Билиҥҥи кэмҥэ, салгын тырааныспарын көрүҥнэрин оҥоруу салаатыгар наука-тиэхиньикэ муҥутуур ситиһиилэрэ сөмөлүөт, бөртөлүөт, дирижабль, салгын сыттыктаах суудуна дьүөрэлэспит, бастыҥ хаачыстыбаларын иҥэриммит аныгы таһыччы кыахтаах көтөр аппарааттар саҥа көрүҥнэрин айан таһаарар кыаҕы толору биэрэллэр.
Итинник көтөр аппараатынан аэродромҥа наадыйбат, аэростатическай ноҕуруускалаах “ БАРС” сөмөлүөт буолар. Аппараат тас көстүүтүнэн кэккэ уларыйыылардаах да буоллар, сөмөлүөт классическай быһыытын-көстүүтүн санатар. Цилиндр формалаах фюзеляж оннугар киин чааһа – центроплана икки тэриэлкэни холбуу туппуттуу (НЛО-ну санатар) куорпустан турар. Иннигэр пилоттар-пассажирдар кэбиинэлэрэ, кэннигэр кутурук чааһа. Центропланын ойоҕосторунан кэннин диэки охтуҥу кынаттардаах, кутуругун баалкатыгар туруору, сытыары салаллыытын салбахтара. Куорпуһун түгэҕэр салгын сыттыктаах, көлүөһэ-хайыһар тирэхтээх гына дьүөрэлэһиннэрэн оҥоһуллубут шассилаах. Көтөр аппараат толорор аналынан икки көрүҥ: көтүтэр уонна өрө көтөҕөр мотуордардаах.
Аппараат аэродинамика, аэростатика уонна реактивнай күүс бириинсиптэригэр олоҕуран көтөр, көтөн тахсарыгар, түһэригэр салгыннаах сыттыгын көдьүүһэ туһалыыр. Аэродинамическай бириинсип сүнньүнэн центропланынан, кынаттарынан, көтөрүгэр-түһэригэр кутуругун сытыары салбаҕынан салгыҥҥа тирэҕирэн толоруллар. Аэростатическай көтөҕөр күүс гелий гаас көмөтүнэн үөскүүр. Оттон реактивнай бириинсип центропланын үрдүнэн туруоруллубут бөртөлүөт салбаҕын курдук биинтэнэн толоруллар. Бу биинтэ көтөр аппараат сиртэн чугас, намыһаҕынан көтөрүгэр “салгын сыттыгын” үөскэтэр.
Сөмөлүөт көтөр аэродинамическай итиэннэ дирижабль аэростатическай бириинсиптэрэ маннык көтөр аппараакка континеннар икки ардыларыгар ыраах көтүүнү, хас эмэ сүүһүнэн туонна ыйааһыннаах таһаҕаһы көтөҕөрү уонна сиринэн таһаҕаһы таһыы кээмэйигэр тэҥнээх көдьүүһү хааччыйаллар. Бөртөлүөт бириинсибинэн (реактивнай) көтүүтэ аппараат туруору көтөн тахсыгар, түһэригэр, салгыҥҥа ыйанан турарыгар кыаҕы биэрэр. Оттон салгын сыттыктаах суудуна хаачыстыбата ханнык баҕарар дэхси сиргэ көҥүл түһэр, көтөн тахсар гына оҥорор. Онон “БАРС” көтөр аппараат аэродромҥа наадыйбакка көтөр, үлэлиир кыахтаах.
Чинчийии, тургутуу үлэлэр бигэргэппиттэринэн, салгын тырааныспарын хас да көрүҥүн холбуу дьүөрэлээн айыллыбыт көтөр аппараат үлэтигэр сөмөлүөт баазатыгар эрэ сөмөлүөккэ сыһыаннаах боппуруостар, ол курдук бөртөлүөт, дирижабль ирдэбиллэрин бөртөлүөт, дирижабль баазаларыгар эрэ быһаарыахха сөбө дакаастанна.
“Дождь” установка баһаары умуруорарга аналлаах
“Барс” көтөр аппараат таһаҕас тиэйэр сүрүн отсегар уунан биитэр уоту умуруорар убаҕаһынан толоруллар улахан сабардамнаах баахтаах. Баах икки өттүнэн кынаттарга тахсар трубопроводтар холбоноллор. Ити үөһээттэн киэҥ сири хабан ардахтатар систиэмэ.
“Барс” аппараат күөлгэ, өрүскэ түһэр, бааҕын ууга тимирдэн, аһыллар-сабыллар шлюз систиэмэтинэн аҕыйах сөкүүндэ иһигэр уунан толорунар. Туолбут резервуар (баах) сүрүн отсекка миэстэтигэр төттөрү туруоруллар. Аппараат баһаар уотун умуруора салгыы көтөр.
