Балык дьаарбаҥкатыгар балыгы кыһыыга күөн күрэс мустубут дьон болҕомтотун ордук тарта.
edersaas.ru
Күрэскэ Булуҥ Тиксиититтэн уонна Усуйаана улууһуттан 4 эдэр киһи кытынна.
Бириистэрэ да ботуччу — тэлэбиисэр, суотабай төлөпүөн, мультиварка.
Бастакынан Никита Сыроватскай балыгын кыһан бүтэрдэ.
Иккиһинэн Валерий Куличкин үлэтин түмүктээтэ. Уолаттар күрэстэрэ мөккүөрдээх буолан биэрдэ. Никита түргэн буоллаҕына, Валерий кыһыыта хаачыстыбалаах диэн бэлиэтэннэ. Онон көрөөччүлэр быһаарыыларынан, кыайыылааҕынан Усуйаана бэрэстэбиитэлэ Валерий Куличкин буолла.
Мин түгэнинэн туһанан эдэр киһиттэн кыайыытын үллэстэригэр көрдөстүм.
— Усуйаана Казачьетыттан сылдьабын. Никиталыын биир хаһаайыстыбаҕа үлэлиибит. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр маннык олус наадалаах тэрээһиннэри ыытан, хоту улуустар балыксыттарын улаханнык өйүүллэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Балык дьаарбаҥкатыгар сыл аайы кыттабын. Быйыл кыайыылаах быһыытынан өссө тэлэбиисэр тутуурдаах бардым. Хос аайы тэлэбиисэрдээх буолуом, — диэн эдэр киһи үөрэ-көтө санаатын үллэһиннэ.
Никита Сыроватскай дойдутугар саҥа суотабай төлөпүөннээх тиийэр дьоллонно.
— Төлөпүөммүн дьиэбэр тиийэн көрүөм-истиэм. Балыгы быһаҕы сатаан туттар буолуохпуттан ыла кыһабын. Төрөөбүт аһым буоллаҕа. Хоттордум диэн хомойбоппун. Бастайааннай туттар, бэйэҕин кытта илдьэ сылдьар буолан, хата, төлөпүөн тэлэбиисэрдээҕэр өссө ордук курдук, — диэн бэлиэтиир бастакынан үлэтин бүтэрбит эрээри, мөккүөр быһаарыытынан иккис миэстэҕэ тахсыбыт Никита Сыроватскай.
Ити курдук, дьаарбаҥка биир сүрүн түгэнинэн буолбут балыгы кыһыы күрэһигэр биир тэрилтэҕэ үлэлиир Усуйаана уолаттара күннээтилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.