Балааһа эмээхсин күҥҥэ көрбүт суос-соҕотох баайа – бэйэтин курдук бүдүгүрэ кырдьан эрэр, сыта мээри буолбут, уһун түүлээх Маанньата. Бу билигин да иччитин күүтэн, түннүгү манаан олордоҕо. Хараҕын быһа симэн, нухарыйан ылар, оччоҕо уһун түүлээх саллаҕар төбөтө хоҥкуйан, аллара түстэр түһэн, муннунан түннүк холуодатыгар охсуллар. Аата, күн кыһалҕата суох барахсан, утуйан да хаалыан сөп этэ… Ону баара, иччитин кытары көстүбэт ситимнээх буолан, олохсуйбут үөрүйэҕэ күүстээҕэ сыттаҕа. Баччаларга иччитэ кинини кытары киһилии кэпсэтэ-кэпсэтэ, сылаас үүт кутан биэрэр буолара. Ол үүтүн ньалбаан баран, тот истээх, эмээхсин саҥатын ырыа курдук истэ сытан, курдьугунаан махталын биллэрэр, хатыҥыр ньилбэккэ утуйар саҕа үрдүк дьол суох буоллаҕа.
Таһырдьа быыһа суох хаар түһэн үллүктүүр. Атын тыаһы-ууһу, чаҕылхай өҥү, сырдык санаалары барытын ньимси баттаан, үллүктүү түһэр. Дьиэ иһэ ити саҥата суох бороҥ күүскэ бас бэринэн, им-ньим, арай, чаһы тыаһа эрэ өһөстүк тыһыргыыр. Кыараҕас түннүктээх, иҥнэйбит эргэ дьиэ күүһэ баарынан олоххо тардыһа сатыыр курдук – ону кылбаччы сууллубут кырааскалаах муостата, сиитэс да буоллар, куруһубалаах түннүк сабыыта, сибэккилээх ыскаатар, уран оһуордаах былыргы атыыһыт ыскааба, истиэнэҕэ ыйаммыт быысапкаламмыт хартыына уонна улаатыннарыллыбыт урукку хаартыскалар туоһулууллар. Хаартыскалары көрөн, бу дьиэҕэ урут атын олох баарын итэҕэйэҕин.
Эмээхсин кыыһыран силбиэтэнэн иһэрэ атаҕын тыаһыттан билиннэ. Маанньа ону эндэппэккэ биллэ. Көрөн-истэн чэмэлиҥнэтээт, сүрэҕэлдьээбиттии тыыллаҥнаата, айаҕын киэҥник атан сыҥааҕырдаата уонна бэрт чэпчэкитик муостаҕа ыстанан түстэ. Аан таһыгар ньылбыҥнаан тиийдэ. Ити кини иччитин көрсөр идэтэ. Ол эрээри, бу сырыыга, иччитэ кинини ымманыйа көтөхпөтө, имэрийэн ылбата.
Аан аһылла биэрээтин, кыракый уҥуохтаах, хатыҥыр эмээхсин киирэн кэллэ. Эргэ сукуна сонун устан, хаарын тэбээбитэ буолаат, сиитэс сабыылаах хаптаһын ыскаапка ыйаата, килиэптээх бакыатын устуулга уурда, атаҕар анньыммыт, сиэрэ суох улахан соппуоскатын уста барбакка, соһон саллырдаабытынан остуол аттыгар тиийэн, аҕылаабытын аһарда сатаан чочумча олордо, онтон таас кырапыынтан уу куттан истэ. Уолан хаалбыт омуртара түллэҥнээн ыллылар. Мырчыстаҕас сирэйэ ууну аһыырҕаппыт курдук, мырдыччы тутунна, харата көҕөрө өлбөөрбүт харахтарынан дьиэ иһин эргиччи көрдө да, тугу да өйдөөн көрбөт курдук. Лэппэччи кырыллыбыт күрэҥсийбит баттаҕын муос тарааҕынан тараанан ылла.
Маанньа сокуоннай тапталын өлүүтүн ылаары, курдьугунуу-курдьугунуу атаҕар эрилиннэ буолан баран, туох да өйөбүлү булбата. Киэр тэбиллэн, өлөрдүү өһүргэнэн, хоско куотта. Абатыттан ньааҕынаан ыла-ыла, санаатын уоскутан саланан ньалбаарытта уонна иччитин чөкөччү хомуллубут тимир оронугар ойон тахсан, сыттыгар сытынан кэбистэ.
