Аллараа Халымаҕа барааннар кэллилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Алтынньы ый саҕаланыытыгар Бүрээтийэттэн Аллараа Халыма улууһугар «Плейстоцен» заказник-пааркаҕа 29 эдильбай боруода бараан аҕалылынна.

edersaas.ru

Халыма өрүс алын тардыытыгар, Черскэй бөһүөлэгиттэн 30 биэрэстэлээх сиргэ баар «Плейстоце́н» заказник-паарканы Россия эколога Сергей Афанасьевич Зимов тэрийбитэ. Манна Мууһуруу кэлиҥҥи кэминээҕи плейстоцен экосистиэмэтин үөскэтэр эспэримиэн ыытыллар. 160 кв миэтэрэ сиринэн тайаан сытар пааркаҕа саха сылгыта, табалар, тайахтар, овцебыктар, зубрдар уонна марааллар бааллар, аны барааннар аҕалылыннылар.  Улуус бэтэринээрдэрэ барааннары көрөн-истэн бараннар, ыраах айаны тулуйбуттар, этэҥҥэ эбиттэр диэн быһаардылар уонна отут хонуктаах харантыыҥҥа туруордулар.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0