Саҥа үүммүт сылы көрсө Өктөм нэһилиэгэр бэрт сэргэх киэһэ буолан ааста. Ол курдук, СӨ култууратын туйгуна, Таатта улууһун уонна Өктөм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын бэтэрээнэ, СӨ кырдьаҕастарын сэбиэтин чилиэнэ Анна Данилова аатынан “Барҕарыы” култуура киинин 50 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтибит.
edersaas.ru
Үтүө киэһэни, араас кэмҥэ кулууп сыанатыгар буолан ааспыт тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан ыыппыт ыытааччылар тахсан кулууп үлэһиттэрин, мустубут дьону-сэргэни, ыҥырыылаах ыалдьыттары эҕэрдэлээн, саҥаран-иҥэрэн саҕалаабыттара олус сонуннук, уратытык көһүннэ. Манна, чуолаан, сыана бэтэрээннэрин, СӨ үтүөлээх учууталын, Хаҥалас улууһун уонна Төхтүр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун Сина Георгиевна Лиханованы, СӨ идэлээх үөрэхтээһинин туйгуна, Тиит-Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Семеновна уонна СӨ физическэй култууратын туйгуна Роман Григорьевич Степановтары бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кинилэри «Өктөм нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын бэтэрээнэ» үбүлүөйдээх мэтээлинэн уонна нэһилиэк баһылыгын Бочуоттаах кыраамататынан наҕараадаламмыттарынан истиҥник эҕэрдэлиибин, үөрэппит-такайбыт учууталларым буолалларынан киэн туттабын!
Бу киэһэ өр сыл култуура эйгэтигэр таһаарыылаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбит бэтэрээн дьон аата элбэхтэ ааттанна, хайҕанна, сыаналанна. Иванова С.Г., Федорова Л.Т., Корякина Е.И., Аржакова З.Е., Павлова М.Е., Борисова А.А. сыанаҕа тахсан үөрэ-көтө, мичилэһэ тураллара көрөөччү сүрэҕин долгутта, манньытта.
Өктөм нэһилиэгин Далбар Хотуттарын «Күбэйэ» түмсүүтүн биир тутаах киһибит Любовь Моисеевна Кондакова «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин анал бэлиэтинэн наҕараадаламмытын дохсун ытыс тыаһынан уруйдаатылар-айхаллаатылар.
Уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын кэнсиэрэ дьоро киэһэни өссө ситэрэн, тупсаран биэрдэ.
“Барҕарыы” култуура киинин дириэктэрин СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгунун Федора Ивановна Фоминаны, норуот тыйаатырын режиссерун СӨ култууратын туйгунун Зоя Егоровна Аржакованы, методиһынан өр сылларга үлэлии сылдьар СӨ култууратын туйгунун Любовь Моисеевна Кондакованы уонна бары үлэһиттэри өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн эйэҕэс эҕэрдэбин, сахалыы сайаҕас алгыспын тиэрдэбин! Сыралаах үлэҕит сыаналана, хайҕана турдун, дьон-сэргэ махтала, үтүө тыла күүскүтүгэр күүс эбэн үрдүккэ кынаттаатын, сырдыкка сирдээтин диэн баҕа санаа бастыҥын аныыбын!
edersaas.ru саайтка анаан Лариса АТЛАСОВА (Өктөм).