Хоту таһаҕаһы тиэрдии. Балаһыанньа «байыаннай»!

Бөлөххө киир:

Кыһыҥҥы суолунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быйыл 707,7 тыһ. тонна таһаҕас тиэллиэхтээҕиттэн, олунньу 16 күнүнээҕи туругунан 250,7 тыһ. тонната тиэллэн, былаан 35,4% эрэ туолла.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

«Арктика суоллара» тэрилтэ Уус Куйгаттан Депутатскайга диэри 224 килэмиэтирдээх суолу хаартан ыраастан, таһаҕаһы тиэйэр массыыналарга табыгастаах трассаны бэлэмнээтэ. Сайылык сэлиэнньэтигэр үлэлии турар дизельнэй станцияҕа кулун тутар 20 күнүгэр диэри тиийэр дизельнэй уматыгынан уонна кэлэр ый 11 күнүгэр диэри тиийэр 156 тонна инчэҕэй ньиэбинэн хааччыллан олороллор. Билигин бу хайысханан ыарахан уйуктаах 4 тиэхиньикэ үлэлиир. Тумат сэлиэнньэтигэр суол аһылла илик буолан, балаһыанньа байыаннай. Тумакка 9 сууккаҕа эрэ тиийэр таас чохтоохтор.

Оттон Аллараа Халыма Андрюшкинотыгар уматык Орто Халыма улууһун Ойуһардааҕынан уонна Арҕахтааҕынан тиэллэр. Хочуолунайга билиҥҥитэ 80,5 тонна инчэҕэй ньиэп уонна 4,5 тонна дизельнэй уматык баар. Черскэй – Халыма – Андрюшкино хайысхатынан суолу оҥоруу салгыы ыытыллар. Олунньу 19 – 20 күннэригэр Арҕахтаахтан Андрюшкиноҕа үс К-700 тиэхиньикэ уонна биир «Трэкол» вездеход кэлэрэ күүтүллэр. Бу балар Халымаҕа диэри суолу оҥоруохтаахтар.

Орто Халыма Эбээҕэр уонна Өлөөкө Күөлүгэр 25 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах тиэхиньикэҕэ суол аһылынна. Березовкаҕа барыллаан сабаҕалааһынынан, олунньу 23 күнүгэр диэри суол аһылыахтаах.

«Якутоптторг» АУо 1170 т бурдугу уонна да атын социальнай суолталаах аһы-үөлү тиэйэн, миэстэтинэн 806 тонна тиэрдилиннэ.

Өрөспүүбүлүкэ 24 улууһун уонна Дьокуускай куораты социальнай суолталаах аһынан-үөлүнэн, ол иһигэр бурдугунан, саахарынан, үүнээйи арыытынан, кэнсиэрбэнэн, куруппанан, мокоруонунан, үүт кэнсиэрбэтинэн, тууһунан, чэйинэн «Якутоптторг» АУо хааччыйар.

«Якутскэнерго» ПАУо пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, «Сахаэнерго» Анаабыр улууһугар бэйэтин күүһүнэн 684 тонна уматыгы тиэйбит.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0