтэбит көҥүллээх таксистары хонтуруоллуур. Таксилыыр көҥүлү Горькай уулуссатын 100 ньүөмэрдээх дьиэтигэр баар такси отдела биэрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ СӨ-гэр 6802 көҥүллээх такси баарыттан 6744-дэ үлэлиир. Коллегам эппитин курдук, 69 пэдэрээлинэй сокуоҥҥа олоҕуран, биһиги таксистар массыыналарын туругун бэрэбиэркэлиир уонна хонтуруоллуур кыахпыт суох. Ол оннугар, 294-үс пэдэрээлинэй сокуонунан биһиги ГИБДД үлэһиттэрин кытта рейдэҕэ тахсан бэрэбиэркэ үлэтин ыытабыт. 2017 сыл түмүгүнэн, 255 рейдэ оҥоһулунна, 347 тыһ. солк ыстыраап сурулунна уонна 61 матарыйаал суудка бэрилиннэ.
Судаарыстыбаннай автодорожнай надзор Илин-Сибиирдээҕи управлениетын салайааччытын солбуйааччы Николай Шадрин үлэтин туһунан кэпсээтэ:
— Биһиги сулууспабыт 8 миэстэттэн элбэх миэстэлээх массыыналарга уонна оптуобустарга көҥүл биэрэр. 2011 сылга диэри биһиги таксины эмиэ хонтуруоллуур этибит. Оттон дьэ 69 пэдэрээлинэй сокун тахсыбытын кэнниттэн регионнарга боломуочуйаны биэрбиттэрэ. Ол кэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга министиэристибэтэ дьарыктанар буолбута. Ол эрэн,кинилэр толору үлэни ыыталларыгар дьонноро тиийбэтэ уонна иниспиэктэрдэрэ суоҕа күүстээх охсууну оҥорбута. Таксины олох да бэрэбиэркэлээбэт этилэр. Таах көҥүл эрэ биэрэллэрэ. Кэлин биһиэхэ бу боломуочуйаны биэрбиттэригэр, аргаайдык таксилары хонтуруоллуур үлэ баран эрэр.
Сүрүн ыалдьыттарынан көҥүллээх таксистар буоллулар. Кэпсэтиибит сүрүн кыһалҕатын кинилэр билэллэрэ чахчы. Кинилэр бэйэлэрин санааларын эмиэ быһа эфиргэ этэрдии кэлбиттэр.
Валерий Степанов, «Дабаан» такси сулууспатын салайааччыта:
— Биһиги сулууспабытын 2006 сыллаахха тэриммиппит. Туох баар сокуону барытын тутуһабыт. Массыыналарбыт уонна суоппардарбыт күн аайы айан иннинээҕи уонна медицинскэй хонтуруол ааһаллар. Мин санаабар 69-ус пэдэрээлинэй сокуон чиэһинэйдик үлэлиир таксистары утары үлэлиир сокуон. Ити сокуонтан сылтаан ынырык элбэх урбаанньыттар үлэлээн бүппүттэрэ. 2012 сыл иннинэ Дьокуускай куорат иһигэр 40-чэ такси сулууспата үлэлиир буоллаҕына, билигин 9 эрэ сулууспа хаалла. Бу көрдөрүү 69-ус сокуон туһата суоҕун туоһулуур. Судаарыстыбатааҕы таһымҥа такси үлэтин кыайан наардаабат. Хата төптөрүтүн нолуогу төлөөбөт, сокуону тутуспат дьону өйүүр курдук. ГИБДД үлэһиттэрэ нолуогабайга бэлиэтэммит таксистары куруук манаан-кэтээн тахсаллар. Кинилэр көҥүлэ суох дьону таһар суоппардары ыгар кыахтара суох. Тоҕо диэтэр, 69-ус пэдэрээлинэй сокуонунан, ити дьон тасистар буотах. Сокуон ГИБДД үлэһиттэригэр дьиҥ туһалаах үлэни ыыталларын көҥүллээбэт.
