Балаҕан ыйыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы “АйТи-куб” үлэҕэ киириэҕэ
Балаҕан ыйыгар Ньурбаҕа “Үөрэх” национальнай бырайыак иитинэн Саха сиригэр аан бастакы цифровой үөрэхтээһин “АйТи-куба” аһыллыаҕа. Бу, сылга 400-чэкэ оҕону босхо дьарыктыыр, саҥа сатабыллары иҥэрэр, аныгы кэм туруорар ирдэбилигэр эппиэттиир кыһанан буолуоҕа.
Бастакы хараҥаччы
Былырыын Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дойду Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ “Үөрэх” национальнай бырайыак иитинэн “Цифровая образовательная среда” федеральнай бырайыак сүүмэрдиир куонкуруһугар кыттан кыайбыта. Ньурбалар сүүрэн-көтөн, докумуонун оҥорторон хапсыбыттара. Инньэ гынан, 13 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумалаах федеральнай үп суотугар үөрэтэр-тиэхиньиическэй тэрили ылан, балаҕан ыйыгар аһаары, өрөмүөн үлэтин ситэрэ сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэттэн 100-тэн тахса тыһыынча солкуобай кыттыгас үбүлээһин көрүллүбүт. Ону таһынан, улуус өйөөн эбии штаты биэрбит уонна АйТи-куб киинин 600 кв. иэннээх дьиэтин дизайныгар сөп түбэһэрин курдук олоччу саҥалыы уларытарга, өрөмүөннүүргэ үбү көрбүт.
“Өрөмүөн сүрүн үлэтэ бүттэ, тэрилбит (оборудование) барыта кэллэ. Билигин ону таҥабыт уонна оҕолору сурутабыт. Сорох бырагыраама оҕоҕо 14 сааһыттан көҥүллэнэр. Онон хайысхатын таларыгар оҕо сааһын учуоттуубут. Баҕалаах оҕолору барытын ыла сатыыбыт. Сайын онлайн-оскуоланы ыыппыппыт. Онно сылдьыбыт оҕолор салгыы дьарыктаныахтарын баҕараллар. Билигин эбии сайаапкалары хомуйабыт. Биллэн турар, нэһилиэк оҕолоро эмиэ үөрэниэхтэрин баҕараллар эрээри, үөрэхпит олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) барар. Испииһэктэн таһынан тахсар түгэнигэр ыраахтан олорон үөрэтиигэ (дистанционно) оҕолору ылан көрүөхпүт”, — диэн улуустааҕы Оҕо научнай-тиэхиньиическэй айар киинин эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин дириэктэрэ Альбина Ермолаева кэпсиир.
6 хайысха
Оҕолор научнай чинчийиигэ уонна инженернэй, тиэхиньиическэй, инновационнай оҥоһуктар төрүттэригэр олоҕуран үөрэниэхтэрэ. Ньурбатааҕы АйТи-куб алта хайысханан үлэлиэҕэ: “Python-нан бырагыраамалааһын”, “роботтары бырагыраамалааһын”, “системнай администирование”, “алгортмика уонна логика төрүтэ”, “мобильнай оҥоруу”, “VR-сыһыарыынан оҥоруу”. Үөрэнээччилэр аҥаардастыы информационнай технологиялары эрэ үөрэтиинэн муҥурдаммакка, бэйэлэрэ бырагыраамалыыр бырайыактары оҥоруохтара. Сакаасчытынан өрөспүүбүлүкэ биллэр IT-хампаанньалара буолуохтара дииллэр. Тустаах киин бары хайысхатыгар сыл устата 7-18-гар диэри саастаах 400-тэн аҕыйаҕа суох оҕону хабыахтаах.
12 уһуйааччы
Аныгы тиэхиньикэ букатын атын оҥоһуулаах, туспа бырагыраамалаах. Манна уһулуччу сатабыл, билии ирдэнэр. Уһуйааччыларынан кимнээх үлэлииллэрэ быһаарыллыбыт. Биир хайысхаҕа иккилии педагог көрүллэр, онон 12 уһуйааччы үөрэтэргэ бэлэм.
Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Алевтина Аргунова өйөбүлүнэн АйТи кубка үлэлиэхтээх 9 уһуйааччы соторутааҕыта Хабаровскай куоракка үөрэх сессиятыгар баран кэлбит. Манна кинилэр үөрэх хаамыытыгар туһаныахтаах сатабылларын дириҥэтэн үөрэппиттэр. Кыттааччылар бэйэлэрин хайысхаларынан аныгы эбии үөрэхтээһин сүрүн чааһын, үөрэтии ньыматын сэргэ, үөрэх хаамыытыгар туһаныллар араас бырагыраамалар уонна технологиялар барыйааннарын олоххо киллэрии тус уратытын көрбүттэр. Ол иннинэ ыраахтан олорон (дистанционно) эмиэ үөрэх сессиятын ааспыттар. Онон бары оҕону үөрэтэр кыахтаахтарын туоһулуур сэртипикээттэри, дастабырыанньалары туппуттар. .
Былааннар
АйТи-кубу балаҕан ыйын бүтүүтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһан, алтынньыттан үлэлэрин саҕалыыр санаалаахтар. Манна үөрэх сүрүн 6 хайысхатын таһынан, араас маассабай тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри, хакатоннары тэрийэр былааннаахтар.
Санатан эттэххэ, Арассыыйа үрдүнэн быйыл 70 маннык киин үлэҕэ киириэхтээх. Онтон 2024 сылга диэри 340 АйТи-куб былааннанар. Быйыл — Ньурбаҕа, эһиил — Дьокуускайга, 2022 сылга — Мииринэйгэ АйТи-куб аһыллыаҕа.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru