Балааккаҕа хоно сылдьан иистэнэр элбэх оҕолоох ийэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сордоҥноох нэһилиэгин таһыгар анаан мастаах сиргэ балаакка тардынан, икки нэдиэлэ курдук хоно сытан иистэнэр, таба тириитин субалыыр, тыс имитэр ийэ туһунан истэн олус соһуйбутум.

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Ол эрэ буолуо дуо, онно хонуктуу сытан хоһоон, кэпсээн суруйан, кус түүтүнэн араас хартыына оҥорон, дууһалыын сынньанан, сырдаан кэлэр идэлээх эбит. Бу туһунан Екатерина Таркова “Арктика эйгэтэ” быыстапкаҕа олорон кэпсээтэ. Кини Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгин төрүт олохтооҕо. 9 оҕо, үс сиэн тапталлаах ийэтэ уонна эб’тэ. Быыстапкаҕа сылдьан баран, аны эбээннэр сийиэстэригэр дэлэгээт быһыытынан кыттыахтаах. Ол кэнниттэн дойдутугар номнуо туруоран кэлбит балааккатыгар тиийэн, быйылгы үлэтин саҕалыахтаах.

Дьиэбэр киһи элбэх буолан, илиим-атаҕым бааллан хаалар курдук буолар. Ол иһин сылга иккитэ – саас кулун тутарга уонна күһүн балаҕан ыйыгар аспын-таҥаспын хомунан, оһохтоох балаакка туруоран баран, мунньуммут иэйиибин барытын таһаарабын. Оһохпун сып-сылаастык оттон кэбиһэбин. Саха араадьыйатын холбуубун да, бэйэм эйгэбэр киирэн хаалабын. Иистэнэрим, тыс имитэрим быыһыгар хоһоон да, кэпсээн да суруйабын. Эбэтэр хортуон дьааһыктан бааҥкаларга мунньубут түүлэрбин хостуубун. Кус үргүүр быраабыланы хайаан да тутуһабын: хаҥас уонна уҥа холлорун түүтүн тус-туспа араартыыбын. Түөһүн түүтэ эмиэ атын буолар. Кынаттарын арааран, туспа бааҥкаҕа мунньабын. Ити кэнниттэн түүнү өҥнөрүнэн араартыыбын. Ити аата уопсайа биэс араас бааҥкалаахпын. А-4 лиистэн кыылы дуу, көтөрү дуу эбэтэр үүнээйи арааһын кырыйабын. Сатаан уруһуйдаабаппын. Ол иһин кырыйарбын быдан ордоробун. Сүрүннээн, халба, ээмиллэ, кунньалгы кустар түүлэринэн үлэлиибин, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.

Екатерина Таркова норуот маастарын быһыытынан нэһилиэгин дьахталларын түмсүүлэригэр, оҕо саадыгар уонна оскуолаҕа иис уонна тирии имитэр куруһуоктары ыытар. “Хаһааҥҥыттан иистэнэр буолбуккунуй?” – диэн ыйытыыбар: “Үһүс кылааска сылдьан бастакы былаачыйабын тикпитим”, — диир. Эбээн талааннаах дьахтара бастакы кинигэтин — кэпсээннэрин хомуурунньугун 2011 сыллаахха бэчээккэ бэлэмнээн таһаартарбыт. Быйыл, өйөбүл буллаҕына, Экология сылыгар айылҕа туһунан хоһуйбут 100-чэкэ хоһоонун хомуурунньугун кинигэ гынан таһаартарар баҕалаах.

Гражданскай уопсастыба институтун миниистирэ Сардаана Гурьева кэлэн кэпсэппититтэн олус үөрдүм. Бу хартыыналарбын балааккаҕа хоно сылдьан оҥорорбун сэргээтэ, — диэн сэһэргэһээччим сонунун үөрэ-көтө үллэһиннэ.

Екатерина Таркова киин сиргэ кэлэн сэргэхсийэн, маастардар иистэрин көрөн-истэн, уопут атастаһан баран эрэриттэн олуһун үөрэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0