Кэлэр нэдиэлэҕэ, ахсынньы 7 күнүгэр, «Балыктаах киэһэтэ» ырыаҕа ылламмыт Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕын нэһилиэгэр хаһан да умнуллубат, сүрэхтэн сүппэт үөрүүлээх тэрээһин буолаары турар.
75 сыллааҕыта Балыктаах орто оскуолата кэнчээри ыччат суолун түстүүр билии аартыгын арыйбыта. Аан маҥнай оскуола 1944 сыллаахха Күөллэрики сиригэр аһыллыбыта. Салайааччынан оччотооҕуга эргиччи талааннаах үтүөкэн киһи Иннокентий Баишев анаммыта. Кинини кытта бастакы учууталлар Александра Плотникова уонна Самсон Стручков айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
1957 сыллаахха саҥа тэриллибит Балыктаах бөһүөлэгэр оскуоланы көһөрөн киллэрбиттэрэ.
Ити кэмтэн ыла оскуола нэһилиэк киинэ буолан, үүнүү-сайдыы суолун өрө тутан кэллэ.
Биһиги оскуолабытыгар айылҕаттан талааннаах, уһуйааччы дьоһуна, үтүөкэн дьон үлэлээн ааспыттара. Ол курдук, дьон-сэргэ ини-бии Дмитрий, Василий Кычкиннар ааттарын, кинилэр бастыҥ үлэлэрин киэн тутта ахталлар, үрдүктүк сыаналыыллар. Онтон күндүтүк саныыр дириэктэрбит Егор Захаров үлэлиир кэмигэр үөрэх кыһата орто оскуола статуһун ылбыта, спортивнай саала тутуллубута, аан бастаан кэбиниэт тиһигинэн үөрэтии олоххо киирбитэ.
Саҥа үйэ үүнэн, олоҕу саҥалыы көрүү, уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр 11 сыл устатыгар дириэктэринэн үлэлээбит Ирина Черкашина оскуола сайдыытын саҥа таһымҥа таһаарбыта. Кини салайар кэмигэр араас хабааннаах үлэлэр көдьүүстээхтик тэриллибиттэрэ. Оскуола улууһу ааһан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар аата-суола ньиргийбитэ.
Ол курдук, үтүө дьыала көмөтүнэн үөрэнэр сүрүн куорпус саҥалыы тутуллубута. 2002 сыллаахха оскуола иһинэн социальнай интэринээт аһыллыбыта. 2005 сыллаахха дириэктэр көҕүлээһининэн нэһилиэккэ оҕо дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ.
2011 сыллаахтан оскуолабыт агро-оскуола статуһун ылбыта. Бу кэмтэн саҕалаан ыччаты үлэҕэ-хамнаска сыһыаран, тыа сирин олоҕор чугас, араас сатабыллаах, дьиҥ хаһаайынныы санаалаах көлүөнэни иитэн-үөрэтэн таһаарар сорук турар. Ол инниттэн сылгы иитиитигэр, оҕуруот үүннэриитигэр болҕомтобутун ууран, үлэлэһэн, ону сэргэ сезонунан үлэлэри былааннаахтык тэрийэн, бүтүн кэлэктиибинэн ылсан, сыллата үлэни-хамнаһы үрдүк таһымҥа таһаарарга дьулуһабыт.
Сайдыы-үүнүү төрдө — оҕо дьарыгын сатабыллаахтык тэрийии. Оскуолабытыгар «Тускул» оҕо түмсүүтэ үрдүк таһымнаах тэрээһиннэри ыытан, оҕолору түмэр, көҕүлүүр. Үөрэҕи таһынан үөрэнээччилэр эбии дьарыктарга сылдьан, талаааннарын арыйаллар, өйдүүн-санаалыын ситэн-тупсан тахсаллар.
Үгүс сылларга ыччаппытын кэрэ эйгэ ыллыгынан сирдээбит уһуйааччыларынан «Ыллыкчаан» оҕо бастыҥ үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Валерия Михайлова, “Күнчээн” ырыа ансаамбылын салайааччыта Яков Стручков, «Сатабыл» уруһуй, архитектура, дизайн устуудьуйатын салайааччыта Александра Габышева буолаллар.
75 үбүлүөйдээх сылын Айталина Мохначевская салайааччылаах орто оскуола кэлэктиибэ үгүс ситиһиилээх көрүстэ. Холобур, оҕолор чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктанан, араас ааҕыыларга ситиһиилээхтик кытталлар. Соторутааҕыта улууска ыытыллыбыт «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ үтүө түмүктээх буолла. Кэккэ сылларга ситимнээхтик үлэлээн кэлбит «Тыл хоһууна” бырайыак уоланнара бэйэлэрин ситиһиилэрин, дьарыктарын “Кэл, олор, сэһэргэһиэх” телевизионнай биэриигэ кыттан, өрөспүүбүлүкэ дьонугар-сэргэтигэр биллэрдилэр. Ааспыт үс сылтан бэттэх «Word skills» күрэһэр уолаттарбыт үгүс ситиһиилэннилэр.
Игорь Мохначевскай салайааччылаах мастан уһаныы дьарыгар оҕолор сөбүлээн сылдьаллар. Үлэлэрин быыстапкаҕа туруоран бастыҥнар кэккэлэригэр ааттаннылар.
Ити курдук, Балыктаах орто оскуолатын кэлэктиибэ биир сыалга түмсэн, улахан соруктары туруорунан сардаҥалаах сарсыҥҥыга, үтүмэн үлэҕэ, саҥа саҕахтарга ылсарга бэлэм.
Үбүлүөйүнэн сибээстээн, бу күннэргэ оскуолабыт олоҕун туһунан бэрт дириҥ ис хоһоонноох кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн таһаардыбыт.
Түгэнинэн туһанан, ахсынньы 7 күнүгэр Балыктаах орто оскуолатыгар оҕо саастара ааспыт выпускниктарбытын, эрчимнээх эдэр саастарын биһиги оскуолабыт сайдыытыгар анаабыт, Балыктаах оскуолатыгар үлэлээн ааспыт учууталлары үбүлүөйдээх тэрээһиммитигэр кэлэн кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Оҕо саас, дьоллоох саас сып-сылаас биһигэ — тапталлаах оскуолаҕыт эһигини олус күүтэр.
Ангелина ГОВОРОВА,
Мэҥэ Хаҥалас, Балыктаах орто оскуолатын учуутала.