Балынец салгыы күрэхтэһэр

Ааптар: 
20.09.2017
Бөлөххө киир:

Пауэрлифтинг аан дойдутааҕы федерацията (IPF) биир дойдулаахпытын, 2012 сыллааҕы Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердарын, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастарын Владимир Балынеһы сыл бүтүөр диэри күрэхтэһииттэн туоратар туһунан бэйэтин быһаарыытын көтүрдэ.

Бары билэргит курдук, атырдьах ыйын 9-13 күннэригэр Юлиторнио куоракка (Финляндия) буолбут Европа аһаҕас чөмпүйэнээтигэр биир дойдулаахпыт Владимир Балынец 59 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа сытан эрэ 171, 5 киилэ ыараханы өрө анньан аан дойду рекордун олохтообута, кыайыылааҕынан буолбута.

Наҕараадалааһын кэмигэр кини кууркатын нэлэккэйдэнэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин мэтириэттээх футболкатын көрдөрбүтэ. Ону пауэрлифтинг аан дойдутааҕы федерацията (IPF) итэҕэл, бэлиитикэ им бэлиэлэрин көрдөрүүнү бобор туһунан регламенын кэһии курдук ылыммыттара, ол иһин федерацияҕа спортсмены сыл бүтүөр диэри күрэхтэһииттэн туоратарга диэн сурук түһэриллибитэ. Кэлин Арассыыйа пауэрлифтиҥҥа федерациятын салайааччы Геннадий Ходосевич иһитиннэрбитинэн, кини Балынец иһин буруйу билиммитинэн, спортсмен бу быһыытын сирийэн көрүөх буолан эрэннэрбитинэн, Балынеһы сыл бүтүөр диэри күрэхтэһиигэ кыттарын бобор туһанан сайаапканы төттөрү ылбыттар. Онон ый курдугунан Владимир Балынец Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр кыттар кыахтанна.

Роман Попов, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0