Чугастааҕы уон сылга Арассыыйа иннигэр энэргиэтикэ салаатын, сиртэн хостонор, ойуур ресурсаларынан сүҥкэн баайдаах Илин Сибиир, Уһук Илин эрэгийиэннэрин салгыы баһылааһын, сайыннарыы соруга турар. Итини сэргэ Хотугу Муустаах акыйаан тайаан сытар сирдэринэн ньиэп, гаас баайдаах миэстэлэри чинчийии, туһаҕа таһаарыы ыытыллыахтаах.
Билиҥҥи кэмҥэ Сибиир өрүстэригэр Енисейгэ, Ленаҕа, Амурга, Индигиргэ, Халымаҕа итиэннэ Хотугу муора суолунан устар уу, муора тырааныспара уонна Кытайга диэри Илиҥҥи тимир суол (КВЖД) ити эрэгийиэннэри баһылааһыны хааччыйар кыахтара суох. Оттон массыына суолун, тимир суолу тутуу, тайаан сытар сир-дойду уустук географическай уонна килиимэт усулуобуйата (сис хайалар, ирбэт тоҥ, 50-60 кыраадыс тымныы) элбэх үлэһит илиини, үбү-харчыны, уһун кэми ирдиирэ биллэр.
Тырааныспар саҥа көрүҥэ наада
Онон, Илин Сибиир, Уһук Илин эрэгийиэннэрин салгыы баһылааһыҥҥа тырааныспар ураты көрүҥэ – сиринэн сылдьар тырааныспар бары көрүҥнэрин кытта күрэстэһэр кыахтаах салгын тырааныспара туттуллара, туһалыыра наада буолла. Билигин туттуллар салгын тырааныспарын көрүҥнэрэ – сөмөлүөттэр, бөртөлүөттэр күрэстэһэр кыахтара суох. Сөмөлүөт көтөрүгэр, түһэригэр аэродромҥа наадыйар, бөртөлүөт көтөҕөр кыамтата кыра, 20 т ордубат итиэннэ ыраах сиргэ көппөт. Бу көтөр ааллары туһанарга аналлаах сирдээҕи инфраструктура – массыына суола, тимир суол оҥоһуллуон, тардыллыан наада. Эбиитин, туһанарга саамай ыарахан сыаналаах, төлөбүрдээх тырааныспар көрүҥнэринэн буолаллар.
Бу эрэгийиэннэргэ добуочча ыарахан уйуктаах, ыраах сиргэ көтөр кыахтаах дирижабллары туһанарга этиилэр киирбиттэрэ. Ол гынан, 1930-с сылларга “Цеппелин” тииптээх улахан уйуктаах дирижабллары туһаныы уопута сэрэхтээхтэрин, эрэлэ суохтарын көрдөрбүтэ.
Онон, билиҥҥи кэм авиаконструктордарын иннилэригэр Илин Сибиир, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр аныгы кэм ирдэбиллэригэр толору эппиэттиир салгын тырааныспарын көрүҥүн айан оҥорор сыал-сорук турар. Итиниэхэ сүрүн ирдэбиллэр:
– Таһаҕаһы тиэйии, пассажирдары таһыы бэйэҕэ турар сыаната (себестоимоһа) үрдүгэ суох буолуохтаах (тимир суолунан, өссө ордуга массыынанан тиэйии, таһыы бэйэҕэ турар сыанатыттан үрдүө суохтаах);
– Миэстэтигэр, суола-ииһэ суох сирдэргэ тутулуга суох, көҥүл тохтоон, түһэн-көтөн үлэлиир кыахтаах буолуохтаах;
– Технологическай суолталаах биирдиилээн улахан сабардамнаах, ыарахан таһаҕаһы, оборудованиены ыраах сирдэргэ тириэрдии;
– Күн-дьыл, килиимэт туругуттан, усулуобуйатыттан тутулуга суох буолуу;
– Үлэлииргэ эрэллээх, куттала суох буолуу.
