Ил Түмэн ситэри толкуйдамматах федеральнай сокуоннарга үлэлэһиэхтээх.
edersaas.ru
Судаарыстыбаннай Дуума балыктыылларын сөбүлүүр дьоҥҥо (любитель) биир илиминэн төлөбүрэ суох бултууру көҥүллүүр сокуону 2020 сылтан олоххо киллэрэргэ быһаарда. Арассыыйа балыгынан баай судаарыстыба эрээри, сокуона мөлтөҕүнэн, туһанар балыгын аҥаарыттан ордугун омуктартан атыылаһар. Саха сиригэр балыктааһын — экономикабыт ночооттоох салаата. Баччааҥҥа диэри дьоҥҥо уста сылдьар балыгы атыылаһан бултуурга күһэллэн олороллор. Ыстараап кээмэйэ улахан буолан, балыктааччы да сэдэх. Сахалар төрүт олохтоох норуот быһыытынан статуспут суоҕунан, кэлии дьон кэккэтигэр сылдьабыт, айахпытыгар балыктаан аһыыр бырааппыт суох.
Киин Арассыыйа нэһилиэнньэтэ хойуу, балыктыыр сирэ кэмчи, онон саҥа сокуон онно барсар курдук. Дьокуускайга да өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин үстэн биирэ олорорунан ити сокуон ыарыыта суох ылыныллыан сөп. Оттон тыа сиригэр, холобур, Кэбээйи курдук саамай элбэх балыктаах улууска, нэһилиэнньэ аҕыйах, бэйэбит бултаан аһааһыммыт кыра, атыттары балыктаан аһатыахпытын наада. Балыкпыт төрүт баайбыт, дьэ ол баайбытын туһанар “ааны” сэгэтэ түһэр тоҕо бобулларый?
Урут Кэбээйитээҕи балык собуота сылга 1200 туонна балыгы бултаан туттарара, бары үлэтин судаарыстыба дотациятын көмөтүнэн толороро. Оттон билигин кыһыҥҥы тымныыга халыҥ мууһу алларан, оттук-уматык бөҕөтүн ороскуоттаан, биир илими үтэн аһыам этэ диэн ким балыктыы барыай? Сайынын тырааныспар ороскуота син-биир үрдүк уонна балык түргэнник буортуйарынан элбэхтик бултаммат. Онон бу сокуон нэһилиэнньэ балыгынан аһыырыгар көмөлөөҕө көстүбэт. Дьиҥинэн, ночооттоох үлэ буоларынан балыктаах сиргэ, куораттан тэйиччи сытар улуустарга «любитель» балыксыттарга балыктыыр учаастагы анаан туран көҥүллэнэр илим ахсаанын элбэтиэххэ уонна сайын сибиэһэй, кыһын тоҥ балыгынан эргинэллэригэр көҥүллэ биэриэххэ наада. Оччотугар сыана түһүө, нэһилиэнньэ остуолугар төрүт ас – балык баар буолуо. Сорох улуустар ис ырыынактарын баһылаан баран, балыктарын атын улуустарга, куораттарга таһаарыахтара, ол түмүгэр дьарыктаах, үлэлээх дьон элбии түһүө этэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ атын эрэгийиэннэртэн балыктааһыҥҥа туспа балаһыанньалааҕынан Ил Түмэн балыктыылларын сөбүлүүр дьоҥҥо көдьүүстээхтик үлэлиир сокуону тобулара наада. Онно күөллэргэ мелиоративнай үлэни ыытыы эмиэ көрүллүөхтээх, айылҕаттан наар көрдүү олорор — аньыы.
Кэбээйиттэн Никифор Терехов-Эмээки, «Саха сирэ» хаһыат edersaas.ru. сайтка анаан