Балык киһи доруобуйатыгар туһата, көмөтө

Ааптар: 
27.10.2018
Бөлөххө киир:

Балык киһи доруобуйатыгар туһатын туһунан истэн-истэн кэллэхпит. Ол эрээри, хайдах туһанары үксүбүт ситэ билбэт буолуохтаах. Саха ыалын халандаара туох сүбэни-аманы биэрбитин көрүөҕүҥ.


  • Былыр Тибеккэ улаханнык ыалдьан, күүһэ эстибит киһиэхэ нэдиэлэ устата иккитэ сордоҥ миинин иһэрдэллэрэ.
  • Карп уонна алыһар балыктар төбөлөрүн уҥуохтарын хатаран, бороһуок оҥорон хабах тааһырыытыгар уонна ыараханнык оҕолонор дьахтарга эмп быһыытынан туһаналлар.
  • Ииги туппат буолууга сордоҥ төбөтүн уҥуоҕун хатаран, бытарытан, бороһуок оҥорон, ыстакааннаах итии ууга кутан баран сойуппакка эрэ иһэллэр.
  • Малярияны эмтииргэ селедка балыгы сууйан, төбөтүн быһан ылан ыалдьыбыт киһи атаҕын тилэҕэр түүн устата пластырынан сыһыаран кэбиһэллэр. Сарсыарда селедканы ылан баран, ыарыһах атаҕын тилэҕин суунан кэбиһэр.
  • Наһаа сылайан, устунан төбөҥ ыалдьан бардаҕына, селедката сиэ, чэйдэ ис уонна утуйан сынньан.
  • Эргэлээх харах ыарыйдаҕына, сибиэһэй сордоҥтон ылыллыбыт үөстэн утуйуоҥ иннинэ 1 хааппылата таммалат. Бу түгэҥҥэ ыалдьыа, ону тулуй. Чыпчылыйыма.

Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!

Саха ыалын халандаара, 2016 сыл.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0