«Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаата биһиги өрөспүүбүлүкэбит үбүн-харчытын ырыынагар бигэ тирэхтээхтик үлэлээбитэ номнуо уонтан тахса сылыгар барда. Баан өрөспүүбүлүкэ 14 улууһугар офистарын үлэлэтэн, тыа дьоно чэпчэтиилээх кирэдьииттэринэн хото туһана олороллор. Аны быйылгыттан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылары чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн хааччыйан эрэр. Баан Саха сиринээҕи салаатын эдэр дьокутаат Василий Тимофеев салайар. Бүгүн «Итии чэй» рубрикаҕа Василий Васильевичтыын бэлиитикэ, баан үлэтин туһунан сэһэргэстибит.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Оҕо сааһа Бэрдьигэстээххэ уонна Бүлүүгэ ааспыта
– Василий Васильевич, Ил Түмэн бэһис ыҥырыытыгар эдэр дьокутааттартан биирдэстэринэн буолаҕын. Кэлиҥҥи кэмҥэ бэлиитикэҕэ эдэр дьон кэлэн, саастаах көлүөнэни солбуйар кыахтаах саҥа политиктар баар буоллугут. Дьэ, бэйэҥ тускунан «Саха сирэ» хаһыат ааҕааччыларыгар билиһиннэр эрэ. Хантан төрүттээххиний, дьонуҥ туох үлэһит дьонуй?
– Ийэлээх аҕам Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэнэ сылдьан, ыал буолбуттара. Мин куоракка төрөөбүтүм. Биэс сааспар диэри Дьокуускайга, онтон Бэрдьигэстээххэ олорбуппут. Аҕам быраас идэлээх буолан, оччотооҕу кэмҥэ ханна аныылларынан барара. Онон Горнайтан ийэм дойдутугар, Бүлүүгэ көспүппүт. Оскуоланы Бүлүү куоракка бүтэрбитим. Билигин төрөппүттэрим биэнсийэҕэ тахсан, Дьокуускайга олороллор. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт. Бырааттаахпын уонна балтылаахпын.
Оскуола кэнниттэн Дьокуускайга үп-экономика институтугар үөрэммитим. Баан дьыалатыгар. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бары математиктар. Ийэм өттүнэн бары буҕаалтыр үөрэхтээхтэр. Оҕо эрдэхпиттэн ааҕарбын-суоттуурбун сөбүлүүр буолан, бу идэни талбытым.
Үөрэхпин бүтэрээт, ВТБ бааҥҥа исписэлииһинэн үлэлии киирбитим. 2008 сылга диэри үлэлээбитим. Онтон “Росбааҥҥа” бөлөх салайааччытынан көһөн, дириэктэри солбуйааччыга диэри үүммүтүм.
Былырыын “Россельхозбаан” Саха сиринээҕи салаатыгар дириэктэринэн анаабыттара.
– Дьоһун бааннарга үлэлээбит эбиккин. «Росбаан» уонна «Россельхозбаан» туох уратылаахтарый? Иккиэн федеральнай бааннар. Россия бары регионнарыгар филиаллардаахтар.
– “Росбаан” дьоҕус коммерческай баан диэн этиэм этэ. Оттон “Россельхозбаан” судаарыстыбаннай суолталаах улахан баан. Сүүс бырыһыан судаарыстыбаҕа бас бэринэр. Бүгүҥҥү туругунан, «Россельхозбаан» Бүлүүгэ, Намҥа, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Тааттаҕа, Ньурбаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа, Ленскэйгэ, Горнайга эбии офистаах уонна 74 банкоматы, 18 терминалы үлэлэтэр.
“Россельхозбаан» тула
– Билиҥҥээҥҥэ диэри сорох дьон «Россельхозбаан» тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар эрэ кирэдьиити биэрэр дии саныыллар. Эһиги ипотечнай уонна потребительскай кирэдьиити биирдиилээн дьоҥҥо биэрэҕит дуо?
– «Россельхозбаан» ААУо дойду үрдүнэн ылыллыбыт «АПК-ы сайыннарыы» национальнай бырайыак соруктарын толорууну хааччыйар сыалтан тэриллибитэ. Ол эрээри бүгүн баан үлэтин хайысхатын кэҥэтэн хас биирдии киһини кытары үлэлэһэр эмиэ буолла. Кирэдьиит, уурдарыы, хамнаһы төлөһүү барыта биһиги бааммыт нөҥүө ыытыллар.