Эриэккэс кыахтардаах хомуур көтөр аал
Үөһээ ыйыллыбыт ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир кыахтаах гибрид дирижабль – аэростатическай булкаас көтөр аппараат биитэр аэростатическай чэпчэтиилээх, өрө көтөҕөр, көтүтэр бөртөлүөт салбахтаах, аэродромҥа наадыйбат улахан БАРС сөмөлүөт буолар.
Салгын тырааныспарын маннык көрүҥүн айан оҥорорго сананыы өссө 20 сыл анараа өттүгэр саҕыллыбыта. Күн бүгүн бырайыак олоххо киллэриллэр кыахтааҕа аналлаах тургутуу түмүктэринэн бигэргэтилиннэ. Ол курдук, 1989-1993 сылларга Москватааҕы авиационнай институт аэродинамическай турбаларыгар этэҥҥэ тургутуллубута. Салгыы 1995-1996 сылларга “Тюменьэкотранс” фирмаҕа научнай-чинчийэр, уопутунай-конструкторскай үлэлэр чэрчилэринэн аппараат көтөр-туһаныллар дьоҕура-кыаҕа тургутуллубута. Ити тургутууга МАИ, Сибиирдээҕи авиация научнай-чинчийэр институтун, КБ-лар, собуоттар уонна фирмалар учуонайдара, исписэлиистэрэ быһаччы кыттыбыттара.
Маннык салгын тырааныспарын көрүҥэ билигин бэркэ туһаныллар көтөр аппарааттар: дирижабль, сөмөлүөт, бөртөлүөт уонна салгын сыттыктаах судно дьүөрэлэһиилэрин көрүҥэ буолар. Маныаха ити аппарааттар үтүө, эрэллээх хаачыстыбалара туһанылыннылар. Оттон итэҕэстэрэ-быһаҕастара туоратылыннылар.
Чуолаан, дирижабль тыалга оҕустарыыта, тиэхиньиичэскэй көрүллүүтүн-истиллиитин уустук систиэмэтэ туоратылынна. Сөмөлүөт курдук аэродромҥа наадыйбат, бөртөлүөттээҕэр быдан ыраахха көтөр, көтөр ороскуота чэпчэки. Салгыннаах сыттык элэмиэнин итиэннэ бөртөлүөт көтүтэр салбаҕын туһаныы “БАРС” аппараат аэродромҥа олохсуйбакка, ханнык баҕарар көнө сиргэ-былаһааккаҕа (ууга, бадарааҥҥа, хаарга, о.д.а.) түһэн-көтөн, тиэхиньиичэскэй өттүнэн көрүллэн-истиллэн үлэлииригэр кыаҕы биэрэр. Аппараат бэйэтин бэйэтэ хааччынар бортовой систиэмэлээх. Сөмөлүөт салгынынан тирэнэн көтөр ньыматын, дирижабль курдук чэпчэки гелий гааһынан өрө көтөхтөрүллүүтүн түмүгэр салгын бу тырааныспара төһө эмэ ыарахан, сабардамнаах таһаҕаһы ыраах сиргэ үрдүк экэнэмиичэскэй көдьүүстээхтик, эрэллээхтик тиэйэр-таһар кыахтаах.
Аппараат тырааныспар сириэстибэтин быһыытынан суола-ииһэ суох сирдэргэ технологическай оборудованиены, тэриллэри эрэйэ суох хайа-баҕарар тириэрдэр кыахтааҕын бэлиэтиир наадалаах. Бу түбэлтэҕэ салгын транспортнай-технологическай комплекса (СТТК) дьүөрэлэспит көтөр аппарааттан (аэродромҥа наадыйбат, аэростатическай чэпчэтиилээх сөмөлүөттэн – “БАРС”), “БАРС” уһуллар биитэр бииргэ сылдьар платформаларыгар тиэллибит көтөхтөрүллэр-иилиллэр технологическай оборудованиеттан (КТО) турар.
