Балбаахтан биэс миэтэрэ үрдүктээх харыйаны оҥорбут Анатолий Филиппов

Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин олохтооҕо Михаил Боппосов үтүө бачыымын өйөөччүлэр бааллар. Ол курдук, Өлүөхүмэ улууһун 1 Нөөрүктээйи олохтооҕо Анатолий Филиппов 5 миэтэрэ үрдүктээх харыйатынан өрөспүүбүлүкэ дьонун сөхтөрөн турар. Бүгүн Анатолий Николаевичтыын төлөпүөнүнэн кэпсэттим.


—Михаил Боппосов оҥоһуктарын көрөн бараммын, онно чочулла илиги толкуйдаан, үс сыллааҕыта харыйаны оҥорбутум. Сэтинньиттэн балбааҕы сааһылаан уурталыырбын саҕалаабытым, ахсынньы 25 күнүгэр бүтэрбитим. Быһа холуйан, 400-тэн тахса балбааҕы туттубутум. Сулуһун ноһуомунан оҥорон, тоҥорон,  кырааскалаан баран харыйа төбөтүгэр күтүөппүнээн көмөлөөн иилбиппит. Хаар уулларан, ол уутугар кырааска булкуйан төгүрүк оонньуурдары оҥортоон киэргэппиппит. Гирлянданан ситэрэн-хоторон биэрбиппит. Нэһилиэгим дьоно-сэргэтэ үөрэн-көтөн, хайҕаан санаабын кынаттаабыттара. Аны харыйам туһунан интэриниэттэн көрөннөр, Санкт-Петербург хаһыатыгар хаартыскалаан, сэҥээрэн, сөҕөн суруйбуттар этэ. Бу оҥоһугум таах хаалбатаҕа, Өлүөхүмэ куоратыттан эрдэттэн үлэһэн, саас теплицаларыгар тиэйэн илдьэ барбыттара. Онон балбаах туһата элбэх.

Былырыын баччаларга, 2018 сылы көрсө, түөрт атахтаах доҕотторбут — дьиэбит харабылларын саҕа улаханнаах икки ыты ноһуомунан сыбаан оҥорбутум. Кыра буоланнар, икки күнүнэн бүтэрбитим. Быйыл Сибиинньэ сылын көрсө сыл бэлиэтин чочуйуом дии сылдьабын. Бэйэтин саҕа гыннахпына, үс-түөрт күнүнэн, нэдиэлэ иһинэн бүтэриэм. Бириэмэ баар, — диир тыа сирин олохтоох скульптора бэрт холкутук.

Маастар үлэтин билиҥҥиттэн саҕалыан, түөлбэ күрэстэһиитин түбүгэ ыкпыт. Онно хаарынан, мууһунан оҕолор оонньуулларыгар, дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанарыгар анаан кыыл-сүөл арааһын, сырылыы оонньуур сири, о.д.а. оҥороллор эбит. “Алгыстар” онно мустуохтаахпыт”, — диир. Итиэннэ бырааһынньыктарга күрэхтэһиилэр, куонкурустар куруук ыытыллар буоланнар, дьон көхтөөҕүн, кинилэр түөлбэнэн иккитэ бастаабыттарын этэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Анатолий Николаевич тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх, алта түөлбэлээх нэһилиэккэ урут түөлбэ начальнигынан, былырыыҥҥа диэри нэһилиэк дьокутаатынан үлэлээбит. Билигин нэһилиэгэр бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ буолан, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө ыытыллар күрэстэһиилэргэ, куонкурустарга бэлэмнэнэллэр.  Уопсастыбаннай үлэтин быыһыгар кэтэх хаһаайыстыбатын көрөр.  Түгэнинэн туһанан эттэххэ, бииргэ төрөөбүт убайдыы-бырааттыылар: Иосиф, Иннокентий, Анатолий Николаевичтар үһүөн уран тарбахтаах уус ааттаахтара.

Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: Филипповтар дьиэ кэргэн архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0