Александр Ксенофонтов, «Рикша» сулууспа коммерческэй дириэктэрэ:
— Мин урбаанынан дьарыктаммытым 12 сыл буолла. «Рикша» таксины салайбытым 10-ус сыла. Кэлин «Индрайвер», «Максим» уонна «Нон-Стоп» приложениялар сайданнар куорат иһигэр сылдьар таксиларбын тохтоппутум. Билигин улуустар, куораттар икки ардыларынан дьону таһар уонна таһаҕаһы таһар өҥөнү оҥоробун. Туох баар массыыналарым барыта көҥүллээхтэх, үчүгэй туруктаахтар. Суоппардарбын, диспетчердарбын бүтүннүү бэрэбиэркэлиибин. 69-ус сокуоҥҥа суруллубутун курдук, сарсыарда массыына үлэлии тахсарыгар «путевой лист» толотторобун. Судургутук эттэххэ массыына уонна суоппар туругун бэрэбиэркэлибин. Оттон ити багажникка көҥүл көрдөөннөр айанньыт уонна суоппар икки ардыгар утарсыыны таһааран эрэллэр. Улууска эбэтэр атын куоратка барар дьон элбэх маллаах буолаллар. Эбиитин ыксыыллар. Оттон суоппар багаһыгар көҥүл ылан биир икки чааһын онно сүтэрэр. Бэйэҕит билэҕит, таһаҕаһы массыына иһигэр угар кыаллыбат. 69-ус пэдэрээлинэй сокуон таксистары эрэ утары буолбакка, айанньыттарга эмиэ ыарахаттары үөскэтэр. Багажниктаммыт буруйугар суоппар буолнай харчыны төлүүр. Онтуотун боруостаары сыананы үрдэтэр. Айанньыт ону сөбүлээбэт. Итинтэн сылтаан атааннаһы тахсар. Мэһэйи эрэ үөскэтэр сокуон диир кыахтаахпын.
Байдам Мардьа Марха Уола, урбаанньыт, «Эҥсиэли такси» салайааччыта:
— Мин дьону таһыынан 2001 сыллаахтан дьарыктанабын. Көҥүлэ суох таксилыыр дьон элбэхтэ кыһалҕа үөскэтэ сылдьабыттара. Кинилэр эппиэтинэс диэн тыл суолтатын өйдөөбөттөр. Таксинан дьарыгарар буоллаххына улахан эппиэтинэһи ылынаҕын. Тиэйэн иһэр дьонун олохторун, доруобуйаларын туһугар эппиэттиигин. Айанньыттар харчы төлүүллэр, таксист өҥө оҥорор. Таксист диэн харчы эккирэтээччи буолбатах. Биһи курдук тэриллиилээх таксистар сыананы бэйэлэрэ олохтууллар. Төһө да бензин сыаната үрдээбитин иһин, Намҥа диэри бырайыас 300 солкуобай буолбута 7-ис сыла. Намҥа сүрүннээн «Индрайвер» приложениянан дьону таһаллар. Биһиги кинилэри дьону таспатыннар диэбэппит. Кинилэр эмиэ дьиэ кэргэннээхтэр, кредиттаахтара буолуо. Олох оннукка үтүрүйэр. Ол эрэн, сокуону тутуһан, нолуок төлүү сылдьар суоппардар үтүрүйүллэн хааллыбыт. Индрайверынан бэҕэһээ праватын ылбыт оҕо таксилыы барыан сөп курдук. Туох даҕаны уопута суох оҕо дьону таһара олус кутталлаах. Ити кыһалҕаны быһаартараары биһиги элбэх суругу ГАИ-ларга, дьокутааттарга уонна прокуратураҕа суруйбуппут. Кинилэр көмөлөһөөччүлэрэ бу боппуруоһу кыайан быһаарбаппыт диэччилэр. «Индрайвер диэн приложение, ким баҕарар туттар кыахтаах, ону бобор сокуон суох» — дииллэр.
— Мин Майаттан сотору сотру Дьокуускайга таксиларынан айанныыбын. Индрайверынан да такси сулууспаларынан да туһанабын. Араас суоппардар түбэһээччилэр. Сорохтор айаны страховкалыыбыт диэн бараннар, ГАИ үлэһитэ тохтоттоҕуна такси буотах үһүбүн диэрин диир суоппардар түбэһэллэр. Манна киһи сабыдыала улахан оруолу оонньуур. Ол аата суоппар дьон олоҕун туһугар эппиэтинэһи өйдүөхтээх. Оттон пассажир суоппар быраабыланы тутуһарын ирдиэхтээх.
Дьону таһар улахан эппиэтинэс диэни хас биирдии суоппар өйдүүр тустаах. Таксистар, ГИБДД, такси үлэтин хонтуруоллуур органнар үлэһиттэрэ эппиттэрин курдук, 69 пэдэрээлинэй сокуон олус элбэх мэһэйи оҥорор эбит. Суол быһылаан, саахал тахсарын тохтоторго элбэх үлэ ыытыллыан наада. Хас биирдии суоппар сөптөөх өйү-санааны ылыныа диэн эрэнэр сатаммат. Көҥүлэ суох дьону таһыы боппуруоһун Дьокутааттар сөптөөх сокуон ылынан быһаарар кыахтаахтар.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru