Балыыһаҕа көрдөрүнэргэ Арассыыйа үрдүнэн барыта 2,7 тлрн солкуобай көрүллүөҕэ

Бөлөххө киир:

Булгуччулаах медицинскэй страховкалааһын федеральнай пуондатын эһиилги бүддьүөтэ 2,7 трлн солкуобай буолара былааннанар. Бу сыыппара, сокуон барылынан, 2023 сылга – 2,9, 2024 сылга – 3 трлн солкуобайга тэҥнэһиэхтээх. Бу күннэргэ Судаарыстыбаннай Дуума бүддьүөт сокуонун барылын иккис ааҕыынан ылынна.

Пуонда дохуота сүрүннээн страховой төлөбүрдэртэн турар. Эһиил бу сыалга 2,4 трлн солкуобай (2023 сылга – 2,5, 2024 сылга – 2,7 трл солкуобай) көрүллэрэ былааннанар. Ону сэргэ судаарыстыба бүддьүөтүттэн эһиил 236 млрд солкуобай, 2023 – 326,8, 2024 – 335,1 млрд солкуобай барыаҕа.

Саха сирин булгуччулаах медицинскэй страховкатын пуондатын туһунан эттэххэ, быйылгы дохуоттаах чааһа 40,6 млрд солкуобайга тэҥнэспит. Ити сокуоҥҥа былааннаммытыттан 2,3 млрд солкуобайынан элбэх. Пуонда ороскуоттаах чааһа 40,7 млрд солкуобай буолбут.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0