«Балыктаах киэһэтэ» оскуола үбүлүөйүн айхаллаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕын олохтоохторо дууһаларын кылын таарыйар олус улахан суолталаах тэрээһиннэргэ кулууптарыгар  «Балыктаах киэһэтэ» ырыанан доҕуһуоллатан, бүтүн нэһилиэгинэн кэлэн үҥкүүлүүр үгэстээхтэр эбит.

edersaas.ru

Онон ааспыт нэдиэлэ субуотатыгар буолан ааспыт улахан тэрээһин нэһилиэк дьонун, ыраахтан-чугастан төрөөбүт нэһилиэктэригэр анаан мустубут балыктаахтары барыларын үҥкүүлэттэ.

Ол тэрээһин — Балыктаах орто оскуолатын 75 сыллаах үбүлүөйэ. Маннык суолталаах тэрээһиннэргэ үгүстүк сылдьыбыт киһи — соһуйдум, сэргээтим, астынным. Атын сиргэ көрбөтөхпүн олуһун сэргии, бэлиэтии көрдүм.

Бастатан туран, оскуола тиэргэнигэр киирээккин кытта паарта уонна дуоска эйиигин көрсө түһэр. Бу — 1944 сыллаахха Күөллэрики учаастак кулуубугар аһыллыбыт оскуоланы санатар оскуола мусуойун бастакы экспозицията.  Бастакы выпускниктар кинилэр саҕанааҕы паарталаах дуосканы көрөн, уйадыйбыттара чахчы.  Кырдьык да, киһи история кэрэһитин аттынан олус долгуйа ааһар.

1944 сыл – Аҕа дойду сэриитэ саамай үгэннээн турар кэмэ. Бу ыарахан кэмҥэ Мэҥэҕэ чугастааҕы алаастар оҕолорун түмэн, оскуолалары аспыттар. Күөллэрикигэ аһыллыбыт оскуоланы кэҥэтэн, 1945-1946  сылларга алын сүһүөх кылаастаах оскуоланы туппуттар. 1953 сыллаахха  сэттэ кылаастаах, 1960 сыллаахха — аҕыс кылаастаах оскуолалар аһыллыбыттар. 1967-1968  сылларга тыа сирин үөрэх кыһата  орто оскуола статустанан, ситэн-хотон, күн бүгүнүгэр диэри «Балыктаах оскуолата дуо?» диэн киэн тутта ааттанар.

Оскуола историятын кэпсиир эспэнээттэр көрүдүөрүнэн, кылаастарынан тардыллыбыттар. Манна кэлбит киһи бэйэтин кэминээҕи оҕо сааһын тыына илгийэр үтүө эйгэтэ үөскээбит.

Ол да иһин буолуо, оскуола бастакы выпускниктара үөрэммит кылаастарыгар киирэн: «Бу манна Мотя олорбута. Манан — Сэмэн. Таанньа уһун да баттахтааҕа…» — диэн санаһан, номнуо эһэ-эбэ буолбут дьон, бэйэлэрэ оҕо саастарыгар төннөн ыллылар.

Оттон бу выпускниктарга мустубут эрэ киһи  бары болҕомтотун хатаата. 1964 сыллаахха эдэркээн учуутал Мария Габышева Балыктаахха үлэлээбит. Оҕолорун кытта  учуутал 55  сыл буолан баран, быйыл көрсүбүт. Оскуолаларын үбүлүөйүгэр кылаас эрдэттэн бэлэмнэммит. Ол курдук, үбүлүөйдээх сылга ыам ыйын 30 күнүгэр Балыктаах оскуолатын 1964 сыллаахха бүтэрбит выпустар кылаас 24 оҕотун хас биирдиилэрин аатыттан сирень олорпуттар. Биллэн турар, билигин кинилэр кэккэлэригэр суох кылаас оҕолорун  аймахтара чугас дьоннорун ааттара бу сирень сибэккигэ үйэтитиллибиттэриттэн кылааһынньыктарыгар истиҥник махтаммыттара чахчы. Үүнээйини Балыктаах 7-c кылааһын үөрэнээччитэ Алик Гоголев сайыны быһа уу кутан оҕолообут. Эһиил ыам ыйын 9 күнүгэр — Улуу Кыайыы 75 сылыгар  бу 24 дьиктилээхэй үүнээйилэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын, тыыл бэтэрээннэрин  уонна Балыктаах бары олохтоохторун минньигэс сытынан дыргыйан, кэрэ көстүүнэн сырдаан, көҕөрөн, айхаллыы көрсүөхтэрэ.

Биһиги үүннэрбит маспытын  Алик Гоголев биир да өлөрбөккө, уу кутан оҕолообутугар махтанан туран, уолбутугар планшет бэлэхтиибит, — диэн 1964 сыллааҕы кылаас салайааччыта, билигин норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, профтех үөрэхтээһин туйгуна, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо Мария Габышева дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуолунан оскуола оҕотугар олус туһалаах бэлэҕи туттарда.

Ханнык баҕарар оскуола бэйэтин выпускниктарынан аатырар дииллэр. Балыктаах орто оскуолатыгар үөрэммит дьон оскуолаларын үбүлүөйүгэр кэлэн, култуурунай киин  тобус-толору киһинэн туолла. Бу буолар төрөөбүт оскуолаларын умнубаттарын, мэлдьи саныылларын туоһута.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0