Ипотеканан туһанааччыларга уларытыылары киллэрдибит. Саҥа дьиэттэн, иккис ырыынактан уонна учаастагы атыылаһыыга бырыһыан кыччаан турар. Онон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар табыгастаах усулуобуйа үөскээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарын олохтоохторо «Россельхозбаан» өҥөтүнэн туһаналларыгар бары күүспүтүн уурабыт. Онон офистарбыт, банкомат, терминал үлэлэригэр улахан болҕомтобутун уурабыт. Маны таһынан, «Зарплатный5+» пластиковай хаарталаах дьон ханнык баҕарар баан банкоматтарыттан харчы усталларыгар хамыыһыйа, ол аата эбии төлөбүр ылыллыбатын туһунан этиэм этэ (хамыыһыйата суох ыйга биэс устуу).
Нэһилиэнньэни кытары үлэ хаачыстыбатын үрдэтэр сыалтан, баан үлэлиир болдьоҕун уһатан биэрдэ. Онон быйылгыттан саҕалаан, филиал офистара бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри килийиэннэри кытары сарсыарда 09-30 чаастан киэһэ 17-30 чааска диэри үлэлиэхтэрэ. Эбиэт кэмигэр биир чаастан иккигэ диэри тохтобул.
– Үп-харчы ырыынагар тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээн турар кэмигэр, «Россельхозбаан» анал бырагыраамалары үлэлэтэр дуо? Билигин тэлэбиисэргэ, интэриниэккэ рефинансирование туһунан кэпсэтэллэрин элбэхтик истэр буоллум.
– Рефинансированиеҕа үлэлэспиппит син балачча буолла. Ол аата баантан табыгастаах усулуобуйаҕа хат кирэдьиит ылан, урукку иэстэрин сабыахтарын сөп. Судургутук быһааран биэрдэххэ, хос кирэдьиит ылан баран атын бааҥҥа баар иэстэри төлөөһүн буолар. Бу бырагыраама сыллааҕы бырыһыана кыра буолан, килийиэн ыйдааҕы төлөбүрүн намтатыан сөп.
Ставка кирэдьиит болдьоҕуттан, хамнаһын ханнык баан нөҥүө ыларыттан эмиэ тутулуктаах. Кирэдьиит биэс сылга диэри болдьоххо бэриллиэн сөп. Онон рефинансирование бырагырааматынан туһаныан баҕалаахтар, бааҥҥа сайабылыанньа түһэриэхтэрин уонна докумуоннарын көрдөрүөхтэрин наада. Иэс ылар киһи 23 сааһын туолбут буолуохтаах.
– Хаачыстыбалаах интэриниэтинэн, сибээһинэн хааччыллан олорор нэһилиэк олохтоохторо мобильнай баанынан хото туһаналлар. Кирэдьиити төлөпүөн нөҥүө төлүүллэр, аймахтарыгар харчы «быраҕаллар». Эһиэхэ оннук өҥө баар дуо?
– Мобильнай баан диэн өҥөлөөхпүт. Былырыын үлэҕэ киирэн, номнуо үгүс килийиэммит туһанар. Банкомат, терминал, суотабай төлөпүөн көмөтүнэн мобильнай сибээс, интэриниэт, кабельнай, спутниковай тэлэбиидэнньэ, коммунальнай өҥө, кирэдьиит харчытын төлүөххэ сөп.
Чэпчэтиилээх кирэдьиит
– Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга 2017 сылга чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрии туһунан иһитиннэриини өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сэргээтилэр уонна биһирээтилэр. Бу туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Кирэдьиит тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга – тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр, тэрилтэлэригэр уонна урбаанньыттарга бэриллэр. Чэпчэтиилээх, кылгас болдьохтоох кирэдьиит сири оҥоруу үлэтигэр туһаныллар матырыйааллары, уоҕурдуулары, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин өрөмүөннээһиҥҥэ саппаас чаастары, тэриллэри атыылаһыыга уонна да атын сыалга бэриллиэн сөп.
Кирэдьиити биэрии болдьоҕо сыалыттан тутулуктаах. Кылгас болдьохтоох кирэдьиит биир сылга диэри бэриллэр. Чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныан баҕалаах аграрийдар миэстэтигэр, баан офиһа баар улууһугар сайаапка түһэриэхтэрин сөп.
