Сулгунда диэн биэс түөлбэлээх улахан улуу эбэ баар. Манна сопхуос саҕана, сылгыһыттар баазаланан, кирпииччэ оһохтоох улахан дьиэ туттубуттара. Үс истиэнэҕэ, иккилии этээстээх, наара ороннор тураллар. Уонча киһи холкутук сытар киэҥ — куоҥ дьиэ. Киирэ түһээт утары уһун улахан аһыыр остуоллара турар. Биир дьыл, сэтинньи бүтүүтүн эргин, уонтан тахса буоланнар, муҥхалыы диэн тыраахтарынан бырахтараллар. Халлаан улаханнык тымныйа илик. Хаара да оннук наһаа халыҥа суох.Муҥхаларын түһэрэн бараннар, таһаарбыт чардааттарыттан салгыы бара туруохтаахтар. Онон көлөҕө наадыйбаттар.
Муҥхалаабыттара хаһыс да күнэ. Кыра — кыралаан тардыы аайы собо син кэлэ турар. Балыктарын оҕотун мууска тоҥоллор. Сарсыныгар кууллаан, үллэстэн бараннар, онно туруораллар.Бүттэхтэринэ биирдэ тыраахтар кэллэҕинэ хомуйуохтара. Бадьыыһырбатахтарына эрдэ соҕус бүтэллэр. Оччоҕуна киэһэ тугу гыныахтарай? Аһаан баран утуйуу буолуор дылы, улахан остуолларын төгүрүйэ олороннор очукуолаан сырдыргаталлар. Испиискэ маһыгар гынан баран, ол маспыт биирдии собо. Онон асаартаах оонньуу. Сорох киһи, күннээҕи ирээт соботун сүүйтэрэн кэбиһэрэ даҕаны ханна барыай? Ардыгар балыйсан тураллар быһыылаах,саҥалара кэҥээн, хойдон ылар. Чүмэчи уотунан сырдатынар буоланнар. Хараҥа да буоллаҕа.
Биир күн дойдуларын уола хамырсаанныы диэн, биир дьааһык буоккалаах кэлэр. Оччолорго » сухой » сокуон диэн маҕаһыыҥҥа арыгы атыыламмат кэмэ. Балыкка атастаһар үһү. Киэһэ, идэлэринэн хаарты оонньуута саҕаланар. Хаартылаабат түөрт уол, оһох кэтэҕэр чөкө, кирийэн олороннор буокка иһэллэр. Биллэн туран, собоҕо диэн «Хамырсааннарыттан» ылаллар. Улахан остуолга хаартыһыттар саҥалара — иҥэлэрэ сүрдээх. Буокка иһээччилэрбит кырдьаҕас, чиэһинэй киһи диэннэр Баһылайы астаталлар. Оһоххо турар икки биэдэрэ чэйдэриттэн, Манчаары диэн Куораттан кэлэ сылдьар уолу соруйаннар куттараллар. Онон икки остуолунан чэй кутааччы буолан хаалар. Баһылайдара сөп буола — буола куруускаларга буокка кута олорон » күр «» гына наараҕа тиэрэ кэлэн түһэр. Били, чиэһинэй кырдьаҕастара хараҥанан туһанан боссоно олорбут эбит. Куруускатын өҥөйөн көрбүттэрэ, толору дьалкыйан олорор үһү.
Манчаары төттөрү — таары тээспэҥнээн сылайда быһыылаах. Миэстэ тахсыбытыгар хаартылаары чөкөс гына олорунан кэбистэ. Өр — өтөр буолбата » Сарсыҥҥы ирээт собобор саптарыҥ эрэ»- диэн көрдөһөр саҥата иһиллэр. Сатаабат киһини балыйан да эрдэхтэрэ? Хайҕаабыта эҥин буолаллар. Онтон дьэ утуйар кэмнэрэ буолан, оонньоон бүтэннэр, таҥастарын — саптарын бэринэллэр. Таһырдьа тахсаннар көҕүрэттэн киирэн, утуйар ороннорун булаллар. Сыппыттарын кэннэ, муҥхаһыт тойонноро Ньукулай эрэ хаамыталыы сылдьар.Тугу эрэ ботугуруур, тугу эрэ көрдөнөр курдук? Ыйыппыттарын. «Аҥар барааҥка үтүлүгүм сүттэ. Куурда ыҋаабытым аҥара эрэ баар» — диир. Оннук булбакка эрэ сытар. Сарсыарда көстөр ини? Ханна эрэ таҥаска буккулуннаҕа диэн буолар.
Сарсыарда тураннар онно — манна көрүөлэнэллэр да, үтүлүк суоҕун курдук суох. Биир үтүлүк аҥара сүппүтүгэр, муҥхалаабакка өрөөн олоруохпут дуо? Чэйдээн,аһаан бараммыт Эбэбитигэр киириэххэйиҥ дэһэллэр. Биэдэрэлээх чэйдэриттэн ким куруусканан, ким миискэнэн чэй бастыыта буолар. Биэдэрэ түгэҕэ ордуута, биир уол улахан баҕайы, андаатар курдук, уулла сытыйбыт тугу эрэ ороон таһаарар. Онтубут, били, сүппүт барааҥка үтүлүкпүт аҥара эбит. Илийэн өссө улааппыкка дылы. Өмүрүү- соһуйуу! Ким эрэ соруйан укпутун да курдук тыллаһыы буолар. Ол диэн өссө. Хаартылыы олороннор, бээһээ киэһэ, бараан үтүлүктэрин ёмиинин» иһэ олорбуттар эбит. Ньукулай өһүөҕэ, тоһоҕор баарыгар, биэдэрэлэр үрдүлэринэн үтүлүктэрин куурда ыйаабыт. Ким эрэ хараҥаҕа тиэтэйэ-саарайа сылдьан үтүлүгү таарыйбыта, чэйдээх биэдэрэҕэ түһэн, илиҋэн тимирэн хаалбыт эбит. Уонна ол миинин иһэ сырыттахтара.
Дьиэлэригэр ким төһөлүү соболоох кэлбитэ биллибэт. Ол туһунан сибидиэнньэ суох. Арай «Хамырсаан» уолбут муҥхалаан кэлэн баран, онон уурайан, сүөһүтүн — аһын көрүнэр диэбиттэрэ.
Басхаай.