Балаһыанньа көнөн, сөмөлүөттэр расписаниелара чөлүгэр түстэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Тыраныспар министиэристибэтин оперативнай ыстааба сөмөлүөттэр көтөр расписаниеларын чөлүгэр түһэриигэ тустаах миэрэлэри ылан эрэр.

Министиэристибэ  пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ былаастарын уонна хампаанньа салалталара кэпсэтиилэрин кэнниттэн «Толмачево» (Новосибирскай) аэропордугар хаайтаран олорбут S7 авиахампаанньа эриэйстэрин 400 пассажира Дьокуускайга көтөн кэллилэр.

Бу иннинэ Саха сиригэр  буола турар ойуур баһаардарын хойуу буруотуттан уонтан тахсалыы рейстэр көппөккө, дьон хаайтаран эрэйи көрбүттэрэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ балаһыанньа көнөн, аэропуортар үлэ штатнай эрэсиимигэр киирдилэр.

 

 Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0