Уоту умуруоруу баахха холбонуллубут, кынаттарга туттарыллыбыт трубопроводтар форсункаларынан, көтөн иһэн ардахтатыы, биитэр уот үрдүгэр тохтоон туран таһаҕас тиэйэр киин отсек шлюз систиэмэтин аанын аһан ууну чопчу тоҕо сүөкээһин ньымаларынан толоруллар.
Сүҥкэн суолталаах, быһаччы туһалаах бырайыак
А.И.Филимонов айбыт аэродромнарга наадыйбат сөмөлүөттэрин кыахтарын үөрэтэн баран, Арассыыйа ойуурун салаалара маннык тиэхиньикэҕэ сүрдээҕин наадыйалларын бэлиэтиибин. Ордук чуолаан өрө турбут ойуур баһаарын суһаллык умуруорууга наадалаах хас эмэ туоннанан баһаары утары туттуллар таһаҕаһы, аналлаах тиэхиньикэни, баһаарынньыктар уонунан хамаандаларын уот турбут сиригэр түргэнник тириэрдиигэ.
Хомойуох иһин, билиҥҥи кэмҥэ үп-харчы тиийбэтэ, үбүлээһин бытаана баһаары умуруорар дьону, таһаҕаһы үлэ миэстэтигэр тириэрдэ охсору биллэрдик атахтыыр. Ардыгар авиахампаанньалар норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар эппиэттээх үлэлэри толорорго ыктараннар, баһаары умуруорууга көтөллөрө тардылыктанара эмиэ баар. Ол түмүгэр ойуур баһаара иэдээнник тэнийэн, өрө туран, нэһилиэнньэлээх пууннары, экэниэмикэ эбийиэктэрин күл-көмөр оҥорор куттала үөскүүр, тунуйбут буруоттан-тарааттан дьон-сэргэ эмсэҕэлиир. Ону таһынан, парниковай, ол иһигэр углекислай СО2 гаастар салгыҥҥа быраҕыллыыларын кыччатарга туһуламмыт Арассыыйа Федерацията килиимэккэ (метеорологическай усулуобуйа) илии баттаспыт Парижтааҕы сөбүлэһиилэрэ кэһиллэригэр тириэрдэр.
Тиэхиньиичэскэй чопчулааһыннарга уонна бырайыагы олоххо киллэрэргэ көрсүллүөхтээх ыарахаттарга тохтообокко, авиаконструктор Филимонов массыыната олус наадалааҕын тоһоҕолоон бигэргэтэбин. Көтөр чаастарын сыаната быдан чэпчэки, аэродромнарга наадыйбат сөмөлүөттэр Уһук Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэригэр норуот хаһаайыстыбатын тыын суолталаах таһаҕастарын сылы эргиччи таһалларын таһынан, таарыччы итиэннэ түһэрсиллибит хантараактарга олоҕуран суол-иис кыайан оҥоһуллубат сирдэриттэн бэртээхэй дьыалабыай маһы тиэйэр кыахтаахтар. Кылаабынайа, тулалыыр эйгэҕэ, үүнээйигэ, хамсыыр харамайга куттал үөскээбэт.
Итини сэргэ, аэродромнарга наадыйбат сөмөлүөттэри ойуур баһаардарын умуруорууга уоту умуруорар убаҕаһы тиэммит танкердар курдук туһаныы дьону, тиэхиньикэни тардыы наадатын аччатыаҕа. Оттон баһаар турбут сириттэн ырааҕа суох ханнык баҕарар өрүскэ, күөлгэ түһэн ууну оботторунара экипаж күннээҕи көтөр санитарнай нуорматын биллэрдик кэмчилиир. Уһуннук кураанах көтөн тиийэн аэродром усулуобуйатыгар сапыраапкаланыы наадата суох.
Бу Арассыыйа кыһалҕалаах наадыйыытын быһаарарга сүҥкэн суолталаах, быһаччы туһалаах бырайыак диэххэ наада. Аэродромнарга наадыйбат сөмөлүөттэри оҥоруу, туһаныы биһигини сайдыылаах авиациялаах дойдулар инники күөннэригэр таһаарыаҕар эрэнэбин. Биһиги, Арассыыйа олохтоохторо, астына киэн туттардаах буолуохпут!
Михаил Воронов,
“Авиалесоохрана” ФБУ Сибиирдээҕи уонна Уһук Илиннээҕи
федеральнай уокуруктарга салаатын эрэгийиэннэр икки
ардыларынааҕы киинин начаалынньыга.