Бүлүү дьокутаата
– Ил Түмэн дьокутааттарын үгүс бырыһыанын бырамыысыланнас хампаанньалара, бас-көс тэрилтэлэр салайааччылара ылаллар. Баан салайааччылара эмиэ хаалсыбатылар диэххэ дуу. Норуот дьокутаатынан талыллыбытыҥ төрдүс сылыгар барда.
– 2013 сыллаахха Бүлүү улууһуттан Ил Түмэҥҥэ «Сиэрдээх Россия» баартыйаттан испииһэгинэн талыллыбытым. Парламеҥҥа Бүлүү улууһуттан өссө икки дьокутаат баар. Юрий Окоемов уонна Иннокентий Григорьев эмиэ биир дойдулаахтарын интэриэстэрин туруорсаллар.
Билигин бэлиитикэҕэ аныгылыы көрүүлээх ыччат кэлэн, сэргэхсийии баран эрэр. Санааларын, туруорсууларын аһаҕастык этэллэр. Саҥалыы көрүү бэлиитикэҕэ, экономикаҕа даҕаны баар буолуохтаах дии саныыбын. Көлүөнэлэр солбуйсан иһэллэр. Олохпутун уларытар, таһымын үрдэтэр сыалтан бэлиитикэҕэ кэлбитим. Оннук хайысхалаах үлэлии сылдьабыт.
Мин бүддьүөт кэмитиэтин чилиэнэбин. Маны таһынан, тыа хаһаайыстыбатын кэмитиэтигэр бэрэссэдээтэли солбуйааччыбын.
– Үс сыл иһигэр кэккэ түмүктэри таһаарыахха сөп дии саныыбын. Билиҥҥи үйэҕэ үп-харчы боппуруоһа быһаарылыннаҕына, сайын иһигэр оскуоланы, балыыһаны тутан үлэҕэ киллэриэххэ сөп. Василий Васильевич, Ил Түмэҥҥэ бэйэҥ улууһуҥ тыын суолталаах боппуруостарын дьаныардаахтык туруорсаргын билэбин.
– Бүлүүттэн талыллыбыт дьокутаат буоларым быһыытынан, бастатан туран, бары күүспүн улууһум кыһалҕаларын быһаарыыга уурабын. Биллэн турар, Ил Дархан, бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн элбэх оскуола, оҕо саада тутуллар. Ил Түмэн ол бүддьүөтүн бигэргэтэр. Күүтүүлээх-кэтэһиилээх Бөтүҥ оскуолатын туттардыбыт. Инвестиционнай бүддьүөккэ киллэртэрэн, икки сыллааҕыта үлэҕэ киирбитэ. Спортивнай комплекс тутуутугар үлэлэһэ сылдьабыт, быйыл тутуллан бүтүөхтээх. Дьокуускай куоракка эрэ буолбакка, тыа сиригэр эмиэ оҕо саадтарын тутуу инники күөҥҥэ турар. Бүлүүгэ 200 миэстэлээх оҕо саада тутулла турар. Аны Бүлүүгэ биир даҕаны улахан балыыһа суох. Барыта ааспыт үйэ 70-80-с сыллардааҕы тутуулара. Эргэрэн бүттүлэр. Нэһилиэнньэтин ахсаана да элбэх. Ол иһин балыыһа тиһигин тутуутун туруорсабыт. Аны нэһилиэктэргэ ФАП-тар сабыллан, балаһыанньаны ыаратта. Эмчиттэр хамнастара төһө киһини эмтээбиттэриттэн, көрбүттэриттэн тутулуктанар буолла. Төһөнөн аҕыйах киһини эмтиигин да үбүлээһин кээмэйэ аччаан иһэр. Ити билигин дьэ тирээн турар кыһалҕаҕа кубулуйда. 500 – 600 нэһилиэнньэлээх пууннарга баар быраас элбэх киһини эмтиир кыаҕа суох.
Үс сыллааҕыта тыа хаһаайыстыбатын сокуона олоххо киириитигэр үлэлэспиппит. Бүгүҥҥү күҥҥэ улахан кыайыыбыт — үүт харчытын 35 солкуобайга диэри үрдэтээһин. Бу дьокутааттар уонна бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэллэрэ бииргэ үлэлээһиммит түмүгэ буолар. Мин бу сокуон барылын оҥоруу ааптардарыттан биирдэстэринэн буолабын.
– Василий Васильевич, тыа сирин олохтоохторугар үгүс үлэни ыыта сылдьаргыттан киһи эрэ үөрэр. Онон үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/