Эмээхсин бэрт өр биир сири тобулу одуулаан олороот, дьигиһийэн ылла уонна тугу эрэ санаан кэлэн, бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии ботугуруу олордо:
—Көр эрэ, “хаһан өлөн сынньатар” диэтэҕэ үһү, сирэҕэс… Мин иннибинэ морбойоҥҥун саатыаҥ. Эн да кырдьарыҥ, ыалдьарыҥ ыраахтан буолуо суоҕа!. Хата өлө охсон үөрдүбэтэх эмээхсин буолуом ээ! Буобам кэллэҕинэ, мин даҕаны… Ити сирэйинэн атын үлүгэр аны харчы иэстии киирэрэ буолуо! Дьэ, итиэннэ биэрэн бэрт!
Балааһа икки өттүнэн иэҕэҥнии-иэҕэҥнии, өссө да өр ботугуруу олордо. Муостаҕа инчэҕэй суол хаалан, хаар иһэҕэ ууллан сытта. Боруҥуй өссө күүһүрбүккэ дылы буолан, муннуктартан үөмэн кэлэн, дьиэ иһигэр бэйэтин былааһын билиммиттии, бүтүннүү сабардаан кэбистэ.
* * *
Ити күнтэн ый кэриҥэ ааста. Бииртэн биир, туох да уратыта суох игирэ күннэр субуллан истилэр. Бу кэм устата дьиэ иһигэр туох да уларыйбата. Сарсыарда эмээхсин туран, эрдэ бэлэмнэммит маһынан оһоҕун оттор, куоскатын кытары көтөхсөн олорон чэйдииллэр. Ол олорон араадьыйанан сонуннары истэр, Маанньатыгар ол сонуннарын бэйэтин тылынан кэпсиир. Онтон дьиэ ис-тас үлэтин толорон, атаҕын соһон, төттөрү-таары тэйбэҥниир, киирэр-тахсар. Сылайан, сыта түһэр. Ол сытан, утуйан, мунна сурдурҕаччы тыынан ылар.
Күнүскү чэйин иһээт, чааскытын кумааҕынан сотон баран, бүлүүскэтигэр умса ууран кэбиһэр. Бу кэннэ эргэ сонун кэтэн, нэктийбит тииҥ бэргэһэтин таһынан былаатынан тууна баанан баран, маҕаһыыҥҥа, буостаҕа барар. Баҕар, кини күн аайы бородуукта, табаар атыылаһар харчыта суоҕа да буолуо. Ол эрээри, маҕаһыын – киниэхэ тыйаатыр уонна болуоссат кэриэтэ. Билэр дьонун көрсөр, сэлэһэн ылар, сонун истэр… Суос-соҕотоҕун дьиэҕэ бүгэн хаалыаҕын, ити маҕаһыына абырыыр. Оттон эрэллээх Маанньата кинини түннүккэ кэтэһэ хаалар. Ити курдук күнтэн күн хатыланар.
Бүгүн маҕаһыыныттан саҥа кэлэн олордоҕуна, хонтуора үлэһитэ дьахтар киирэн кэллэ. Бу дьиэҕэ мээнэ сылдьыбат хотун этэ. “Туохха мэҥийэн кэллэҕэй” диэн эмээхсин дьиэс-куос туттан көрүстэ.
— Дорообо, Прасковья Петровна, бу кыамматтар испииһэктэрин оҥоро сылдьабыт. Быйылгыттан оннук оҥорор буоллубут. Испииһэккэ киирдэххинэ, эбии харчы ылар үһүгүн. Онно эн докумуоннарыҥ наадалар, — дьахтар “бу ханна-ханна кэллим” диэбиттии тулатын көрүннэ, тас таҥаһын устубакка эрэ, устуулга тиийэн олордо. Эчи, мааныта да бэрт, куурусса уйатыгар алҕас киирэн хаалбыт куба курдук мөлбөйөн олорор. Кылабачыгас оҕуруолардаах бэргэһэтин устан, тобугар уурунна, сырдык нуорка саҕынньаҕын көннөрү нэлэкэйдэнэн кэбистэ.
— Эбии харчы диигин дуу? Бэйи эрэ, ол туох докумуона? – эмээхсин лаппыйан ыйытта.
— Оттон пааспарыҥ, биэнсийэҥ киниискэтэ, ИНН, СНИЛС…
— Туох-туох даа, оттон барыта манна баар, бэйэҥ көр, — дии-дии Балааһа көһүйбүт атаҕын көннөрө сатыырдыы бакаалаан тиийэн, ыскаабын арыйан, кырааската көөрөттөн түспүт ылтаһын хоруопканы аҕалла. Дьахтар ону сиргэммит курдук ылан, кумааҕылары бэрийэн барда.