КТО-ҕа киирсэллэр:
– Ньиэп, гаас, о.д.а. баайдаах сирдэри туһаҕа таһаарарга туттуллар блок-модуллар;
– Айылҕа сырьетуттан (тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын) миэстэтигэр астыыр-үөллүүр дьоҕус собуоттар;
– Айылҕа итиэннэ техногеннай хараахтардаах ыксаллаах быһыы-майгы (сир хамсааһына, халаан уута, ойуур баһаардара) содулларын сэрэтиигэ, туоратыыга туттуллар технологическай блоктар;
– Улахан сабардамнаах таһаҕастар, олор истэригэр тыал күүһүнэн үлэлиир электро-ыстаансыйалар, уо.д.а.
Түмүктээн эттэххэ
Салгын транспортнай-технологическай комплексын (СТТК) көмөтүнэн чугастааҕы 20-30 сылларга билиҥҥи туругунан сири-уоту баһылааһын, олохсутуу үгэс буолбут ньымаларынааҕар 2-3 төгүл кэмчилээһиннээхтик Сибиир, Уһук Илин, Уһук Хоту сир суола-ииһэ суох сирдэрин баһылыыр, олохсутар кыах баар. Тустаах комплекс айылҕа таһаарар итиэннэ техногеннай иэдээннэртэн киһи, материальнай ресурса сүтүгүн улаханнык аччатар, Арассыыйа илиҥҥи өттүн сиригэр-уотугар кылгас болдьоххо дьону олохсутар, сайдыылаах олоҕу хааччыйар кыаҕы биэриэҕэ.
Ыспыраапка
Филимонов Александр Иосифович
– 1966 сыллаахха “Сөмөлүөтү оҥоруу” исписээлинэстээх Казаннааҕы авиаинституту бүтэрбитэ. Ити сыл Горькай куоракка “Гидромаш” авиасобуокка анаммыта уонна алта сыл устата технолог, сүрүннүүр конструктор быһыытынан үлэлээбитэ.
–1973 сыллаахха Москватааҕы авиаинститукка (МАИ) аспирантураҕа киирбитэ. Бүтэрэригэр “Сөмөлүөттэри айыы, бырайыактааһын” идэлээх тиэхиньиичэскэй наука хандьыдаатын диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.
– 1977-1984 сылларга МАИ Арзамастааҕы филиалыгар ыстаарсай преподавателинэн, 1984-1994 сылларга Тюменнааҕы индустриальнай институкка дассыанынан үлэлээбитэ.
– 1994-2019 сылларга – “Тюменьэкотранс” ААУо генеральнай дириэктэрэ, кылаабынай конструктор.
– Үлэлээбит бары дуоһунастарыгар, билиҥҥи да кэмҥэ сүрүн хайысха быһыытынан научнай-чинчийэр, айар- уопуттуур-тургутар үлэлэри утумнаахтык салайбыта, толорбута. Ол түмүгэр көтөр аппарааттар (КА) саҥа көрүҥнэрэ айыллан оҥоһулуннулар:
– пассажирдары таһарга аналлаах, аэродромҥа наадыйбат “БЭЛЛА” көтөр аппараат;
– таһаҕаһы, бөдөҥ тэриллэри тиэйэр-таһар аналлаах, аэродромҥа наадыйбат “БАРС” аэростатическай көтөр аал;
– маннык көтөр аппарааттары бырайыактааһын методиката ырытыллан бэлэмнэннэ, уонтан тахса саҥаны арыйыылар ааптардара. Инникитин “БЭЛЛА”, “БАРС” көтөр аппарааттары оҥорууга научнай уонна тиэхиньиичэскэй сүбэһит (консультант) быһыытынан үлэлэһэр кыахтааҕын биллэрэр.
Бэлэмнээтэ Иван Ксенофонтов