ТАҤАРИАНСТВО ҮӨРЭҔИНЭН БАЛАҔАН ЫЙЫН 14 КҮНЭ — КЫС СЭМЭН ЭБЭТЭР САЙЫЛЫКТАН КӨҺҮҮ КҮНЭ.
Православнайдар бу күнү Сэмэнэп күнэ дииллэр. Оттон Таҥарианство маннык бэлиэ күннэри сахалыы ааттыырга дьулуһар.
Ол курдук, от кэмигэр кэлэр бэлиэ күннэри Хотуур ууланыыта, Хотуур ортото, Хотуур хаалыыта диэн ааттыахха диэн буолла. Ити ааттар уруккуттан да бааллара. Оттон Сэмэнэп — Кыс Сэмэн диэн ааттанар.
Кыс — диэн кыстык диэн өйдөбүллээх, итиннэ мөккүөр суох. Сэмэнэптэн Сэмэн диэни ыллыбыт. Сэмэн диэн сахатыйбыт аат. Сэмэн православнайдыы Сэмэнэби кытары дьүөрэлии, онон дьон судургутук ылыныан сөп. Тоҕо Сэмэн буолла диэтэххэ бастакытынан, Сэмэнэп диэн нууччалыы араспаанньа. Иккиһинэн, киһи аатынан ааттаннаҕына араспаанньанан ааттыырдааҕар киһиэхэ чугас, истиҥ буолар.
Онон Кыс Сэмэнтэн дьон сайылыктан (даачаттан) кыстыыр дьиэлэригэр көһүүлэрэ саҕаланар. Бу күнү Кыстык эбэтэр Дьыл саҕаланар кэмин курдук өйдөнүө суохтаах.
Былыр от үлэтэ бу кэмҥэ түмүктэнэр этэ. Онон дьэ «Һуу» гынан бары бииргэ кыстыкка мустан алаадьылаах, булт, балык, үрүҥ ас эгэлгэтэ тардыллыбыт сандалытын тула олорон, аал уоту тигинэччи оттон, Айыылары, Иччилэри аһатан малааһынныыллара. Кыстык дьиэлээхтэргэ этэҥҥэ аастын диэн, Аал уоту үрүмэнэн күндүлүүллэрэ.
Кыс Сэмэнтэн тайах, таба сүүлэ киирэр. Куобахтанар, тайахха тахсыллар, өллөммүт эмис собоҕо илимнииллэр. Кустааһын бүтэһик күннэрэ. Бу кэнниттэн аҕыйах күн Дьахтар ыраастанар сайына диэн ылааҥы күннэр үүнэллэр. Онтон сыыйа халлаан тымныйан барар.
Кыс Сэмэнтэн АЛТАН КҮҺҮН саҕаланар.
Сыл кэмнэрэ үстүү түһүмэхтээхтэр. Ол курдук Күһүҥҥү кэм Көмүс күһүн, Алтан күһүн уонна Тимир күһүн диэннэргэ арахсар. Көмүс күһүн Хотуур ортотуттан – атырдьах ыйын 19 күнүттэн саҕаланар. Алтан күһүн – Кыс Сэмэнтэн, оттон Тимир күһүн — Иһийээнэптэн.
Көмүс күһүн кэмигэр сэбирдэх кыһыл көмүс өҥнөөх эбит буоллаҕына, Кыс Сэмэнтэн саҕалаан ол өҥө дьэбидийэн дьэс алтан дьүһүннэнэр. От-мас силиһэ үүнэрэ тохтуур (покой), онон бу кэмҥэ маһы көһөрөн олордорго табыгастаах бириэмэ.
Манна даҕатан эттэххэ, дьон үксэ от-мас сэбирдэҕэ хаһыҥҥа оҕустаран саһарар диэн өйдөбүллээхтэр. Дьиҥинэн сэбирдэх хаһыҥтан буолбакка, кырдьан саһарар. Ол курдук, күһүн күн кылгаан бардаҕына, бастакы сөрүүн күннэр, тымныы түүннэр саҕаланнахтарына, сэбирдэх уктаатын төрдүн ис өттүнэн ууну-аһы аһарбат халыҥ, буосканан бүрүллүбүт саҥа клеткалар үөскээн бараллар. Сотору кэминэн ол клеткалар сэбирдэҕи уунан уонна минералларынан хааччыйар тымырдарын бүөлүү үүнэллэр, ботаниктар ону разделительная пластинка диэрн ааттыыллар. Дьэ итинник бүө үөскээн, сэбирдэх уута-аһа тиийбэккэ өлөн барар, хлорофилл алдьанар, сэбирдэх күөх өҥүн сүтэрэн, саһаран көмүс өҥнөнөр. Биллэн турар, сылаас күһүн буоллаҕына сэбирдэх бытааннык саһарар.
Сайылыктан Кыстыкка көһүү кэмэ саҕаламмытынан Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлиибин!
Кыстык кэмэ, эбэтэр дьыл алтынньы 14 күнүттэн Кыһыҥҥы кэми ааҕар күнтэн саҕаланар. Кыстык кэмигэр сүөһү хотоҥҥо киирэн, бэлэм оту сиэн кыстыыр. Кыстык эбэтэр дьыл ыам ыйын 22 күнүгэр сайын саҕаланнаҕына бүтэр. Ону дьылы тахсыы дэнэр.
Күндү Саха сирин дьоно! Эһигини өссө төгүл Кыс Сэмэн күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Кыстыыр дьиэҕит сылаас, сандалыгыт толору астаах, бэйэҕит чэгиэн-чэбдик, дьоллоох буолуҥ!
Гавриил Угаров – Эһээ Дьыл,
биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы
Хаартыска: gallery.ykt.ru