— Туонньаа, тоойуом, чэй иһэриҥ буолаарай… – диэбитинэн, эмээхсин оһоҕун диэки баран истэҕинэ, дьахтара: “Ээ, суох-суох, ыксыыбын”, — диэн тохтотто. Наадалаах докумуонун булан, туох эрэ кумааҕыга илии баттатан баран, хонтуора үлэһитэ бэргэһэтин кэтэн, аан диэки барда.
— Ээ, арба даҕаны, умна сыстым дии. Ити ыалыҥ Осиповтар ийэлэрэ ыараханнык ыалдьыбыт. Били туох үһү, куһаҕан ыарыы дииллэр. Эмискэ биллэн, айманан олороллор. Москваҕа суһал эпэрээссийэҕэ барарыгар дьонтон харчы хомуйабыт, — дьахтар саараабыттыы туттан туран, саҥарда.
— Ээ, ол мин туоҕум кэлээхтиэй. Биэнсийэм сыыһа аспар-таҥаспар тиийдэҕинэ, таҥараҕа махтал, — диэтэ эмээхсин.
— Ээ, буолаахтыа, — диэн баран, дьахтар өссө төгүл дьиэни эргим-ургум көрдө, онтон үөһэ тыынан баран, тахсан барда. Атаҕын тыаһа аҕыйахта хоочугураан хаалла. Дьиэ иһэ эмиэ им-ньим буолла.
Балааһа балачча дөйбүт курдук олордо. Онтон эмиэ ботугураан киирэн барда:
—Дьэ, ити… Мээнэ айахтаппат куолута. Эн да кэһэйдэҕиҥ буолуо, тоҕо аҥардас эмээхсини үөхпүккүнүй? Айыы Таҥара барытын көрөн олорор. Хата, мин иннибинэ анараа тиийэн саатыаҥ… Мин да, Буобам кэллэҕинэ, атаҕастаппат эмээхсин буолуом! Үөхпүт буола-буола, сараһын!.. Айуу-айа, сиһим дэлби ыарыйда…
Маанньа итинник ботугурааһыҥҥа үөрэнэн хаалан, кыһаммат. Эмээхсин ньилбэгэр ойон тахсан, курдьугунуу-курдьугунуу, хараҕын симпитинэн барда.
…Бу күнтэн дьиэ иһигэр туох эрэ уларыйбыкка дылы буолла. Эмээхсин куруук туох эрэ санааҕа баттаппыт курдук, тугу гыныан да билбэккэ, төттөрү-таары тэйбэҥниирэ, ботугуруура элбээтэ. Маанньа түннүк холуодатыгар олорон, ону өйдөөбөтөхтүү көрүтэлиир.
Биир үтүө күн Балааһа матарааһын анныттан кичэллик сууламмыт бакыаты хостоон таһаарда. Хас да хос суутун арыйан, эрэһииҥкэнэн бобо бааллыбыт харчыны таһааран, эрбэҕэр силлии-силлии аахта. Онтон лоп курдук быһаҕаһын быһа тутан, туспа уурда, уоннааҕытын төттөрү суулаан ууран кэбистэ. Маанньа тугу да өйдөөбөккө, оронтон кини илиитин батыһа көрө олордо.
Эмээхсин харчытын кистээн баран, ороҥҥо ыараханнык олордо, куоскатын имэрийэ-имэрийэ саҥара олордо:
—Төһө да санааҕа туппут иһин, аньыыта бэрт. Мааппалыын урут ылсан-бэрсэн олордохпут дии. Хайа уонна кыра оҕолордоох ээ. Саҥа сиэннэнэн, эбээ буолар дьолу билэн иһэн, дьэ, ити… Оттон биһиги олоруохпут, Маанньаа, санаарҕаама! Хайдах эмэ гынан олоруохпут. Таҥаралаатахха, бии уол кэлэн, оттон, киһилии көмөр ини…
Балааһа хайдах эрэ эрчимнээх соҕустук туран, таҥнан баран, илиитигэр бакыатын туппутунан, таһырдьа таҕыста. Атаҕын тыаһа, хоочугураан иһэн, сүттэ. Дьиэ иһигэр эмиэ им-ньим буолла. Куоска куруук ыттар сиригэр, түннүккэ ойон таҕыста. Куруһубалаах сабыы нөҥүө күн уота остуолга оһуор ойууну түһэрдэ…
Ангелина Васильева-Дайыына.